“Дыгын оонньууларын” саҥа кыайыылааҕа – Чурапчы уола Петр Старостин

“Дыгын оонньууларын” саҥа кыайыылааҕа – Чурапчы уола Петр Старостин

Биһиги Сахабыт сирин саамай күүстээх, быһый, сымса-сылбырҕа уолаттарын быһаарар күрэхтэһиилэр аан бастаан Дьокуускай куоракка 1990 сыллаахха ыытыллыбыттара. Бастаан “Боотурдар оонньуулара”. “Үрүҥ уолан” диэн ааттаммыт күрэхтэр куорат ипподромугар буолбуттара, дьон-сэргэ киэҥ болҕомтотун уонна сэҥээриитин ылбыттара.

Онтон 1995 сылтан көрүҥнэрэ сааһыланан, программата чопчуланан, “Дыгын оонньуулара” диэн ааттаммыттара. Араас сылларга бу күрэхтэргэ Иннокентий Макаров (1995-1997), Николай Дьяконов (1998, 2002- 2006), Иван Белолюбскай (1999, 2007-2011), Юрий Эверстов (2000), Анатолий Баишев (2001), Любомир Николаев (2012-2013) бастааннар, Саха сирин чулуу боотурун аатын ылан, саха норуотун киэн туттар уонна  сүгүрүйэр уолаттара буолбуттара.

Ол кэмтэн ыла “Дыгын оонньуулара” Туймаада улуу тунах ыһыаҕын биир саамай кэрэхсэнэр, уонунан тыһыынча көрөөччүнү, оҕотуттан тайахтаах оҕонньоругар, кыргыттартартан ытык эбээлэргэ тиийэ дьону түмэ тардар, спорду сөбүлээччилэр ус кыһыны быһа күүтэр, оттон бэйэлэрин кыахтаахтарынан ааҕынар уоланнарбыт төгүрүк сылы быһа атыҥҥа аралдьыйбакка, чөл олоҕу тутуһан, биир да күнү көтүппэккэ эрчиллэн бэлэмнэнэр күрэхтэһиилэригэр кубулуйдулар. Бу тэрээһин Дьокуускай куорат спорка уонна физкультураҕа управлениета Константин Бурцев тэрийиитинэн, Ылдьаа Скрябин уостубат кэпсээнинэн доҕуһуолланан ыытыллар. Быйыл бу оонньуулар үбүлүөйдэрэ – тэриллибиттэрэ 20 сыла буолбутунан сибээстээн, урукку элбэх төгүл кыайыылаахтары Иннокентий Макаровы, Николай Дьяконовы уонна Иван Белолюбскайы спорт эйгэтитттэн уонна доҕотторун ааттарыттан чиэстээн-бочуоттаан, бэлэхтэри туттартаатылар.

Оонньуулар сэттэ көрүҥтэн тураллар: “Үс төгүл үс” сахалыы ыстаныылар – субуруччу кылыы, ыстаҥа уонна куобах; хапсаҕай; 117 киилэлээх тааһы көтөҕөн, ыраах сиргэ илдьии; оҕунан ытыы; мас тардыһыы; 400 м уһуҥҥа кыыһы сырсыы уонна тутум эргиир. Урукку өттүгэр тааһы иккис күҥҥэ көтөҕөллөрө, ол гынан баран мас тардыһан уонна орто дистанцияҕа сүүрэн кэлэн баран ыарахан тааһы көтөҕөр илистиилээҕин, онтон сылтаан түмүккэ көрдөрүүтэ арыый намтыырын учуоттаан, тэрийээччилэр быйыл тааһы бастакы күҥҥэ көһөрбүттэрэ, күрэхтэһии хаамыытын, киирсиилэр сытыырхайыыларыгар туһалаах эрэ буолла.

Быйылгы Оонньууларга барыта 13 эр бэрдэ кииристэ: Леонид Николаев (Бүлүү), Виктор Докалов (Дьокуускай), Дмитрий Попов (Уус Алдан), Любомир Николаев (Үөһээ Бүлүү), Алексей Кутуков (Нам), Александр Семенов (Бүлүү), Петр Старостин (Чурапчы), Виталий Васильев уонна Владимир Федоров (иккиэн – Ньурба), Георгий Макаров (амма), Александр Аринкин (Мэҥэ Хаҥалас), Егор Гуляев (Кэбээйи) уонна Ньургун Петухов (Уус Алдан).

Хомойуох иһин, сулууспалыы сылдьар Алексей Козлов, Сунтаар мадьыныта Федор Федоров курдук эрэнэр уолаттарбыт кыттыыны ылбатылар.

Үс төгүл үс. 1. В.Васильев 2. Л.Григорьев 3. П.Старостин. Бу көрүҥҥэ Манчаары оонньуларын үс төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа, кылыыга уонна куобахха республика  рекордсмена Виталий Васильев кыайарыгар ким да саарбахтаабат этэ. Оннук да буолла, кини иккис ойуутугар 34 м 51 см  ыстанан, холкутук бастаата. Ол гынан баран, баара-суоҕа 18 эрэ саастаах Бүлүү Сыдыбылыттан төрүттээх студент Леонид Григорьев соһуччу 33 м 76 см ойон, уопуттаах кыттааччылары кэннигэр хааллартаата.   Кини 32 м 84 см түспүт  П.Старостины лаппа  куоһаран, көрөөччүлэри соһутта да, үөртэ даҕаны.

