Альберт Бүлүүйүскэй, Варвара Потапова ааҕааччыга төнүннүлэр

Мин хоһоон сатаан суруйбат буолан, олох эдэр эрдэхпиттэн поэттары ураты, таҥараттан бэлэхтэппит дьоҕурдаах дьонунан ааҕарым, ыраахтан ытыктыы, ымсыыра көрөрүм. Билигин даҕаны, төһө да суруналыыстыкаҕа кэлбитим балайда бириэмэ ааспытын үрдүнэн, хоһоонньуттарга сүгүрүйэбин.

Олох кыра сааспыттан ааҕарбын сөбүлүүр буолан, кинигэ эйгэтигэр улааппытым, ол эрээри прозаны ордорорум. Онтон миигин хоһоон эйгэтигэр чугаһаппыт киһинэн Альберт Бүлүүйүскэй буолар. Кинини кытта 1970 сыллаахха Дьокуускайга абитуриенныы сылдьан билсибитим. Сунтаартан кэлбит уолаттар атаспытыгар Толя Константиновка мустарбыт. Кини бииргэ төрөөбүт убайыгар, Саха драматическай театрын биллэр артыыһыгар Сергей Иванович Константиновка  олороро. Убайа уоппускаҕа барбыт буолан, Островскай уулуссаҕа баар икки квартиралаах дьиэ аҥаарын ол сайын биһиги баһылаабыппыт. Онно Толяҕа тастыҥ убайа Альберт Бүлүүйүскэй, ол саҕана балайда биллибит поэт, ыалдьыттыы кэлэр этэ. Арааһы кэпсэтэрбит, үөрэрбит-көтөрбүт, Альберт биһигиттэн лаппа аҕа саастаах да буоллар, бэтиэхэтинэн биһигиттэн хаалсыбата, тэҥҥэ сылдьыһара. Эдэр уолаттар ол саҕана пааркаҕа үҥкүүгэ барарбыт, онно куорат ыччаттарын кытта киирсиилэр буолалларын кэпсээтэхпитинэ, Альберт төһө даҕаны аҥаар өттө ситэ хамсаабат да буоллар, “Мин кинилэри кытта бу курдук хаалтыспынан охсуһуом!”, — диэн күллэрэрэ. Сороҕор кини “Эдэр коммунист” хаһыаттан гонорар ыллым диэн харчылаах кэлэрэ, биһигини күндүлүүрэ. Онтун арыт биһиэхэ дьээбэлэнэн маннык сэһэргиирэ: “Уулуссаҕа биир киһини көрсөммүн, “Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай” диэн ырыаны билэҕин дуо?” диэн ыйыттым, “Билэбин” диэбитигэр, “Ол ырыа тылларын мин суруйбутум, биир солкуобайда аҕал диэбиппэр, бу биэрдэ”, — диэн бэркэ көрүдьүөстээн кэпсиирэ. Ол сылдьан кэпсэтэрбит быыһыгар иэйиитэ киирдэҕинэ бэйэтин хоһооннорун ааҕара. Дьэ ол сайын киниттэн биһиги Сергей Есенин туһунан истибиппит, кини улуу нуучча поэтын улаханнык таптыыра, хоһооннорун биһиэхэ улаханнык долгуйан, уйадыйан туран ааҕара. Биһиги киниттэн үөрэнэн, Есенин хоһоонноругар ырыалары ыллыыр буолбуппут. Ол сайын Альберт миэхэ Есенин хоһооннорун хомуруунньугун анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ. Ол кинигэм үйэ аҥаарын устатыгар араас сиргэ-дойдуга сылдьыбыппар хата сүтэн-оһон хаалбатаҕа, билиҥҥэ диэри мин библиотекам автографтардаах кинигэлэрин бастакы бэлэҕэ буолан сылдьар. Онтон Альберт Бүлүүйүскэй мин баара-суоҕа 16 саастаахпар бу олохпор көрсүбүт бастакы дьиҥнээх суруйааччы,  буолаары буолан, биллиилээх поэт, ону ааһан миигин поэзия эйгэтигэр бастакынан үктэннэрбит үтүө киһи быһыытынан хаһан да умнуллубат.

