Петр ГОГОЛЕВ: «Конституционалист-юрист идэбин олоххо туһанар кэмим кэллэ»

— Петр Васильевич, саха киһитин сиэринэн, кэпсэтиибитин эн төрүттэргиттэн саҕалыахха. Хантан хааннааххын, кимтэн  кииннээххин?

— Мин төрөөбүт дойдум Уус Алдан  Дүпсүнэ. Билэргит курдук, Уус Алдан оройуона тэриллэригэр урукку үс улуус – Байаҕантай сороҕун, Бороҕон уонна Дүпсүн улуустарын – сирин-уотун холбообута. Бороҕоҥҥо кииммин быспыттара, онно үөрэммитим, онтон оскуоланы Дүпсүҥҥэ бүтэрбитим. Аҕам Чэриктэй нэһилиэгиттэн төрүттээх, онтон ийэм өттүнэн Чурапчы Бахсытыттан көһөн киирэн,  Мэҥэ Хаҥалас Дойдутугар олохсуйбут Петровтартан  силис тардабын.  

 Биһиги аҕа ууспут сэбиэскэй кэмҥэ үөрэх өттүнэн  барбыт дьон. Дьиэ кэргэммитигэр үс наука доктора баар. Аҕам убайа историческай наука доктора, өр сылларга История, тыл уонна литература институтун директорынан үлэлээбит Гоголев Захар Васильевич, онтон улахан убайдарын Петр Васильевич уола Гоголев Маримест Петрович диэн медицинскэй наука доктора, уонна үһүс доктор – мин. Ону таһынан, наука кандидаттара эмиэ бааллар.

— Онтон тоҕо эмискэ политикаҕа хайыстыҥ, ким уонна туох онно хамсатар-көҕүлүүр күүс буолла?

— Бу мин быһаарыныым тус бэйэбэр, дьиэ кэргэммэр, тулалыыр чугас дьоммор олох хаамыытын тосту уларытар хамсаныы буолбута. Итиннэ хоруйдуур туһугар, арыый кэҥэтэн быһаарыахпын наада.

Мин бастатан туран конституционалист-юриспын. Ол аата дьон быраабын уонна государство тутулун үөрэтэр, чинчийэр идэлээхпин. Конституционнай быраапка чинчийиилэрбин, бастакы хардыыларбын үрдүкү курстарга үөрэнэ сылдьан оҥорбутум. Дипломнай үлэбин олохтоох салайыныыга суруйбутум.

1997 сыллаахха СГУ юридическай факультетын бүтэрэрбэр, миигин билимҥэ дьоҕурдаах диэн, үөрэппит учууталым, сахалартан бастакы юридическай наука доктора, профессор, дипломнай үлэбин салайбыт Михаил Михайлович Федоров: “Наукаҕа барыаҥ, преподаватель буолуоҥ этэ”, – диэн маҥнай тыл көтөхпүтэ. Ону таһынан Вильям Очирович Иванов диэн учууталлаахпын, биллэр юрист, общественник, Конституционнай суукка үлэлээбитэ. Мин бастаан прокуратураҕа үлэлиэхпин баҕарар этим, онтон сиэттэрэн бастакы курстан саҕалаан суруйбут үлэлэрим барыта прокуратураҕа сыһыаннаах этилэр. Ол үлэлэрбин көрө-ааҕа сылдьан, Вильям Очирович миэхэ сүбэлээбитэ: “Эн прокуратураҕа барыма, науканан дьарыктан, онно ордук сыһыаннаах эбиккин”.

Онон икки ытыктыыр уһуйааччыларым, тылларыттан тахсыбат дьонум бэлиэтии көрөн, эркээйи охсон биэрбиттэринэн, убайдарым холобурдарынан саалйтаран, мин наука диэки хайыспытым. Итиннэ бастакы хардыыларбыттан табыллыбытым. Ассистент эҥин буолбакка, тутатына старшай преподаватель дуоһунаһыгар ылбыттара. Мин үөрүүбүн кытта сөбүлэспитим.

Онтон МГУ-га тиийэн бэйэм санааларбын, чинчийбит түмүктэрбин көрдөрбүппэр сөбүлээннэр, бюджетнай миэстэҕэ ылбыттара, кандидатскай диссертацияны суруйарга сыһыарбыттара. 2001 сыллаахха олохтоох салайыныы туһунан үлэбин бэлэмнээбитим уонна диссертациябын Москваҕа көмүскээбитим.

 Ол кэнниттэн, Саха сиригэр олохтоох салайыныыны күүскэ киллэрии саҕаланар, референдумнар ыыттыллаллар, 2003 с. Федеральнай сокуон ылыллыбыта. Онон ити боппуруоска специалистар наада буолаллар. Онтон олохтоох салайыныы Департаменын салайар Мигалкин Афанасий Васильевич миигин президент дьаһалтатыгар ыҥырар, ону вице-президент Александр Константинович Акимов өйүүр. Онно үлэҕэ киирэн, республиканы бүтүннүүтүн кэриэтэ кэрийбитим, улуустар устааптарын оҥороллоругар көмөлөспүтүм. Былаас күннээҕи үлэтигэр бастакы тургутуубун онно ааспытым.

Онтон тирэхтэнэммин, куорат мунньаҕар депутакка кандидатынан тураммын, 2002 сыл ахсынньытын бүтүүтүгэр буолбут быыбары кыайабын. Депутаттааһыммыт Саҥа дьыл кэнниттэн, 2003 сылтан саҕаламмыта. Куорат депутатынан биэс сыл үлэлээбит кэммэр Сокуоннас, олохтоох салайыныы уонна регламент бастайааннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорбутум. Онно куорат кыһалҕаларын, дьон күннэтэ көрсөр ыарахаттарын хайдах быһаарыллыахтааҕын, араас нормативнай аакталары оҥорууга, куорат устаабын ылыныыга быһаччы үлэлэспитим.

Ити кэмҥэ университекка бииргэ үлэлиир коллегаларым итэҕэйэннэр, 2005 сыллаахха юридическай факультеппытыгар деканынан талаллар. Манна кыратык быһаарыахха наада. Декан диэн администратор, чиновник-салайааччы буолбатах, ити научнай-педагогическай дуоһунас. Деканы педагогическай-преподавательскай коллектив быһаччы талар, учуонай сэбиэккэ ходатайство түһэрэр, ону университет учуонай сэбиэтигэр кистэлэҥ куоластааһынынан талыллар. Онон бииргэ үлэлии сылдьар коллегаларым итэҕэллэрин ылан, онтон сүргэм көтөҕүллэн, эр санаа ылынан, факультеппытын сайыннарар сыаллаах научнай үлэбэр умса түһэбин. 2013 сыллаахха, эмиэ МГУ-га бюджетнай миэстэҕэ киирэн, докторскайбар үлэлии сырыттахпына, ректорбыт Евгения Исаевна Михайлова бастакынан миэхэ Ил Түмэҥҥэ  кандидатурабын туруорарга этии киллэрбитэ. Ону мин оччотооҕуга: «Икки улахан үлэни дьүөрэлээбэппин», – диэн аккаастаммытым. 2015 сылга эмиэ МГУ-га докторскай диссертациябын көмүскээбитим. Темата – төрүт омуктар. Инньэ гынан, олохтоох салайыныыттан аны төрүт омуктар дьылҕаларыгар көспүтүм. Ол төрүөтэ маннык – бастаан олохтоох салайыныы киэҥник чинчийэбин, ол үлэлии сылдьан көрбүтүм – үгүс боппуруостары регионнар эбэтэр Россия таһымыгар быһаараллар, наукаҕа элбэх учуонай бу боппуруоска суруйар, чинчийэр. Онтон ити олохтоох салайыныы биир хайысхатыгар – региоҥҥа эбэтэр атын административнай единицаҕа, төрүт омуктар түөлбэлээн олорор сирдэригэр кинилэр туруктарын үс таһымҥа үөрэтэбин: норуоттар икки ардыларынааҕы, Россияҕа уонна субъектарга. Ити эйгэҕэ республика дойдубутугар инники күөҥҥэ сырыттар даҕаны, быһаарыллыбатах  уонна быһаарыллара уустук да боппуруостар туох даҕаны хара баһаам. Ол өттүгэр үлэлэһэрбит элбэх.

