Бу соторутааҕыта биһиги республикабытыгар Уһук Илиҥҥэ сир баайын хостуур тэрилтэлэр форумнара буолан ааста. Билигин Саха сирэ бүтүннүүтэ биир улахан сир баайын баһан ылар карьер буолан турар кэмигэр, бу боппуруос хас биирдии биһиги биир дойдулаахпытын долгутар. Ол гынан баран, ол форумҥа общественность бэрэстэбиитэллэрин ыҥырбатылар, норуокка туох туһунан кэпсэтии буолбутун киэҥник иһитиннэрбэтилэр.
Онтон сотору буолан баран, “Саха” НКИК биэриитигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар алмаас туруубкалара көстүбүтүн, бу чугастааҕы кэмҥэ ону хостооһун саҕаланыан сөбүн кэпсээбиттэрэ. Чыамайыкыга биирэ Өлүөнэҕэ, иккиһэ Аммаҕа түһэр үрэхтэр бааллар. Алмаас ханнык да ньыманан хостоммутун иһин, син биир онно элбэх уу туттуллара сабаҕаланар уонна үлэҕэ туһаныллыбыт ууну харайыы, ыраастааһын хайдах быһаарыллара биллибэт. Ол сүлүһүннээх тобохтор икки улуу Эбэлэрбитин сүһүрдүөхтэрэ суоҕа диэн ким мэктиэлиэй? Сүрэх баастаах дьон Саха сиригэр соҕотох арыый ыраас хаалбыт Амма өрүспүтүн харыһыйан улаханнык долгуйдубут.
Онто да суох сир баайын хостооччуларбыт Уус Майда, Алдан, Нүөрүнгүрү үгүс үрэхтэрин хастыы да сыл киртитэн кэллилэр да, күттүөннээх эппиэти сүкпэтилэр.
Арай бу күннэргэ «Аар Айылҕа харыстабылыгар!» Саха сиринээҕи экологическай хамсааhын бу туһунан суругар СР айылҕаны харыстыыр борокуруора П.Н Слепцов бэрт улахан кээмэйдээх (бүтүн 4 сирэйгэ), дьоһуннаах хоруйу ыытта. Онно Саха сирин илин уонна соҕуруу улуустарыгар өрүстэри-үрэхтэри киртиппит сир баайын хостооччуларга туһааннаах миэрэлэр ылынылларын иһитиннэрдэ.
Бу сонун общественнай экологтар сэҥээриилэрин ылла. Этэргэ дылы, аал баһа хоҥноору гынна дуо? Айылҕабытын алдьатааччылар уодьуганнанар кэмнэрэ кэллэ дуо?
Билигин Арктикаҕа сир баайын хостуурга далааһыннаах үлэлэр саҕаланаары тураллар. Онно айылҕа харыстабылын бары сокуоннара тутуһуллаллара булгуччулаах. Ол олоххо киириэ дуо?
Онтон биһиэхэ билиҥҥи кэмҥэ саамай уталытыллабат ирдэбил — Саха Республикатыгар “икки күлүүс сокуонун” төнүннэрии. Манна норуот дьокутааттара, республика салалтата бииргэ үлэлэһэн, быһарыылаах хардыылары оҥороллоро ирдэнэр.
Владислав КОРОТОВ.
«Кыым» хаһыат, 25.01.2024 с.