Альберды ол кэнниттэн куоракка уонна Сунтаарга аҕыйахта көрсүбүтүм, олус эрдэ бу олохтон барбытын истэн наһаа хомойбутум, хоргуппутум. Тойбохойго үлэлии тиийэн баран, Альберт онно детдомҥа иитиллибитин билбитим. Онтон бу аҕыйах хонуктааҕыта Тойбохойго өр алтыспыт табаарыһым Герман Егоров Альберт бииргэ төрөөбүт быраата буоларын саҥардыы биллим. Итинник олох сороҕор араас дьону, араас кэмнэри кытта сибээстиир дьикти түгэннэрдээх буолар.

Бу маны барытын мин бүгүн 50 сылтан ордуктааҕыта билсиһэн ааспыт сырдык ыралаах, үтүө санаалаах хомоҕой хоһоонньут, Саха сирин биир бастыҥ поэта Альберт Егоров-Бүлүүйүскэй кинигэтин биһирэмигэр олорон өйдөөн-санаан кэллим.

Поэт биир дойдулааҕа, Сунтаар Кутанатыттан төрүттээх кинигэ таһаарааччы Анетта Андреевна Егорова өр сыллаах ыра санаатын толорон, үгүс элбэх хоһооннорун, ыстатайыаларын, хаһыаттарга суруйууларын, доҕотторугар суруктарын, күннүктэрин кичэллээхтик хомуйан, наардаан, барытын аттаран, “Доҕотттоор, мин сир тыынннах киһитэбин” диэн дьоһуннаах, 526 страницалаах кытаанах тастаах кинигэни 500 экземплярынан “Возрождение Саха” диэн бэйэтин кинигэтин кыһатыгар таһаарбыт. Бу кинигэҕэ поэт тыыннааҕар “Чэчир” хомуурунньукка тахсыбыт “Уоттаах түннүк” диэн  дьоҕус кинигэтигэр уонна кэлин биир дойдулаахтара норуот поэта С.Т.Руфовтыын таһаарбыт үс кинигэлэригэр киирбэтэх хоһоонноро, Кутана биллиилээх учуутала, краеведа Трофим Семенович Кириллиҥҥэ уонна кини кэргэнэ Зоя Григорьевнаҕа харалла сыппыт, номох буолбут “хара бартыбыалга” ууруллубут суруйуулара, күннүктэрэ киирбиттэр.

Бүгүн түөрт чаастан ордук барбыт биһирэмҥэ поэт биир дойдулаахтара, литературоведтар, книи талааныгар сүгүрүйээччилэр истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар, Саха театрын артыыстара хоһооннорун аахтылар. Хас биирдии тыл эппит киһини биһиги болҕойон, мэктитэтигэр тыыммакка олорон иһиттибит, таптыыр поэппыт туһунан үгүс саҥаны, сонуну биллибит.

Аны туран, бу кэмнэргэ эмиэ оруобуна Альберт Бүлүүйүскэйи кытта биир кэмҥэ айбыт-суруйбут, саха норуотун кутун туппут, ыаллыы Ньурба оройуонуттан төрүттээх бастакы поэтесса Варвара Потапова айымньыларын хомуйан, Зоя Багынанова, Андрей Саввинов, Галина Томская, Евдокия Мостахова уонна Анна Саввинова эмиэ өр кэмҥэ хомуйан, “Офсет” кинигэ кыһатын салайааччыта Дария Скобелева көмөтүнэн ураты оҥоһуулаах “Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын” диэн ааттаах, 456 страницалаах, халыҥ ыраас маҥан тастаах эмиэ бэрт дьоһун кинигэни 500 экземплярынан таһаарбыттар. Бу кинигэҕэ  Кутурҕан Куо диэн норуокка ааттаммыт улуу поэтесса хоһоонноро, кини айымньыларын нууччалыы тылбаастара уонна бэйэтэ оҥорбут нууччалыытттан сахалыыга тылбаастаабыт хоһоонноро киирбиттэр.

Бу уустук дьылҕалаах, бэйэ бэйэлэрин бэркэ билсэр, чугастык доҕордоһо сылдыбыт уус-уран тыл икки чулуу маастардарын кинигэлэрэ биир кэмҥэ, дьүөрэлэһэр ааттардаах, сыл бастыҥ кинигэлэрэ диэн ааттанар кыахтаах буолан тахсыбыттара киһини долгутар уонна үөрдэр. Бу икки кинигэ саха тылын, саха литературатын таптааччыларга күндү бэлэх буолаллара саарбаҕа суох.

Владислав КОРОТОВ, автор хаартыскаҕа түһэриитэ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)