Хапсаҕай. 1. Л.Николаев 2. Н.Петухов 3. А.Аринкин. Любомир республикаҕа хапсаҕайга уонна мас тардыһыытыгар, этэргэ диэри, бэйэтин “профильнайа” буолбатах көрүҥнэргэ Аар Дархан уонна Саха сирин спордун маастарын ааттарын ылбычча сүкпэтэҕин манна эмиэ итэҕэттэ. Ол курдук, кини В.Васильевы, П.Старостины холкутук кыайталаата, хапсаҕайга бэйэлэрин биллэрэн эрэр В.Докаловы уонна В.Федоровы эмиэ охтортоото, Петухову сэрэтиинэн сабырыйда, ол сылдьан бэйэтэ Аринкинтан бүдүрүйдэ. Оттон кэнники сылларга саха многоборьетыгар олус кимиилээхтик киирсэр Ньургун Петухов Е.Гуляевы, Д.Попову, П.Старостины ыраастык, Г.Макаровы уонна А.Аринкины сэрэтиинэн кыайталаан баран, Любомирга баһыйтарда. Үгүс дьон эрэнэ күүппүт, оҕо эрдэҕинэ көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга тахсыылаахтык тустубут Александр Аринкиммыт бы сырыыга соччо табыллыбата, иккитэ сынньанна, инньэ гынан, А.Семеновы, В.Васильевы, Е.Гуляевы, Л.Николаевы кыайталаан баран, Н.Петуховка үөһээ этиллибитин курдук, сэрэтиинэн хоттордо.

Таас көтөҕүүтэ. 1. Л.Николаев – 121м 13 см 2 А.Аринкин – 120 м 34 см 3. Дмитрий Попов – 111 м 27 см. Манна 117 киилэлээх тааһы көтөҕөн баран хаамарга, суолбут оллура-боллура мэһэй буолла. Холобура, Докалов балачча эрэллээхтик баран иһэн, бүдүрүйэн тааһын ыһыктан кэбистэ, онтон кыайыыга уһулуччу дьулуурун көрдөрбүт Л.Григорьев эмиэ сыыһа үктээн охтон, тааһыгар баттата сыста. Бу суолу быйыл төгүрүччү хаамар гына оҥорбуттара, көрөөччүлэргэ даҕаны, уоланнарга да эргийэ сатаан сэниэ эспэттэригэр олус табыгастаах эбит. Арай диискэлээн дэхсилээн биэрэр буоллар бэрт буолуо этэ.

Бастакы күн маннык түмүктэннэ. А.Семенов салгыы киирсэр быраабыттан мэлийэн, күрэхтэһииттэн туораата. Онтон сарсыныгар иһиллибитинэн, биир бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр кыахтаах уолбут, кэнники сылларга бэйэтин дэгиттэр сайдыытын көрдөрөр А.Кутуковпыт хапсаҕадаһа сылдьан эчэйии ылан, бырааһынан уһулунна. Онон иккис күнү 11 уолан саҕалаатылар. 

Оҕунан ытыы. 1. В.Докалов –  47. 2. П.Старостин – 47. 3. Г.Макаров – 44. Виктор олус бэркэ ытта, анаан бэлэмнэммитэ биллэр. Кини Старостинныын тэҥ очукуону ылан баран, хаачыстыбатынан кыайда – үс төгүл уоҥҥа түһэрбитэ. Онтон урукку өттүгэр өрүү күлүккэ сылдьыбыт Г.Макаров бу күн олус ылсан кииристэ, түмүктэрэ да оннук буоллулар. Леонид Григорьев оҕу саҥа илиитигэр ылбыта көстөр. Бу көрүҥҥэ инникитин дьиҥэр ити бурят омуктар кеглилэрин ыппакка, бэйэбитигэр арыый сөп түбэһэр буулдьанан ытыыга курдук кыыллар, көтөрдөр ойууларын ыттарар буоллар, быдан сэргэх буолуо этэ.