«Ким эйигин политикаҕа угуйбутай дуу, уһуйбутай дуу» диэн ыйытыкка хоруй биэриэххэ наада. Итиннэ эппиэтэ судургу – Е.И.Михайлова: «2013 сыллаахха аккаастаан тураҕын, докторскайбын суруйабын диэн, онтугун бүтэрдиҥ, онон бу 2018-ка быыбарга барыаххын наада», – диэн эппитэ. Кини норуот депутатынан талыллыбытын кэннэ, биһиги юридическай факультеппыт киниэхэ сыстан, Россия таһымыгар бүгүҥҥү күҥҥэ дылы суох икки сокуон барылын бэлэмнээһиҥҥэ кыттыбыта.  Идеята Евгения Исаевна киэнэ этэ, толоруута – биһиэнэ. Бастакытынан, Саха сирэ үгүс тэрилтэлэргэ бэйэтэ өлүүлээх, эбэтэр бэйэтэ быһаччы олохтообут тэрилтэлэрэ бааллар. Ол тэрилтэлэргэ үлэлииргэ туһулаан кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ, эдэр ыччаты идэлэргэ уһуйууга, үөрэтиигэ, саҥа үөрэҕи бүтэрбит ыччаттар үлэлээх буолалларыгар уонна идэлэрин баһылыылларыгар государство бэйэтин өттүттэн толору усулуобуйа  тэрийиэхтээх. Биһиги итиннэ сыһыаннаах сокуону суруйууга үлэлэспиппит. Былырыын Россия үрдүк үөрэҕин салайааччылара манна кэлэ сылдьан,бу уопуту тарҕатыахха наада диэн барбыттара.  Сокуоммут быйыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ. Билигин быһаччы сыһыаннаах буоламмыт, Ил Түмэн уонна ыччат парламенын өттүттэн бу сокуон олоххо киириитигэр үлэлэһиэхпит, хаамыытын кэтээн көрүөхпүт.

Иккис сокуон – ситэтэ суох эбээһинэстэрин толорор, көҕө суох үлэлиир депутаттар боломуочуйаларын болдьохторо бүтүөн иннинэ тохтотору көрөр. Бу сокуону эмиэ биһиги юридическай  факультеппыт Евгения Исаевна сорудаҕынан толорон турар. Биллэн турар, сокуон олоххо киириитин хаамыыта – бу туспа, туһугар уустуктардаах дьыала, онон бу чугастааҕы сессияҕа ылыахпыт диэн этэргэ эрдэ.

Онон, политикаҕа киирэргэ сөптөөх бэлэмнээхпин, бэйэм көрүүлэрбин туруулаһар кыахтаахпын, туһалаах хайысхалары Ил Түмэн үлэтигэр киллэриэм диэн быһаарынарбар улаханнык ытыктыыр киһим Е.И.Михайлова быһаччы сабыдыаллаах диэн махтана этэбин. Сүрдээх үлэһит, киэҥ билиилээх салайааччы быһыытынан үрдүктүк сыаналыыр наставнигым Евгения Исаевналыын бииргэ аҕыс сыл үлэлээтибит.

— Наука эйгэтигэр өр үлэлээбит, улаханы ситиспит дьону киэҥ публика улаханнык билбэт. Онтон республика политическай элитатыгар үһүс салайааччыпубличнай киһи. Киниэхэ элбэх киһи хараҕа хатанар, хас хамсаныытын, сыыһа-халты туттунуутун  кэтии-маныы сылдьаллар. Бастакы мунньаҕы ыытыаххыттан сорох суруналыыстар болҕомтолоругар киирбитиҥ.

— Россия Үрдүкү аттестационнай комиссиятынан бигэргэтиллэн, юридическай наука доктора буолбут бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр түөрт эрэ киһи баар. Онон, бу юридическай эйгэҕэ научнай үлэһити бэлэмнээн таһаарар, үрдүкү научнай степени көмүскүүр олус уустук. Мин иннибинэ 2000 сыллаахха Александр Николаевич Ким-Кимэн наука доктора буолбута, ол кэнниттэн мин эрэ көмүскээтим. Үөрэҕирии федеральнай стандартарын быһыытынан, учуонай степеннээх преподавателлэр магистерскай программаҕа уонна бакалавриатка ыйыллыбыт чаастан итэҕэһэ суох үөрэтэр ноҕоруускалаах буолуохтаахтар. Онон, ХИФУга бүгүҥҥү күҥҥэ, эридическай эйгэҕэ кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ уустук кэмҥэ, оннук ирдэбилгэ эппиэттиир  үрдүк квалификациялаах специалистар суохтарын кэриэтэ. Онон хас биирдии оннук киһи учуокка сылдьар. Мин университеттан барар санаам суох этэ, профессиональнай таһымҥа парламеҥҥа үлэлии кэлэргэ былаан суоҕа. Бастайааннай кэмитиэккэ ыҥыра сылдьыбыттара, онно бастаан сөбүлэспэтэҕим. Кистээбэккэ эттэххэ, университет хамнаһа билигин наһаа үчүгэй. Декан хамнаһа Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин киэнин кытта араа-бараа. Аны туран, университеппар барыта наардаммыт, сааһыламмыт, оннун булбут үлэ. Уонна наар эдэр ыччаты кытта алтыһарыҥ, дьоҥҥэ билиини тарҕатарыҥ – бэйэҕэр туһунан киһини астыннарар, дуоһутар, кэскиллээх, ханнык даҕаны аньыыта-харата суох дьыала. Политиканы дэлэҕэ да кирдээх дьыала диэн ааттаабаттар, онно аньыы-хара хара баһаам.

Онтон Ил Түмэни  салайарга бүтэһиктээх быһаарыныыны ыларбар СР Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев этиитэ төһүү күүс буолбута: «Республиканы сайыннарарга бииргэ үлэлиэххэ», – диэбитин ылынаммын, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин быыбарыгар киирсэргэ сөбүлэҥмин биэрбитим.

Биир эйгэттэн олох атын эйгэҕэ киирэргэ ыархаттар бааллара. Биһиги, юристар, бэйэ бэйэбитин да кытта кэпсэтэргэ тылбытын чочуйан, барытын дьиҥ чахчыга, фактарга, сокуон хараҕар олоҕуран быһаарсабыт.

Онтон бу эйгэҕэ эйигин кэтии сылдьаллар, кыра да алҕастаргын бырастыы гымматтар. Алҕастары ыйалларын мин утарбаппын, ити сөптөөх, сороҕор булгуччулаах суол. Соһуйбутум диэн, эн эппиккин, эбэтэр буолбут чахчыны олус чэпчэкитик уларытан, токурутан кэбиһиэхтэрин сөп эбит. Уонна бэйэлэрэ оннук «токур» түмүк таһааран баран, ааҕааччыларга, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьиҥ чахчы курдук соҥноон кэбиһэллэр!

Холобура, ити бүтэһик, саамай айдааны тардыбыт мин куорат салайааччытыттан сир көрдөөбүтүм туһунан кэпсээн. Онно биир да журналист, ол көрсүһүү толору аудио устуута баарын үрдүнэн, ону истэн көрөн, кырдьыгы көрдөөн була да сатаабакка, мин этиибиттэн ким эрэ быһа тутан ылбыт бэйэтин санаатыттан суруйбут сымыйа информациятын устан ылан, социальнай ситимнэринэн, бассаабынан харса суох тарҕатан ырааттылар.

Мин санаабар, суруналыыстар, блогердар эйгэлэригэр бэйэлэрин бэйэлэрэ хонтуруолланаллара, этэргэ дылы, «регулировкаланаллара» наада. Ити ханнык баҕарар идэҕэ сыһыаннаах уонна булгуччу баар буолуохтаах. Биһиги олохпутугар кырдьыгы сымыйа, сымыйаны кырдьык оҥорор «ыарыы» суох буолуохтаах. Итинник дьон  бэйэлэрин идэлэригэр ситиһиилэнэр, ытыктабыл ылар, сиэри-туому тутуһан үлэлииллэригэр, кырдьалларыгар, кэнчээри ыччаттарыгар тиэрдэллэригэр даҕаны уустуктары көрсүөхтэрин сөп. Мин кинилэргэ өстүйбэппин, олох бэйэтин кырдьыгын кэмигэр көрдөрүөҕэ.

Итиннэ биири  эбэн этиэхпин баҕарабын. Биир кэмҥэ, 1999 сыллаахха, мин бэйэм эмиэ журналист буола сылдьыбыттаахпын. «Ил Түмэн» диэн парламентскай хаһыат саҥа тахсарыгар, ити хаһыаты тэрийбит мин доҕорум Константин Федоров салалтатынан үлэлиии сылдьыбытым. Ыстатыйа суруйарым, аналитика оҥорорум.

