"Умнуллубат 10 кылаас"
Дьэ эрэ, доҕоттор, биһиэхэ үтүө түгэммит үүннэ. Сунтаарга орто оскуоланы бүтэрбиппит 50 сыла бу тиийэн кэллэ. Үйэ аҥарын тухары бэйэ-бэйэбитин сүтэрсибэккэ, “эн-мин” дэһэн тиийэн кэллибит. Сэбиэскэй былааска төрөөн, улаатан, үөрэнэн, үлэлээн, олорон аастыбыт. Олохпут иккис аҥара саҥа Россияҕа ааһар. Бу сыллар тухары бары да үгүс үөрүүнү, олох аһыытын-ньулуунун да, ыар сүтүгү да билэн тиийэн кэллибит. Онон ким хайдах үлэлээн, олорон кэлбитин түмэн, ахтыыбытын суруйан кинигэ таһаарар баҕабытын толорор буоллубут. Кэлин бу кинигэбитин оҕолорбут, сиэннэрбит, аймах-билэ да дьоммут ааҕан билиэхтэрэ-көрүөхтэрэ турдаҕа.