Брызгаев Прокопий-Бөҕө Тараҕай – якутский силач

Родился в 1885 г. в Боотурусском улусе (ныне – с.Мырыла Чурапчинского улуса). Как писал известный борец М.Сибиряков, рост его был около 185 см, а вес составлял около 8 пудов (128 кг). Еще до революции знаменитый купец-меценат Г.В.Никифоров-Манньыаттаах уола организовал поединок Н.Брызгаева с 10 сильными соперниками, во всех схватках Бөҕө Тараҕай одержал победы. В течение 30 лет занятий борьбой ни разу не проиграл ни одной схватки. Его сын Никон Прокопьевич Брызгаев – также отличный хапсагаист.

Икки атахтаахтан охтубатах Чурапчы ааттааҕа

Автор: Петр Павлов | 13.05.2020

Мырыла бөһүөлэгин Амма өрүс кытылын кэрэ айылҕата тулалаан сытар. Дьэ, бу сиргэ 1882 сыллаахха ааттаах-суоллаах Бөҕө Тараҕай төрөөн-үөскээн олорон ааспыта. Кини сайылыга Мырылаттан соҕуруу, икки биэрэстэлээх сиргэ, Чурапчылыыр аартык чугаһыгар баар.

Уруккута итиннэ Бырыскаайаптар аҕа уустара бэйэтэ кыра түөлбэ буолан, түмсэн олорбуттара. Өтөхтөрүн оннулара сорохторо билигин да бааллар. Тихон Бырыскаайап сылы-сыллатааҕы үс уоллаах эбит, хас кыыстааҕа биллибэт. Улахан уол – Бөҕө Ньыыкан, орто уол – Борокуоппай (Бөҕө Тараҕай), кыралара – Өндөрөй (Охсуһуулаах Өргөөх). Улахан уол Ньыыкантан оҕолор төрөөннөр, кинилэртэн Саха сиригэр балачча биллэ сылдьыбыт икки спорт маастара – Никон диэн тустуук уонна Иван диэн атах оонньуутунан дьарыктанар сиэннэр бааллар. Кинилэри дьон-сэргэ быһаччы “Бөҕө Тараҕай сиэннэрэ” диэн ааттыыллар.

Тоҕо диэтэххэ, Бөҕө Ньыыкан төһө да буулаҕа күүстээҕин иһин, ханнык да көрүҥҥэ оонньоспотох буолан, киэҥник биллибэтэх. Оттон Бөҕө Тараҕай ыраахтааҕы саҕана да, Сэбиэскэй былаас кэмигэр да, хапсаҕайдаһан икки атахтаахтан охтубатах бөҕөһүнэн биллэр. Быһатын эттэххэ, саха Поддубнайынан буолар. Бүтэһигин, автономия уон сылын туолар үбүлүөйүгэр, 1932 сыллаахха Чурапчыга “тулустаҕына кини тулуһуо” диэн анаан-минээн ыҥыран аҕалбыт Уус Маайа ааттааҕын, эмиэ дуулаҕа күүстээх Дойо Уола диэн ааттаах бөҕөһү охторбут. Бэрт соторутааҥҥа диэри ол тустууну өйдүүр кырдьаҕастар баар буолаллара. Кинилэр: “Лачыгыратыһан, кырдьык да, олоҥхо бухатыырдарыгар холоонноох тустууну көрбүппүт”, – диэн сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ.

Оттон Охсуһуулаах Өргөөхтөн кини аатынан ааттаммыт кыра уола Андрей Брызгаев боксаҕа спорт маастара этэ, соторутааҕыта өлбүтэ.

Бөҕө Тараҕай убайынаан Ньыыканныын эдэр саастарыттан Ноху үрэх ыырынан бултаан, сүөһү, сылгы ииттэн олорбуттар. Бөҕө 25 сааһыттан ыла улахан түһүлгэлэргэ тахсар буолбут. Тустарын таһынан ыараханы көтөҕүүгэ уонна мас тардыһыытыгар эмиэ кыттара үһү. Онтуката кэмигэр чуолкайдаммакка, умнуллан хаалбыттар.

Биирдэ Дьокуускайга тустан, куорат кулубатын охторбут. Ону “киһиҥ иэстэһиэ, дьону ыытан туттарыа” диэн табаарыһа Уйбаан түүннэри тыынан Аллараа Бэстээххэ туоратан биэрбит үһү. Биир хайа эрэ улуус тустууга этин арыынан соттон баран киирэн, бэрт уһуннук таба туттарбакка эрэйдээбитин хатыйан охторбутун туһунан Бөҕө Тараҕай кыһыйан-абаран туран кэпсиирэ үһү. Кырдьан баран, 50-с сыллардаахха, Үрдүкү Сэбиэс бэрэссэдээтэлэ Нартаховаҕа приемҥа киирэ сылдьыбытын туһунан кэпсээбит. Онно кини: “Эн тускунан истэбин, билэбин”, – диэн баран, биир кэмнээх көмө чиэгин суруйан биэрбитин астынан, хара өлүөр диэри дьоҥҥо кэпсээн оҥосто сылдьыбыт.

Бэйэтин кэмигэр элбэх сүөһүлээх буолан, кулаахтааһыҥҥа түбэһэн, Сэбиэскэй былааска “сээн” дэппэтэх киһи. Кини тыыннааҕар анаан-минээн чиэстээһини билбэтэҕэ, арай, дьон-сэргэ кини кыаҕын кэпсээн-номох оҥостон, илдьэ сылдьан, баччааҥҥа диэри аҕаллаҕа. Билигин Прокопий Тихонович Брызгаев – Бөҕө Тараҕай аатынан хапсаҕайга республикатааҕы турнир былааҥҥа киллэриллэн сыл ахсын ыытыллар.

Дьэ, ити курдук, Бөҕө Тараҕай төрөппүт уола, 50 сааһыттан тахсыбыт Егор Брызгаев аҕатын туһунан кэпсээбитин бэлиэтэнэн ылбыппын, республика ааҕааччыларыгар тиэрдэбин.

Константин БУРНАШЕВ.

“Дьулурҕан” хаһыат 2000 сыл алтынньы 20 күнүнээҕи нүөмэрэ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)