Наука эйгэтиттэн кэлбит киһи быһыытынан, үөрэнэргэ үөрэнэн хаалбыппын. Куурусса чоппускатыттан үөрэнэригэр дылы, мин үөрэнээччилэрбиттэн саҥаны билэбин, элбэҕи ылынабын. Ил Түмэҥҥэ кэлэн баран, эмиэ күннэтэ үөрэнэбин, саҥаны иҥэринэбин. Биллэн турар, саҥа үлэҕэ алҕастары да таһаарабын, сороҕор сыыһа-халты саҥарыы, алҕас хамсаныы тахсан хаалара баар суол. Киһи ону билинэр уонна көннөрөр. Көннөрөр эрэ буоллаҕына сайдар, оннук кыах миэхэ уонна бииргэ үлэлиир дьоммор баар.

— Онтон итинник сурахтар, үһүйээннэр тарҕамматтарын туһугар тугу гыныахха сөбүй?

— Мин сүрүн санаам, көрүүм – ханнык баҕарар үлэҕэ, алтыһыыга, сыһыаннарга аһаҕас буолуохха наада. Парламент салайааччыта дьоҥҥэ-сэргэҕэ, быыбардааччыларыгар тугу да кистээбэккэ аһаҕастык кэпсиир, санаатын үллэстэр, тоҕо маннык быһаарыыны ылыммытын сиһилии сырдатар буолуохтаах диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Ол нэһилиэнньэҕэ быдан ордук. 

Мин ханнык даҕаны дьиэк биэрбэккэ, кабинеппар саптан олорон үлэлиир, боротокуол эрэ быһыытынан барар мунньахтарга сылдьар буоллахпына – мин санаабар, ол ситэтэ суох үлэ. Дьон миигин талбыт, государство мин дуоһунаспар олорорбор харчы төлүүр буоллаҕына – ирдиир бырааптаах.

Ол иһин, хара маҥнайгыттан биһиги парламент үлэтин аһаҕас буолуохтаах диэн саҕалаабыппыт. Онтукаҥ икки өрүттээх буолар эбит. Биирэ – дьоҥҥо тиийимтиэ, өйдөнүмтүө толору информация тиийиэн сөп, иккиһинэн – аһаҕас, хаххата. куйаҕа суох сылдьар киһини хаһан баҕарар кэбэҕэстик кэбирэтиэххэ, эмсэҕэлэтиэххэ, кыайыахха сөп.

Ол эрээри, оҕо эрдэхпиттэн дьоҥҥо үтүө сыһыаннаахпын, онтум хайа да түгэҥҥэ уларыйбата буолуо диэн эрэнэбин.

— Бу сыһыаннарга билигин сүрдээх улахан оруолу социальнай ситимнэр ылаллар, ордук Саха сирин бүтүннүү баһылаабыт бассаап. Эн бэйэҥ Фэйсбук, Твиттер, Инстаграм курдук ситимнэргэ хайдах сыһыаннааххын,  күннээҕи олоххор эбэтэр үлэҕэр туһанаҕын дуу? Биһиги баһылыкпыт А.С.Николаев кадрдары аныыр укаастарын Твиттерга таһаарар дии…

— Инстаграмҥа баарбын, бэйэм тугу гынарбын, олус киэҥник да буолбатар, республикаҕа, дьоҥҥо суолталаах буолуо диэбиппин онно таһаарабын, бэйэм санааларбын этэбин, суруйабын.  Фэйсбукка киирэ иликпин. Бассаап, атын да ситимнэр билиҥҥи олоххо информацияны тарҕатарга уһулуччу күүстээхтэрин бэркэ диэн өйдүүбүн. Куһаҕан сонун ити ситимнэринэн чаҕылҕанныы түргэнник эргийэрин бэйэбинэн билибитим, чаас иһинэн Уус Алдантан уонна Мэҥэттэн эргийэн кэлбитэ)))

Ити бииринэн, аныгы ситимнэр олус сайдыбыттарын көрдөрөр, иккиһинэн, итинник «хара сонуннары» анаан тэрийэр күүстэр да баар буолуохтарын сөбүн дакаастыыр. Республика салалтата уонна параламент бэйэ бэйэлэрин кытта өйдөспөккө, хайдыһан, утарыта турсаллар диэн өйдөбүлү үөскэтэ сатыыр, дьоҥҥо соҥнуур күүстэр баалларыгар киһи саарбаахтаабат.

— Онтон эн юрист киһи быһыытынан, итинник аһаҕастык баһааҕырдар, көстөн турар сымыйаны тарҕатар дьоҥҥо юридическайдык, суут нөҥүө уодьуганныыр, атыттарга сэрэтии буолар курдук сөптөөх эппиэккэ тардар санааҥ суох дуо?

— Олох суоҕу баар оҥорон сурах тарҕатар, сымыйанан комментарийдыыр, төбөлөрүгэр үөскээбити кырдьык курдук тутар дьону баҕардахха быраабы харыстыыр органнар булуохтарын сөп, кинилэр соруйан баһааҕырдыбыттарын дакаастыыр кыахтар аныгы кэмҥэ эмиэ бааллар. Онон биһиги тустаах түбэлтэлэргэ, сиэри аһара барыы баар буоллаҕына, итинник суолу тутуһуохпутун сөп. Эбэһээт суутунан миэрэҕэ тардыбакка да, бэйэлэрин буруйдарын билинэн, бар дьон истиитигэр онтуларын иһитиннэрдэхтэринэ, бырастыы гыныахха сөп.

— Оттон Ил Түмэн пресс-сулууспата бассаап курдук Саха сиригэр олус тарҕаммыт, биһиги кыраайа биллибэт республикабытыгар хас биирдии дьиэҕэ киирэр, хас биирдии улахан киһиэхэ да, оскуола оҕотугар да баар ситими парламент үлэтин сырдатыыга, норуоту ханнык эрэ тус кэпсэтиигэ, дьүүллэһиигэ чопчулааһыҥҥа туһанар былааннаах дуо? Бу чахчы биһиэхэ эрэ баар көстүүхолобур, кыраныысса таһыгар эбэтэр Хапкааска сылдьан күнү быһа төлөпүөн тутан баран, онно тарбаҕынан тыыкайдыы сылдьар киһини көрбөккүн ээ. Онтон биһиэхэ оннооҕор автобус суоппара куорат устун дьону тиэйэн иһэн эбэтэр уулуссаны туораан иһэр эдэр кыыс бассааптыы сылдьалларыттан киһи сөҕөр.

—  Биһиги былаас органа буоларбыт быһыытынан, үлэбитин булгуччу сырдатыахтаахпыт. Ити парламент аһаҕас буолар ирдэбилин толорор суол. Онон сокуонунан көҥүллэнэр баар ньымалары барытын туһаныахпытын сөп. Бу соторутааҕыта улуус хаһыаттарын редактордарын кытта көрсүбүтүм. Пресс-конференция ыыттыбыт. «Ил Түмэн» диэн хаһыаппыт, пресс-сулууспабыт, атын республика хаһыаттарын, сурунаалларын, саайтарын, порталларын нөҥүө туох баар информацияны дьоҥҥо толору тиэрдэр баҕалаахпыт. Ону таһынан ити ситимнэри эмиэ туһаныахпыт. Ол гынан баран, сүрүн дьоҥҥо кэпсиир бэйэбит хаһыаппыт сурутааччытын ахсаана сорох улуус хаһыаттарын суруттарааччыларын ахсааныгар тиийбэтэ хомолтолоох. Манна күүстээх үлэ ирдэнэр.

— Бу түбэлтэҕэ сүрүн хааччаҕынан хаһыат улуустарга, онтон нэһилиэктэргэ олус бытааннык, улаханнык хойутаан тиийэрэ сүрүн мэһэйинэн буолар. Почта үлэтэ мөлтөҕө, тариф үрдүгэ улаханнык харгыстыыр.

— Биһиги итиннэ бииргэ олорон, бу буоппуроуһу бары өттүттэн көрөн, дьүүллэстибит. Сыл түмүгэ көрдөрүөҕэ. Үлэбитин толору сырдатыы туһаайыыта куруук баар буолуоҕа.

