Туой Хайа алдьархайын туһунан романы ким таһаарыай?

Гавриил Иннокентьевич Адамовы кытта мин уонтан тахса сыллааҕыта билсибитим. “Илгэ” издательскай дьиэҕэ “Саха спорт” сурунаалы таһаарар кэммэр,“Байанай” сурунаал коллективын кытта бииргэ муҥхалыы сылдьыбыппыт. Онтон ыла редакцияҕа, атын да сиргэ дөрүн-дөрүн көрүстэхпитинэ ытыгылаһан үөрэ-көтө дорооболоһон, бириэмэ баар буоллаҕына тыл бырахсан сэһэргэһэн ааһарбыт.

Кэлин билбитим, Гавриил Адамов Сайдам диэн псевдонимнаах биллэр прозаик, поэт, дьиҥ-чахчы норуот педагога эбит. Кини суруйбут кинигэлэрэ барыта аныгы кэми анааран көрөр, тыа сирин бүгүҥҥү кыһалҕатын арыйар, сүбэлиир, саҥаҕа сирдиир туһаайыылаахтар, иитэр-үөрэтэр хайысхалаахтар. Манна ааҕааччы Айылҕа уонна Киһи хардарыта сыһыаннарын, сэбиэскэй былаас эстэн, дойду ырыынак сыһыаннаһыытыгар көһөр, сопхуостар ыһыллан тыа сиригэр тыһыынчанан киһи үлэтэ суох хаалар, олохторун отуора алдьанар кэмнэригэр сахатын дьонун дьылҕатыгар кыһаллыыны, долгуйууну көрөр. Ону тэҥэ хоһоонноро дириҥ бөлүһүөктүү ис хоһооннордоохтор, бүгүҥҥү киһиэхэ сиэр-майгы өйдөбүллэрин санатарга, өйдөтөргө, иҥэрэргэ туһуланаллар. Ол курдук, мин кини “Хаһан итэҕэйэллэр, бу?!” (2012) диэн сэһэнин, хоһооннорун хомуурунньуктарун –  “Олох, таптал, арыгы…” (2010),  “Үтүө баҕа санаам миэнэ” (2014), “Оҕо – төрөппүт дьоло” (2014), “Сиэри тэпсии – аньыыга тиэрдии” (2019) бэлэх тутан улаханнык сэҥээрдим, аахтым. Маны таһынан “Быыбар? Быыбар?” уонна “Дьыбардаах дьылҕа” диэн сэһэннэрин ааҕааччылар сэҥээрбиттэрэ. Икки улахан сэһэннэр суруллан баран, үп көстүбэтинэн сыталлар, хас да айымньы сурулла сылдьаллар.

Хоһооннорун ааҕа олорон, мин кырдьаҕас учууталбын, аҕа табаарыспын, көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын уонна Саха АССР үтүөлээх тренерин Николай Иванович Сафоновы санаан кэлэбин. Эмиэ Гавриил Иннокентьевич курдук сахатын дьонун сырдыкка сирдиир, ыччат кэнэҕэски кэскилин түстүүр дьүккүөрдээх педагог, суруйааччы уонна хоһоонньут.

Гавриил Иннокентьевич кэнники сылларга СР Үөрэхтээһинин сайдыытын институтугар үлэлээн, тыа сиригэр, улуустарга, саха норуотун мындыр педагогикатыгар олоҕурбут, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ураты көрүүлээх,  сүрдээх киэҥ хабааннах программалары оҥорон, оскуола оҕолоругар “Сир саҥа эдэр хаһаайына”, “Мин дэриэбинэм инники кэскилэ” диэн бырайыактары оҥорон,  ыччаты өбүгэлэрин төрүт дьарыктарыгар сыһыарар хайысхалаах үгүс өрүттээх үлэни ыытар. Бу туһунан мин кэлин туспа анаан суруйуом.

Биир ый анараа өттүгэр көрсөн, Гавриил Иннокентьевич миэхэ саҥа суруйуутун билиһиннэрдэ. Дьиҥэр,“Атаҕастабыллаах кырдьык” диэн бэйэтэ ааттаабытынан уус-уран историческай романын өссө 2016 сылга саҕалаабыт уонна 2017 сыллаахха түмүктээбит. Кинигэ бэчээттэниитигэр Мииринэйтэн көмө көрдөспүтэ, ол сыл элбэх киһи сиэртибэлээх шаахтаҕа абаарыйа буолан кыаллыбатах.

Бу 250 страницалаах, киэҥ хабааннаах айымньытын Гавриил Адамов бэйэтэ хаһан да сылдьыбатах, атаҕа үктэнэн көрбөтөх Мииринэй оройуонун Туой Хайа бөһүөлэгин ыар дьылҕатыгар анаабыт. Кини чурапчылары көһөрүү алдьархайын бэйэтэ билэр буолан, онтон Туой Хайа ыарыытын, дьулаан дьылҕатын табаарыһа, СР Үрдүкү Суутун урукку судьуйата Михаил Егоров кэпсээннэриттэн чугастык ылынан, бу романы суруйбута.
Бу роман 1940-с сыллар бүтүүлэриттэн билиҥҥээҥҥэ диэри кэми хабар. Аҕа дойду Улуу сэриитин охсуута – Чурапчы холкуостаахтарын хоту балыкка туох да бэлэмэ суох көһөрүү, уонна Саха сиригэр алмаас промышленноһын сайыннарар сыаллаах Бүлүү өрүскэ ГЭС тутуутугар  Туой Хайа бөһүөлэгин уу далайыгар тимирдии – бу омуос көрдөххө бэйэ бэйэлэригэр улахан сибээһэ суох курдук иэдээннэр биир ыал олоҕунан ситимнэнэн көрдөрүллэр.

