Онтуон бэлэҕэ

Бүгүн эмиэ күндү бэлэх туттум. Нам Бастакы Хомустааҕар олорор доҕорум, спорт энтузиаһа, улуус спордун историятын үйэтиитинэн дьарыктанар Анатолий Михайлович Софронов-Онтуон “Дани-Алмас” кинигэ кыһатыгар сабыс-саҥа таһаарбыт икки кинигэтин бэлэхтээтэ. Мин киниэхэ ааспыт сылга таһаарбыт Бэрдьигэстээххэ 2021 сыллаахха ыытыллыбыт Манчаары оонньууларын туһунан фотоальбоммун утары ууннум.
Бастакыта – “Нам улууһун спордун сулустара” диэн 116 страницалаах, кытаанах тастаах, бэртээхэй ис хоһоонноох, олус элбэх элбэх информациялаах – Эҥсиэли хочотун спордун дьиҥнээх энциклопедията буолбут. Мин иллэҥ кэммэр таптыыр дьарыкпар – Саха сирин спордун энциклопедиябар туһанарбар бэлэм матырыйаал.
Иккис кинигэтэ бэйэтин төрөөбүт дойдутун – I Хомустаах спортсменнарын биографияларын, ахтыылары хомуйан бэлэмнээбит, 192 сирэйдээх «Аан бастакынан…» диэн аатаах астык кинигэ.
Онтуон бу иннинэ спорт туһунан 3 кинигэни суруйан таһаарбыта, онтон бу биир кэмҥэ өссө икки кинигэни суруйан, дьоһун үлэни оҥорбут. Махтал, Анатолий Михайлович!

Поделиться:

Комментарии закрыты.