Парламент үлэтин сырдатыыга төннөy кэллэххэ, биири өссө эбии бэлиэтиэм этэ. Ил Түмэн аһаҕас буоларын таһынан, кини дьиҥ чахчы суолталаах үлэнэн дьарыктанарын норуот көрүөхтээх. Оччоҕо биир өттүттэн биһиги үлэбитигэр интэриэс үөскүөхтээх. Үнүргү көрсүһүүгэ улуус хаһыаттарын редактордара эттилэр: «Эһиги маннык быһаарыы ылылылынна эрэ диэн биллэрэҕит. Ол быһаарыы, сокуон ис хоһоонун сиһилии арыйбаккыт. Үгүс дьон ылыммыт сокуоннаргытар туох туһунан этиллэрин билбэттэр. Холобур, бюджеты ылынныгыт, ол хас биирдии улууска тугунан дьайарый, төһө үп ханна туһулунарый – ол туһунан сырдатыы суох. 2032-2050 сс. диэри Саха сирин сайдыытын стратегиятын ылыммыккыт. Ол гынан баран, ол иһигэр туох баарын нэһилиэнньэҕэ быһааран биэрии суох».

Онон итинник хайысхаҕа үлэлиэхпит. Ону таһынан, дьон-сэргэ маннык үлэҕэ киирэн эрэбит диэн эрдэттэн сэрэтиллиэхтээхтэр. Ол иһин, Ил Түмэн сайтын мобильнай көрүҥүн оҥорон эрэбит. Хас биирдии интэриэһиргиир киһи бэйэтин телефонуттан киирэн, наадыйда даҕаны барытын билсиэн, ааҕыан сөп буолуоҕа. Аны туран, ким баҕарар онно киирэн бэйэтин санаатын биһиэхэ тиэрдэр кыахтаныа, ол аата биһиги быыбардааччыларбытын кытта быһаччы сибээстээх буолабыт.

— Сорох улуустар хаһыаттара, холобур, Кэбээйи, Дьааҥы, билигин электроннай версиялаахтар. Кумааҕы хаһыат тахсарын кэтэспэккэ, хаһыат тахсыбыт күнүгэр манна суруппут киһи аан дойду ханнык да муннугар баар буоллун, дойдутун сонунун кытта ол күн билсиэн сөп. Ол төлөбүрэ кумааҕы хаһыаттааҕар биллэ намыһах. Эбэтэр Сунтаар улууһун культуратын эдэр салайааччыта Мария Кобельянова-Тускулаана иккис сылын хас күн аайы (биир да күнү көтүппэккэ!!!) улууска туох буолбутун барытын мунньан суруйан, бассаабынан тарҕатар. Сунтаартан төрүттээх дьон хас нэһилиэк бөлөхтөрүгэр бу сонуннары кэтээһэбит, сарсыарда күммүтүн Олоҥхо дойдутун сонуннарыттан саҕалыыбыт.

— Оннук түгэҥҥэ улуус хаһыаттарын сайдыытыгар саҥа кыахтар арыллаллар. Бассаабы кытта күрэстэһиигэ хаһыат саҥа сүүрээннэри баһылыыра ирдэниэҕэ.

— Экология боппуруоһугар, сирбит баайын хостооччулары кытта сыһыаннарга үгүс уустуктар бааллар. Кэнники кэмҥэ улахан хампаанньалар айылҕаны буортулааһыннарыгар, өрүстэрбитин киртитиилэригэр норуот олус кыраҕытык сыһыаннаһар, долгуйар, бэйэтин санааларын аһаҕастык этэр буолла. Урукку курдук, «икки күлүүс быраабын» төнүннэрии олох ирдэбилэ буолла. Аны туран, улахан корпорацияларга нолуокка баһырхай чэпчэтиилэр бэриллэннэр, республика бюджетыгар улахан охсуу буолла. Бу тыын боппуруостарга эн Саха сирин гражданина. патриота буоларыҥ быһыытынан, туох санаалардааххын?

— Саҥа дьыл иннинэ буолан ааспыт уочараттаах мунньахпытыгар норуот депутата Павел Ксенофонтов бу консолидированнай диэн ааттанар нолуок төлөөччүлэр төһөнү төлүүллэрин уонна итиннэ республика төһө үбү сүтэрэрин ааҕан көрүҥ диэн туруорсуутунан боротокуолунан туһааннаах сис кэмитиэккэ сорудах биэрбиппит. Ону кэмитиэт экономика уонна үп министиэристибэлэрилэрин кытта үлэлээн, манна туһааннаах сыыппаралары мунньан, отчуот оҥоруоҕа.

Бу олохтоммут балаһыанньаҕа мин иннинээҕи сылларга үлэлээбит республика салалтатыгар буруйу сүктэрбэппин. Аан дойдуга олохсуйбут практика, аан дойду сайдар суола хайдах баран эрэрин көрүөххэ. Омуктар бырааптарынан дьарыктаммыт учуонай уонна төрүт омуктар олорор дойдуларыгар, холобур, Канадаҕа уонна Скандинавияҕа  хаста да сылдьыбыт киһи быһыытынан, онно  төрүт дьон бэйэлэрин олохторун хайдах быһаарсан олороллорун ырыҥалатан көрдөххө, аан дойду билигин биир халыыпка, стандартизацияҕа киирэн эрэр. Ол аата, сир баайын хостооччулар бастатан туран экологическай стандартары тутуһуохтаахтар. Нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ эмиэ чопчу стандартар баар буолуохтаахтар. Ол эбэтэр, аан дойду үрдүнэн бүгүҥҥү күҥҥэ киэҥ далааһыннаахтык үлэлии сылдьар транснациональнай хампаанньалар ханнык баҕарар сиргэ үлэни ыытар буоллахтарына, бастатан туран аан дойду уопсастыбатын өйөбүлүн, өйдөбүлүн эмиэ ылыахтаахтар. Холобур, кини бэйэтин тулалыыр эйгэни алдьатар, олохтоох нэһилиэнньэни сэнээн, үбү ылар эрэ интэриэһин өрө тутан, айылҕаны харыстыыр дьаһаллары толорбот буоллаҕына, кини атын сиргэ, дойдуга баран үлэлииригэр уустуктары көрсүөн сөп, киниэхэ онно моһоллору үөскэтиэн сөп норуоттар икки ардыларынааҕы стандартар бааллар.

Биһиги бэйэбит дойдубутугар, республикабытыгар сир баайын хостооччуларга ол стандартары тутуһар усулуобуйаны олохтуохтаахпыт, оннук балаһыанньаны тэрийиэхтээхпит. Ил Түмэн хаста да түһүмэхтээн «икки күлүүс быраабын» сөргүтүүгэ, онтон лиценизияҕа суруттаран эбээһинэстээһиҥҥэ – республиканы, улууһу уонна нэһилиэктэри кытта маннык хайысхаларга бииргэ үлэлэһиэхтээх, маннык тутуулары ыытыахтаах, сокуону кэһиини таһаарар түбэлтэтигэр маннык эппиэттиэхтээх – диэн бэйэбит этиилэрбитин Государственнай Дуумаҕа киллэрэ сырыттыбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги ити этиилэрбитигэр Россия правительствотын букатыннаахтык аккаастыыр (отрицательнай) түмүктээһинэ кэлбитэ,  ол аата аны ити боппуруоска төннүбэккин, ГосДуумаҕа итинник туруорсуулары иккиһин киллэрэр кыахпыт сабыллыбыта. Онон биһиги ити ирдэбилбитин атыннык , кинилэр аргуменнарыгар сөптөөх контраргуменнары суруйан киллэриэхпитин наада. Уонна Россия правительствотын кытта ити боппуруоска дьоһуннаахтык ылсан үлэлиирбит ирдэнэр.

— Онтон бу кэскиллээх үлэҕитигэр биһиги ГосДуумаҕа депутаттарбыт, Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ төһө кыттыһалларый, хайдах үлэлэһэллэр?