Иккиэннэригэр сэбиэскэй былаас бэйэтин соругун толороору, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү оҥорор сөптөөх тылларынан саптынан, ол норуот бэрэстэбиитэллэрин тус дьылҕаларыгар кыһаллыбакка, этэргэ дылы, улуу массыына хамсыырыгар биирдиилээн “шестеренкалары” харыстаабакка дьаһанара билиҥҥэ диэри салҕанан бара турар. Ону таһынан, Гавриил Адамов Саха сирин олохтоохторо сир баайын чинчийиигэ, аан бастаан ол үтүмэн баайы хостооһуҥҥа улаханнык өрө көтөҕүллэн, эрэнэн туран кыттыһан баран, онтон тугу да туһаммахпытыттан хараастар, абарар-сатарар. Мэҥкээрэптэр дьиэ кэргэн олохторун хаамыытынан бу хамсааһыны ырылыччы арыйан, Саха сирин олоҕо хайдах курдук уларыйан, партия уонна правительство күүрээннэх лозуннара токурутуллан, көннөрү дьоҥҥо хайдах курдук харса-хабар суох суостаахтык, уодаһыннаахтык дьайбыттарын кэпсиир. Туой Хайа олохтоохторо төрөөбүт-үөскээбит, дьоллох саастара ааспыт түөлбэлэрэ, өбүгэлэрин көмүс уҥуохтара Бүлүү ГЭС муоратын анныгар тимирдиллэн хаалбытын үгүс сыллар ааспыттарын иһин умнубаттар, сүрэхтэрэ ытыыр…

Бу ааспат аһыыны, харах уулаах чахчыны биһиги быйыл олунньу ыйга аҕа табаарыһым, биллиилээх эколог Иван Бурцев “Туой Хайа“ диэн пьесатынан спектаклы Маргарита Соколова режиссердаах Бүлүү норуодунай театрын коллектива туруорбутугар долгуйа көрбүппүт.

Гавриил Адамов романыгар билигин да тахса турар промышленноһы кытта сибээстээх кыһалҕалар, хоромньулар бүгүн үөскээбэтэхтэрин, өссө сэбиэскэй кэмтэн силис тардалларын итэҕэтиилээхтик суруйар. Ол курдук, Саха сирин олохтоохторо алмаас, көмүс, о.д.а. баайдар мантан хостоноллоруттан тугу да туһамматтарын, кинилэр ити промышленноһы атахха туруорарга оруоллара, киллэрбит кылааттара ситэ сыаналамматаҕын, ону таһынан бу промышленнай тэрилтэлэр туох да хонтуруола суох, бас-баттах үлэлииллэрин түмүктэригэр олохтоох нэһилиэнньэ олоҕо огдолуйбута, тыһыынчанан киһи доруобуйатыгар көммөт охсууну ылбыттара, онтон сиэттэрэн экология боппуруостара инники күөҥҥэ тахсыбыттара, олохтоох дьону үрдүк хамнастаах промышленность үлэлэригэр ол саҕаттан чугаһаппаттарын биһиги бары көрө-истэ сылдьарбыт бу айымньыга өссө төгүл көстөр.

Чурапчыттан көһөрүллүүнү оҕо сылдьан бэйэтин этинэн-хаанынан билбит Анисья Мэҥкээрэбэ Аҕа дойду сэриитигэр баран кыргыһыы хонуутугар охтубут аҕата оҥорбут холбукатыгар уга сылдьан, сааһын тухары суруммут күннүгэ көлүөнэлэр сибээстэрин, аҕа саастаах дьоммут кэлэр ыччаттарга бэйэлэрин кэриэстэрин тиэрдэргэ дьулуһууларын арыйар. Кини кэргэнигэр Сэмэҥҥэ, оҕолоругар, ордук улахан уолугар Алексейга туһаайан, биһиги олохпутугар үрдүкү дьаһалта ханнык баҕарар сорудаҕын толорорго бэлэм, уһуну-киэҥи толкуйдаан көрбөт бардам Тойон уонна кэскиллээх үлэни түстүүр, аныгылыы көрүүлээх Салайааччы  араастаһыыларын өйдөтөр. Бүгүҥҥү күҥҥэ үрдүк хамнастаах тутуу үлэлэрин кэлии дьоҥҥо онтон тус бэйэлэрэ эрэ туһанар туһуттан үҥүлүтэр кэмэлдьилээх быстах кэмҥэ кэлбит тойотторбут, ол түмүгэр дьиэ сыаната күннэтэ ыарыы турар  чахчылара биһиги олохпутугар бааллар. Ол да буоллар биһиги бастыҥ ыччаттарбыт ити харгыстартан иҥнибэккэ айа-тута сылдьаллар, дойдуларын, бар дьоннорун туһугар оҥорбут үлэлэринэн киэн тутталлар, онтон дуоһуйууну ылаллар. Итинник түмүк инииикибитигэр эрэли үөскэтэр, эрэх-турах санааны олохтуур.

“Атаҕастабыллаах кырдьык” роман рукопиһын ааҕан баран, бу айымньы хайаан да кинигэ быһыытынан тахсан, ону ааһан, нуучча тылыгар тылбаастанан киэҥ араҥаҕа тахсара булгуччулаах, кэм ирдэбилэ буолла дии саныыбын. Манна суруйааччылар ассоциациялара бэйэтин былааныгар киллэрэн, онно эбии саха норуотун инникитин көрөр кыахтаах, үптээх-астаах дьоммут көмө-ньыма буолаллара ирдэнэр. 

Поделиться:

Комментарии закрыты.