— Олус күүскэ үлэлэһэллэр. Депутаттарбыт Г.И.Данчикова уонна Ф.С.Тумусов иккиэн ити боппуруоһунан дьарыктаналлар. Мин Галина Иннокентьевналыын «сиэттиһэ» сылдьаммыт,  Государственнай Дуума бастайааннай кэмитиэттэрин бэрэссэдэтээллэрин кытта бэйэбит туруорсууларбытын дьүүллэстибит, илдьиритистибит. Кэлэр сайын ГосДуума айылҕа ресурсаларын кэмитиэтэ  Дьокуускайга «Ойуур национальнай форумун» тэрийэн ыытарын ситистибит. Итиннэ Галина Иннокентьевна тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, дьон бөҕөтүн тылыгар киллэрэн, биһиги сылдьан, СР баһылыга А.С.Николаев анал сурук суруйан биир кэлим үлэни ыыттыбыт. Уһук Илин уонна, кыаллар буоллаҕына, Сибиир бары регионнарын бэрэстэбиитэллэрин мунньан олорон, бэйэбит туруорбут боппуруоспутугар, биһиги холобурбутугар олоҕуран, тыа фондатын тэрээһинин (устройствотын), ойуур баһаардарын, сир туһаныытын, маһы таҥастааһын, Уһук Илиннээҕи гектар, бултуур сир, сырьевойа суох экономика, оннооҕор сир аһын үүнүүтүн, ону хомуйуу уонна батарыы туһунан кэпсэтиини, үөскүүр проблемалары быһаарыыны тэрийиэхпит.

 Ону таһынан, аны күһүн эмиэ ГосДуума доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕын  манна ыытар буоллубут.  Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ф.С.Тумусов миигин быһаччы бэрэссэдээтэлин кытта көрсүһүннэрэн, манна кэлэн үлэлиир сөбүлэҥнэрин ыллыбыт. Бу боппуруоһу аҕа баһылыкпыт А.С.Николаев ГосДуума бэрэссэдээтэлин кытта көрсөрүгэр эмиэ булгуччу кэпсэтиһиэҕэ. Биһиги республикабыт холобуругар Хотугу доруобуйа харыстабылын модела национальнай таһымҥа ылыныллыбыттан уратылааҕын көрдөрүөхпүт, дакаастыахпыт. Ити кэпсэтиигэ Россия хотугу регионнарын барыларын ыҥырыахпыт.  Биһиги курдук киэҥ нэлэмэн, суола-ииһэ суох сирдэргэ медицина туһунан стандартардаах буолуохтаах диэн өйдөбүл дойду таһымыгар, хомойуох иһин, суох. Барыта биир халыыбынан бара турар, нормативтар эмиэ оннуктар.  Онон стационарнай эмтээһин итинтэн атахтанар. Суол-иис баар сиригэр, бары оройуон киинигэр киирэн эмтэниэхтээхтэр диэн балаһыанньа баар. Итинник барыта саба быраҕан оҥоһуллар, олохтоох усулуобуйа учуоттаммат.  Онон биһиги федеральнай салалтаны,  сокуону оҥорооччулары мунньан олорон көрдөрөн, кэпсээн биэриэхпит, тылбытыгар киллэрэн, национальнай уонна федеральнай бырайыактар чэрчилэринэн үбү тыырыыга хотугу дойду уратылара аахсыллалларын ситиһиэхтээхпит.  

Ити барыта биһиги республикабыт тыын боппуруостарын быһаарыыга туһуламмыт хамсаныылар. Саха сирэ ханнык ыарахаттары көрсөрүн кэпсээн, көрдөрөн, ол ыарахаттар национальнай таһымҥа быһаарыллалларын ситиһиэхтээхпит.

— Итинтэн сиэттэрэн өссө биир ыйытык үөскүүр. Биһиги республикабытыгар Россия, ону ааһан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах культураҕа, наукаҕа, үөрэххэ, куорат хаһааыстыбатыгар сыһыаннаах олус элбэх форумнар, научнай-практическай конференциялар буолаллар. Бу тэрээһиннэр саха норуотугар быһаччы туох туһаны аҕалалларын, биһиги  олохпутугар туох уларыйыылары, саҥаны киллэрэллэрин ким эмит ааҕара, суоттуура буолуо дуо? Мин санаабар, бюджекка улахан ороскуоту киллэрэллэр. Этэргэ дылы, кинилэр туох туһалаахтарый?

— Итини мин хас да холобурга олоҕуран, туох түмүктэр ылыллыбыттарын харчытыгар таһааран, норуокка кэпсиэххэ диэн этиилээхпин. Бу тэрээһин туох түмүктэннэ, туохха тириэртэ, эффективноһа хайдаҕый-төһөнүй диэн.

Аны сайын биһиэхэ, Дьокуускай куоракка, ЮНЕСКО таһымнаах тыл политикатыгар туһуламмыт билиҥҥитэ 70 дойду кыттыылаах конференция ыытыллыаҕа. Ону үбүлээһинэ аҥардас биһиэнэ эрэ буолбатах, харчыта хас да таһымтан киириэҕэ. Итини билбэккэ, сороҕор нэһилиэнньэ үгүс тэрээһиннэри бэйэбит эрэ суоппутугар ыытарбыт буолуо дии саныан сөп. Оннук буолбатах. Холобур, быйылгыттан кэлэр национальнай бьырайыактарга республика үбүнэн кыттыыта 3-5% курдук. Онтон атына барыта федеральнай үбүлээһин.

Онон федеральнай былааһы кытта харчы киириитигэр республика билиҥҥи салалтата күүскэ үлэлии олорор. Бэйэбит эрэ харчыбытынан буолбакка, тастан киирэринэн итинник тэрээһиннэри оҥоруохтаахпыт.

— Итиннэ федеральнай кииҥҥэ биһигини сирэй-харах анньыбаттар дуо, уруккута донор республика билигин толору дотацияҕа, умнаһыт курдук илиитин уунан олорорбутун?

— Кырдьык, ити баар суол. Биһиги валовой оҥорон таһаарыыбыт сотору биир триллион солкуобайы аһары барыаҕа. Ити олус балысхан элбэх харчы. Онтон республикабыт бюджета 201 миллиард, федеральнай харчы кэллэҕинэ, өссө арыый улаатыаҕа.  Ол аата, биһиги оҥорон таһаарыыбыт элбэх, ол эрээри өрүү харчы көрдүү олорор курдукпут.  Бэйэбит республикабыт иһигэр 125 миллиарды нолуоктан уонна нолуок таһынан дохуот быһыытынан хомуйабыт. Онтон 75 миллиардтан тахсата республика тас өттүттэн кэлии харчы, умнаһыт курдук баран көрдөөн ылар харчыбыт. Билиҥҥи экономическай-финансовай уонна нолуок систиэмэлэрэ итинник эрэ балаһыанньаны үөскэтэр кыахтаахтар. Онон итинник туруорсан, бэйэбит тылбытыгар киллэрэн ити тастан үбүлээһиммитин ситиһэбит.

— Эн Конституцияны иҥэн-тоҥон туран үөрэппитиҥ. Ааспыт сылга Россия Конституциятын 25 сыла туолла. Ону тэҥэ билигин киин бэчээккэ, интернеккэ суруйуулар тиһигин быспакка тахсалларКонституцияҕа уларыйыылары киллэриэххэ, Конституционнай мунньах тэрийиэххэ, национальнай республикаларга Конституционнай сууттары суох гыныахха наада диэн. Биһиэхэ бэйэбитигэр ытыктанар кырдьаҕастарбыт эмиэ Конституционнай сууту сабыахха диэн этии киллэрэллэр. Ил Түмэн манна хайдах сыһыаннаһар, уонна эн тус бэйэҥ санааларыҥ?

— Республикаҕа былаас тутула толору буолуохтаах, ол аата Конституционнай суут диэн эмиэ булгуччу баар буолуохтаах. Ити эн кэнники ыйытыккыттан саҕалаатым, тоҕо диэтэххэ, биһиги депутаттарбыт эмиэ Конституционнай суут туһунан сотору-сотору боппуруос биэрээччилэр. Хайдах Конституционнай суут буоларын,  парламент бүгүҥҥү туругунан хаалар дуу, хаалбат дуу, уопсайынан былаас конфигурацията хайдах буоларын, онно саҥа конституционнай реформа наадатын дьүүлэһиэхтээхпит. 2022  сылга, республикабыт автономиятын 100 сылын туоларыгар, бу бүгүҥҥү баар республика былааһыгар ханнык эрэ уларыйыылар баар буолуохтара диэн сабаҕалыахха сөп. Мин хайаан да оннук хайысханан үлэлээн эрэбит диэн эппэппин, ити мин специалист быһыытынан тус санаам.

Ил Түмэн салайааччыта буолбутум баара-суоҕа түөрт ый буолла, Бу кэмҥэ, мин көрүүбэр, парламент үлэтин сорох хайысхаларын бастайааннай төрүккэ үлэлиир дьон ахсааннарыттан саҕалаан, экономика  өттүттэн ааҕан-суоттаан көрүөххэ наада. Уонна ис хоһоон өттүнэн быдан күүстээх оҥоруохха. Манна аҕыйах холобуру аҕалыахха сөп. Бэһис ыҥырыы үлэтин түмүгүнэн Государственнай дакылаат оҥоһуллубута. Парламент хонтуруолунай кэмитиэтэ бэйэтин хайысхатынан үлэтин туһунан иһитиннэриитигэр барыта Хонтуруолунай-учуоттуур палата эрэ үлэтэ суруллубут этэ, онтон биһиги хонтуруолунай кэмитиэппит бэйэтэ тугу гыммытын туһунан биир да этии суоҕа.

Билигин парламент бэрэссэдээтэлин солбуйааччыларын үлэлэрэ сүрүннээн былаас органнарын, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын кытта алтыһыыга, үбү-харчыны, бюджеты чопчулааһыҥҥа туһуланыахтаах. Бэрэссэдээтэл бастакы солбуйааччыта, холобур, икки статустаах буолуон сөп,  ол эбэтэр, эбии өссө бюджет хамыыһыйатын салайыан сөп.  Магадааҥҥа уобалас мунньаҕын салайааччыта бюджетнай хамыһыыйаны эмиэ салайар.

Аны туран, государственнай тутул кэмитиэтэ баар, эмиэ туспа бэрэссэдээтэллээх. Бу, биллэн турар, сүрүн боппуруос, онон бу кэмитиэти Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин иккис солбуйааччыта дьаһайыан сөбө.

— Онтон бу уларытыылары олоххо киллэрэргэ ханнык суол баарый? Соторутааҕыта эн аҕа коллегаҥ, биллиилээх юрист Макар Макарович Яковлев Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ Ил Түмэни сарбыйыахха диэн этии киллэрбитэ. Итини эн хайдах сыаналыыгын?

— Ити этэргэ эрэ судургу. Уларытарга, ону олоххо киллэрэргэ сүрдээх уустук. Бу конституционнай суолталаах боппуруос, кини кытаанах, дьоһуннаах төрүттээх, бигэ тирэхтээх буолуохтаах. Оччоҕуна биирдэ тутул күүстээх буолар, былаас эмиэ онно олоҕурар.

Макар Макаровиһы олус ытыктыыр киһим, кини биһиэхэ өр кэмҥэ кафедра сэбиэдиссэйдээбитэ. Бэйэтэ Сэбиэскэй Сойуус таһымыгар тиийэ норуот депутааттаабыт политик. Ил Түмэҥҥэ, Конституционнай суукка, ситэриилээх былааска, президент дьаһалтатыгар –уопсайынан, олус элбэх эйгэҕэ үлэлээбитэ, улахан уопуттаах. Онон кини көрүүлэрэ хайа эрэ өттүнэн сөптөөх, инникитин, холобур,  былаас конфигурациятын уларытар, конституционнай реформаҕа киирэр буоллахха, итилэри учуоттуоххха сөп.

— Онтон норуот көннөрү арифметиканан салайтарар70 депутаттааҕар 35 ордук буолуо диэн, ону арыый дириҥэтэнитинтэн хайата ордук дьайымтыа, туһалаах буолуоҕай, депутаттар үлэлэрин үбүлээһин хайдах буоллаҕына ночоото аҕыйыаҕай диэн ааҕан көрүөххэ баара.

— Билигин бастайааннаай төрүөккэ биһиэхэ 19 депутат үлэлээн олорор, онтон 51 депутат уочараттаах пленарнай мунньахтарга кэлэн кытталлар. Сорохтор сөмөлүөтүнэн көтөн, сорохтор сиринэн айаннаан кэлэллэр, ону биһиги айаннарын ороскуотун төлүүбүт. Дьокуускайга олорор сирэ суох дьоммутугар гостиницаларын төлөбүрүн эмиэ уйунабыт. Онон парламент бу түгэҥҥэ биллэр-көстөр ороскуот сүгэр. Ол гынан баран, боппуруос аҥардас харчытыгар эрэ буолбатах, бастатан туран, дьыала Саха сирин нэһилиэнньэтэ бүтүннүүтэ Ил Түмэҥҥэ бэйэтэ бэрэстэбиитэллээх буолуохтааҕар сытар. Парламент үс сүрүн соруктаах – быыбардааччылары сирэйдээһин, сокуону оҥоруу уонна хонтуруол. Бу бэрэстэбиитэлистибэ диэн бастакы «киит» саамай табыгастаах уонна туһалаах өрүтүн булуохтаахпыт. Федеральнай сокуон биир да икки да палааталаах парламены көҥүллүүр. Палааталар быһаарар боппуруостарын чопчулаан, ГосДуума уонна Федерация Сэбиэтэ быһаарар боппуруостарын тыырсалларын курдук, араартыахха сөп. Ону биһиги өскөтүн саҥа реформаҕа киирэр эбит буоллахпытына, ити Федеральнай сокуон биэрбит быраабын толору туһаныахпытын сөп. Билигин интернеккэ, араас социальнай ситимнэргэ бу боппуруоска дьон көрүүлэрэ, ол иһигэр мин коллегаларым, политиктар  этиилэрэ бөҕө тахса турар.

— Биһиги сэбиэскэй кэмтэгн хаалан хаалбыт үөрүйэхпитинэн депутаты норуот хамначчыта диэн ааттыыбыт. Онтубут норуоту сирэйдиир талыллыбыт дьоммут буолбакка, үгэс курдук партиялар уонна бөдөҥ тэрилтэлэр интэриэстэрин көмүскүүр сыаллаах киирбит «генераллар» парламент үгүс өттүн баһылыыллар.

— Бу түгэҥҥэ мин баһылык А.С.Николаев көрүүтүгэр сөпсөһөбүн. Маны элбэх атын дьон эмиэ этэллэр. Сорохтор «профессиональнай» диэн ааттаан, аҥардастыы анал үөрэхтээх юристар эрэ түмсүбүт парламеннарын үлэлэтиэхтэрин баҕараллар. Мин санаабар, бу олох сыыһа. Норуот «бу мин бэрэстэбиитэлим» диэн ханнык баҕарар идэлээх, олоххо тус көрүүлээх, сокуону суруйар дьоҕуруттан уонна партиятыттан тутулуга суох киһини талыахтаах. Оччоҕо бу депутат норуот интэриэһин көрөр, туруорсар. Бу иннинэ мин Е.И.Михайлова идеятынан саҕалаабыт үлэбит туһунан этэн турабын. Онтон сокуону чочуйууга Ил Түмэҥҥэ бэлэмнээх үлэһиттэрдээх, кырата суох аппараат баар. Юристар бааллар, кинилэртэн уонна ситэриилээх былаас специалистарын түмэн, аналлаах рабочай бөлөх тэриллиэн сөп. Биһиги итинник хайысхаҕа баран эрэбит.

Парламент профессиональнай буолара диэн (Айсен Сергеевич  этиитин баҕар сыыһа өйдөөбүттэрэ буолуо) кырдьык күннэтэ идэтийэн, бэйэлэрэ анал үлэлиир миэстэлээх, бүгүн-сарсын, онтон салҕыы дьон ханнык кыһалҕатын быһаарабын диэн үлэлиир-хамсыыр дьонтон туруохтаах.

Онтон ахсаан өттүн үчүгэйдик ааҕан-суоттаан көрүөххэ наада, бүгүн чопчу бачча буоллаҕына сатанар диэн этэр уустук. Ол гынан баран, сүрүнэ – өрөспүүбүлүкэ бары быыбардааччылара бэйэлэрин кыһалҕаларын этэр, тиэрдэр сирэй бэрэстэбиитэллээх буолалларын хааччыйыллыахтаах. Холобур, биһиэхэ биэс хотугу улуус биир норуот депутааттаахтар. Кини талыллан баран, тус бэйэтин үлэтин толорорун таһынан, аҥардас быыбардааччыларын кытта көрсөөрү бу биэс улуус нэһилиэктэрин кэрийэрэ улахан уустуктардаах уонна ороскуоттаах буолара биллэр. Аны туран бу улуустарга үксүгэр биир бөһүөлэктэн атыҥҥа быһаччы айанныыр кыаҕа суох, эбэтэр биир улуустан ыаллыы сытар атын улууһугар тиийэригэр Дьокуускай эрэ нөҥүө  көтөн тиийиэн сөп. Онон аҥардас арифметиканан быһаарыллыбат боппуруос.

Федеральнай сокуон икки палаатаны утарбат. Онон биһиэхэ профессиональнай таһымҥа үлэлиир аҕыйах ахсааннаах палаатаҕа эбии, улуустартан талыллан кэлэн, өрөспүүбүлүкэ сүрүн хайысхаларын дьүүллэһиигэ, бюджеты бигэргэтиигэ кыттар депутаттар баар буолуохтарын сөп. Итинник араас варианнар бааллар.

— Төрүт омуктар боппуруостарыгар төнүннэххэ. Ямалга, Тюмеҥҥэ неби-гааһы хостуур улахан хампаанньалар олохтоох табаһыт омуктар олохторун отуорун улаханнык хамсаттылар, табаларын мэччирэҥнэрин былдьыыллар, бөһүөлэктэрин суох гынан кэбиһэллэр…  Норуотун быраабын туруулаһан көмүскээбит Павел Суляндзига Россияттан барарга күһэлиннэ. Биһиги сорох актыбыыстарбыт «олохтоох омуктар бырааптарга кэһиллэр» саха норуотун аатыттан ХНТ-га тиийэн, бэйэлэрин этиилэрин оҥороллор. Биһиги АЛРОСА «Бүлүү өрүспүтүн киртиттэ» диэн атын омук дойдуларыгар тахсан айдаарарбыт, үҥсэрбит, көмө көрдүүрбүт төһө оруннааҕый? Эн итинник быһыыга хайдах сыһаннааххыный?

— Мин бу сырыыга эмиэ тус бэйэм санаабын этиэм. Дьиҥэр, атын омуктар нацональнай политикаларын үөрэппит-ырыппыт уонна ол түмүктэрин көрбүт-истибит киһи быһыытынан көрүүбэр, Россия бу ыраахтааҕы былааһыгар да, онтон сэбиэскэй да кэмҥэ, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэ  бу хайысхаҕа политикатын стандартара аан дойду киэниттэн сорох өттүгэр лаппа инники, чорбойо сылдьарын бэлиэтиэххэ наада. Норуот сүрүнэ – кини тыла-өһө, культурата буоллаҕа дии. Ону өйүүргэ биһиэхэ аан дойдуну кытта тэҥнээтэххэ, быдан ордук усулуобуйа олохсуйбут. Канада иннуиттарын, Америка индеецтэрин ылан көрүөххэ. Кинилэр тыллара-өстөрө сайдыбатаҕа, төрүт культуралара симэлийбитэ, резервацияларыгар олорор усулуобуйалара барыта туоһулуур, ити дойдуларга олохтоох омуктарга хайдах сыһыаннаһалларын. Америкаҕа индеецтэри «бастакы нациялар» диэн өрө тутан ааттыыр курдуктар эрээри, президеннэрэ «Биһиги эһигини имири эһэ сыспыппытын бырастыы гыныҥ» диэбитин үрдүнэн, кинилэри баттааһын, индеецтэр бэйэлэрэ этэллэринэн, «Хайдах сиэбиттэрэ-аһаабыттара да, оннук салҕанан бара турар». Онон тас көстүү уонна дьыала ис туруга олох атын-атыттар.

Холбоһуктаах Нациялар  төрүт омуктар бырааптарын туһунан Декларациялара баар. Россия бу докумуону илии баттыыртан туттуммута.  Онно элбэх төрүөт баар. Сорох дойдулар, холобур, Австралия, Новай Зеландия, о.д.а. төрүт да аккаастаммыттара.

Аан дойду таһымыгар кочевой оскуола диэн өйдөбүл саҥа тахсан эрэр. Онтон Саха сирэ ханнык да оҕо үөрэҕэ суох хаалыа суохтаах диэн соруктаах, государство өйөбүлүнэн тэрийбит уопута Россия атын регионнарыгар тарҕаммыта, ону Ямаллар аан дойду таһымыгар таһааран тураллар. Биһиэхэ «национальнай нэһилиэктэр», «национальнай улуустар» диэн административнай-территориальнай тэрээһиннэр, «айылҕаны олохсуйбут киэбинэн туһаныы территориялара» бааллар. Итинник сокуонунан быһаарыллыбыт, бэйэтэ туһунан режимнээх, регламеннаах сирдэр бааллара аан дойдуга эмиэ сэдэх көстүү, үгүстэри сөхтөрөр.

Аан дойдуга правительстволар икки ардыларыгар (межправительственнай) араас тэрилтэлэр бааллар – ХНТ, ЮНЕСКО, Арктическай Сэбиэт, Хотугу Форум, о.д.а. Россия ити тэрилтэлэргэ чилиэн быһыытынан киирэр. Итинник холбоһуктарга баран аҥардастыы Россия политикатын хараардыбакка, бу бүгүн баар объективнай көстүүлэри, кыһалҕалары этинэр, туруорсар – бу сөптөөх суол дии саныыбын.  Эрдэ эппитим курдук, ханнык эрэ өрүттэргэ биһиги дойдубут национальнай политиката атын дойдуларга холобур буолуон сөп олоххо киирбит күннээҕи турук, ону аан дойду барыта билинэр. Ол барыта куһаҕан диэн үрдүк трибунаттан этинэ турар, мин санаабар, ханнык да төрүөтэ суох.

Канадаҕа төрүт олохтоох омуктарга тиийбиппитигэр, аан дойдутутан бүтүннүүтүтэн мустубут  ыалдьыттарга бэйэбит культурабытын көрдөрөбүт диэн, биһиги студеннарбыт таһымыгар нүөмэрдэри көрдөрбүттэрэ. Онтон биһиэхэ уонча государственнай театрдаахпытын, циркалаахпытын, үҥкүү уонна эстрада театрдара баалларын кэпсээбиппэр,  «Хайлах оннугуй, государство быһаччы бюджетыттан театрдардарга харчы көрөр дуо?» диэн олох итэҕэйбэттэрэ.

Онтон айылҕабыт, өрүстэрбит киртийиилэрин туһунан эттэххэ, ханна промышленнай баһылааһын, сир баайын хостооһун барар да, онно итинник алдьархайдар тахсыыларын куттала булгуччу баар. Биир кэмҥэ биһиги экологическай стандартарга болҕомто уурбаккабыт, промышленнай, техническэй тутууларга суолта биэрбэккэбит, кинилэр бириэмэ дьайыытыттан эргэрэллэрин, алдьаналларын учуоттаан кэмигэр миэрэ ылбатахпыт дьайыыта бу билигин көстөр эрэр. Ол биир чаҕылхай холобурунан Иирэлээххэ быһыт тоҕу барыытын түмүгэр, Бүлүү өрүспүт улаханные киритийбитэ буолар. Итиннэ олус улахан хоромньу таҕыста.  Алдьархай содула аҥардас иһэр уу тиийбэтигэр эрэ буолбатах. Бүлүү эбэбит уонунан сылларга хас муус барыытын аайы өрүс түгэҕэр сөҥпүт, уонунан сылларга иҥпит, мунньулулубут кири-хоҕу, араас буортулаах, киһи доруобуйатын сүһүрдэр элеменнэри өрө көтөҕөн таһаара туруоҕа. Ити барыта олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатыгар хайдахтаах курдук охсууну оҥорорун өссө билбэппит. Итини барытын үөрэтэн, чинчийэн баран, сокуоҥҥа олоҕуран бары ирдэбиллэри тутуһан туран, суутунан барыта быһаарылларын модьуйуохтаахпыт. Бу боппуруоска Ил Түмэн аһаҕас истиилэри ыыппыта. Ол түмүгүнэн бу тохсунньу бүтэһигэр парламент уочараттаах мунньаҕар көрөн баран, киэҥ хабааннаах рекомендациялары ылыммыппыт. Манна биһиги мунньахпыт көһөрөн туран, АЛРОСА салайааччыта тус бэйэтинэн кыттыыны ыларын, быһылаан содулун туоратарга туһааннаах программалары ылыналларыгар, бэйэлэригэр ылыныахтаах ороскуоттарын бигэргэтэллэригэр бириэмэ биэрэн, сөптөөх түмүгү ситистибит.

Мин тус бэйэм аан дойду таһымыгар тахсан, АЛРОСА биһигини иэдэттэ диэн айдааны тардар санаам суох уонна итинник быһыыны сыыһанан ааҕабын. Россия тэрилтэтин дьайыыларын бэйэбит былааспытынан быһаартарыахтаахпыт. Аан дойду биһиги интэриэспитин кэлэн көмүскүө диэн эрэнэр табыллыбат, аан икки өрүттээҕин курдук, кыраныысса таһыттан көмө көрдөөһүн биһиэхэ бэйэбитигэр кэлин тугунан диэлийэн тахсыаҕын этэргэ уустук.

— Арай, мэлдьи үрдүк сыанаҕа эрэйи көрбүт, ыарыйдаҕына даҕаны Дьокуускайга кэлэн эмтэнэригэр кыаҕа тиийбэт хотугу улуус түгэх нэһилиэгэр олорор, бэйэтин омугун төрүт тылын умнан кэбиспитэ хаһыс да көлүөнэтигэр барбыт олохтоох киһи этэр: «Мин хаһан да билбэтэх тылым наадата суох, миэхэ ол оннугар Америкаҕа баар резервация курдук оҥороннор, ый аайы иккилии тыһыынча дуоллар төлөөтүннэр, миэхэ ол сөрү-сөп буолуо этэ».

— Мин сирэй сирэйгэ утары көрсөн олорон кэпсэппит индеецтэрим: «Көҥүлтэн ордук киһиэхэ күндү туох да суох» дииллэрэ. Кинилэргэ этэллэр: «Эн резервацияҕа олоруоххун сөп, бастакы нация киһитэ буоларыҥ быһыытынан. Онтон бэйэҥ биискиттэн, резервацияттан аккаастанар, Америка көннөрү гражданина буоллаххына, ити үбүлээһин эйиэхэ көрүллүбэт».  Биһиги резервация культурнай киинигэр сылдьыбыппыт. Ону олохтоохтор: «Бу сайдыы буолбатах, бу – кэхтии» дииллэр.

— Наһаа тотон инньэ дииллэр буоллаҕа дии))) Мин эмиэ Орегон штакка биэс холбоһук биис резервациятыгар сылдьыбытым. Усулуобуйалара олох таһыччы үрдүк этэ. Аны туран казино курдук үрдүк дохуоту киллэрэр көрүҥ, хайаҕа үүнэр аарыма улахан мастары кэрдэн тутууга, мебель оҥоруутугар туһаныы, сыаналаах лосось уонна форель балыктары бултааһын кинилэргэ эрэ көҥүллэнэр…

— Дьиҥэр, пособиелара 2000 дуоллар буолбатах, ол да харчы иэнэ биллэр. Саамай ыарахана – көҥүл омук хааччахтанан олороро. Биһиэхэ сууттаммыт дьон колония-поселениеҕа олороллор дии. Резервацияны онуоха холуохха сөп. Государство суотугар итинник сиргэ, көҥүл тахсан барар кыаҕа суох олорорго дьон үксэ сөбүлэспэтэ буолуо дии саныыбын. Ити барыта государство национальнай политиканы быһаарар ньымата.

Сорохтор Америкаҕа резервацияны тэрийбэтэхтэрэ буоллар, индеецтэр онно олоччу эстиэхтэрэ этэ диэн этэллэр. Онон билигин саатар омук быһыытынан баалларыгар баһыыба диэбит курдук. Ол гынан баран, «национальнай идентичность – омук тус уратыта»  диэн өйдөбүл баар, киһи бэйэтин, холобур, «мин сахабын» диэн билинэрэ, киэн туттара.

— Онтон билигин биһиги улуу дойдубутугар ити «идентичноспын» олох да мэлитэргэ сорунан эрэллэр буолбатах дуо?

— Россияҕа 19 үйэ икки аҥаарыгар өркөн өйдөөхтөр суруйаллара этэ: «Төһөнөн Россияҕа элбэх араас омуктар бааллар да, оччонон биһиги дойдубут дьиҥ сайдыыттан ыраахтык тэбиллэр». Ол эбэтэр, Россия государствотын бастакы улахан сыала-соруга – баар норуоттары кинилэр тустаах уратыларын суурайан, барыларын биир улахан нация оҥоруу. Мин Сэбиэскэй былааска дириҥник махтанабын – саха норуотун үөрэхтээбитигэр, доруобуйа харыстабыллаабытыгар, электрификацияны, сибээһи олохтообутугар. Саха норуота, ССРС атын кыра уонна улахан омуктарын курдук, сэбиэскэй былаастан элбэҕи туһаммыта.

Россия Конституциятын 3 ыстатыйатыгар «Россия – элбэх омуктаах государство» диэн сурулла сылдьар. Онтон Конституцияны уларыппаккын. Конституционнай тутул төрүттэрин уларытар наадатыгар – саҥа Конституцияны ылыныаххын наада. Онтон саҥа Конституцияны ылынарга – Конституционнай мунньах диэни тэрийиэххэ наада. Конституционнай мунньаҕы олохтуурга – федеральнай Конституционнай сокуон ылыныахтааххын. Онтон ити Мунньах хайдах буолуохтааҕа, туохтан турара, хайдах ыытыллара, үлэлиирэ  – манна ханнык да бэлэм сценарий суох. Бэчээккэ, интернеккэ кэмиттэн кэмигэр этиилэр тахсаллар – ол эрээри биир концепция, биир көрүү суох.

— Түмүкпүтүгэр, тус бэйэҥ туһунан кэпсии түс эрэ. Дьиэ кэргэниҥ, туох дьарыктардааххыный, тугунан үлүһүйэҕин, спорка, булка сыһыаныҥ?

— Кэргэннээхпин, идэтинэн оҕо уһуйаанын үлэһитэ, алта оҕолоохпут – биир кыыс, биэс уол. Икки улахаттар студеннар, кыыһым Москваҕа быраас идэтигэр үөрэнэр, улахан уолум юрист, билигин үлэлээн эрэр, онтон үөрэҕин салҕыахтаах. Икки ортоку оҕолорум оскуолаҕа үөрэнэллэр, икки кыра – уһуйаан дьоно. Дьиэ кэргэн аата дьиэ кэргэн, онон дьонум туһунан олус ыһа-тоҕо кэпсии-ипсии сылдьарбын сөбүлээбэппин.

Мин сэбиэскэй кэмҥэ улааппытым, биһиги саҕана спортан туора турбут оҕо диэн суох буолара. Уол барыта тустар, уол барыта буоксалаһар, сүүрэр, хайыһардыыр, турникка ыйанан баран түспэт буолара. Инньэ гынан, мин эмиэ туста, сүүрэ сылдьыбытым, атах ооньуутунан дарыктаммытым, футболу, баскетболу сөбүлээн оонньуурум. Республика таһымыгар тахсыбатаҕым эрээри, оройуоҥҥа кыттан миэстэлэһэрим. Билигин доруобуйаны бөҕөргөтүү бэрээдэгинэн, спорт саалатыгар сылдьабын. Нэдиэлэҕэ иккитэ сүүрэбин – чаастан итэҕэһэ суох бытаан темпанан аэробнай сүүрүү оҥоробун. Кыһын «Триумфка», урут «Юность» стадион манеһыгар сүүрэбин, халлаан сылыйдаҕына – таһырдьа тахсабын. Нэдиэлэҕэ биирдэ бассейнҥа сылдьабын, урут биир дьарыкка балтараалыы километры харбыырым, билигин наһаа үлүһүйбэппин.

Булду сөбүлээбэт саха киһитэ суоҕа буолуо дэнэр, мин эмиэ бултуубун – кыра да, улахан да булка сылдьабын. Бэйэм сүрүннээн сылдьар сирим – Нам уонна Кэбээйи. Кустуубун, андыга сылдьыбатаҕым үс-түөрт сыл буолла. Сыллата хааска барабын. Лаайка ыттардаахпын, билигин биэс хаалла. Тайахха илдьэ сылдьабын, онтон улахаҥҥа бакаа санана иликпин. Бастакы ытым манна куоракка «Байанай» күрэҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ  бастыҥ  арҕаа сибиирдээҕи лаайка аатын ылбыта. Бу арҕааҥҥылары талбыт төрүөтүм диэн  – кинилэр кылгас кэмҥэ олус эрчимнээхтик, күүскэ сылдьаллар. Миэхэ, аҕыйах күн өрөбүлбүн туһанан сылдьар киһиэхэ, итинник балаһыанньа ордук табыгастаах. Муҥхаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн, илимнээччибин, күөгүнэн, спиннининэн үлүһүйбэппин.

Владислав КОРОТОВ
сэһэргэспитин сурукка тистэ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)