Мас тардыһыы. 1. Д.Попов 2. Н.Петухов 3. В.Докалов. Манна 82 киилэҕэ Россия үрүҥ көмүс призера, республика уонна Манчаары оонньууларын чемпиона Дмитрий Попов чахчы кыахтаахтык бастаата, финал аҥаарыгар илиитин чэрэ баран, хаан оҕуолуу сылдьар ытыстарынан саамай күүстээх утарылаһааччыларын кытта кииристэ.  Кини Петухову 2-1, Старостины 2-0, Докаловы бэрт эриһиилээх хапсыһыыга быһаарыылаах түһүмэххэ старка урутаан 2-1, онтон бүтэһик көрсүһүүгэ Аринкины эрэлээхтик 2-0 кыайталаан, бу көрүҥҥэ бастаата. Петухов Гуляевы, Аринкины, Николаевы уонна Докаловы барыларын 2-0 ахсаанынан кытаанах киирсиилэргэ кыайталаата, уонна Поповка 1-2 кыайтарда. Докалов Григорьевы, Федоровы, Макаровы 2-0 хотуталаата,онтон Поповка 1-2, Петуховка 0-2 кыайтарталаата. Аринкин Васильевы, Старостины. Николаевы 2-0 кыайда, онтон Петуховка итинник ахсааннаах баһыйтарда, онон төрдүс миэстэнэн дуоһуйарга тиийдэ. Любомир Федоровтаах Васильевы 2-0 сабырыйталаан баран, улаханнык утарсыбакка Аринкиҥҥа уонна Петуховка 0-2 барыталаата. Инньэ гынан үс иһигэр киирбэтэҕэ түмүгэр оҕуста, бастыырын манна мүлчү тутта, бэһис миэстэҕэ түһэн хаалла.

Кыыһы сырсыы. 1. П.Старостин 2. Е.Гуляев 3. В.Васильев. Манна боотурдарбыт 400 м сүүрэн, кинилэртэн 100 м кэриҥинэн инники турар кыыһы сырсаллар, бу сырыыга кинилэр Елена Иванова диэн сунтаартан төрүттээх,  2008 сыллаахха “Азия оҕолоро” оонньууга кыттыбыт, 1500 уонна 3000 м сүүрүүнэн дьарыктанар кыыһы эккирэтэн, ситэ сатыахтаахтар. Ыарахан ыйааһыннаах мадьынылар биллэн турар, манна сүүйтэрэллэр, онон чэпчэки атлетикаҕа, сахалыы ыстаныыларга идэтийбит уолаттарбыт бастыыллара биллэр этэ. Кинилэр ыккардыларыгар Дыгын оонньуутугар саҥа кыттар, Кэбээйиттэн сылдьар мас тардыһыынан дьарыктанар, киэҥ эйгэҕэ оччо биллэ илик Егор Гуляев “кыбылынна”, онто тэбэн, кини уопсай түмүккэ алтыс миэстэҕэ таҕыста. Өр сылларга сүүрүүгэ идэтийбит, республика бастыҥ тренерин аатын ыла сылдьыбыт Л.Николаевпыт кэлин күүстээх көрүҥнэргэ көһөн, лаппа “ыараабыта” таайан, бэсиһинэн кэллэ.

Манна Ылдьаа Скрябин хас да сыллааҕыта Иван Белолюбскай эмиэ Сунтаар кыыһын сырсан баран, бэйэтин дьылҕатын онно булбутун кэпсээн дьону сэргэхситтэ.

Тутум эргиир. 1. П.Старостин – 44. 2. В.Федоров – 42. 3. Д.Попов – 40. Бу уһулуччу имигэс буолууну, кытаанах иҥии-былчыҥы, сиһи-атаҕы эргиччи эрэйэр көрүҥҥэ арыый намчы уолаттар ситиһиилэнэллэр. Тутум эргиири Россия спордун специалистара эмиэ сэҥээрэллэр, ол курдук, оскуола үөрэнээччилэрин эт-хаан өттүнэн сайдыыларын бэрэбиэркэлиир эрчиллиилэргэ киллэрбиттэрэ. Билигин хаттаан тиллэн эрэр ГТО-ҕа эмиэ  киллэриэххэ наада диэн этиилэр иһиллэллэр. 

Уопсай түмүк (наҕараадаламмыт аҕыс бастыҥ көрдөрүүлэрэ):

1. Петр Старостин – 25 очукуо (3 х 3 – 3, хапсаҕай – 5, таас – 6, ох – 2, мас – 7, сүүрүү – 1, тутум – 1)

2. Любомир Николаев – 29 (3 х 3 – 9, хапсаҕай- 1, таас – 1, ох – 4, мас – 5, сүүрүү – 5, тутум – 4)

3. Александр Аринкин – 38 (3х3 – 6, хапсаҕай – 3, таас – 2, ох – 9, мас – 4, сүүрүү – 8, тутум – 6) 

4. Дмитрий Попов – 41 (3 х 3 – 8, хапсаҕай – 11, таас – 3; ох – 6; мас – 1; сүүрүү – 9; тутум – 3) 

5. Ньургун Петухов – 41 (3 х 3 – 12; хапсаҕай – 2; таас – 4; ох – 7; мас – 2; сүүрүү – 4; тутум – 10) 

6. Егор Гуляев – 43 (3 х 3 – 5; хапсаҕай – 7; таас – 11; ох – 5, мас – 8, сүүрүү – 2, тутум – 5) 

7. Виктор Докалов – 44 (3 х 3 – 10; хапсаҕай – 6, таас – 5, ох – 1, мас – 3, сүүрүү – 11, тутум – 8)

8. Владимир Федоров – 47 (3 х 3 – 7, хапсаҕай – 4, таас – 7, ох – 10, мас – 10, сүүрүү – 7, тутум – 2) 

Икки күүннээх сындааһыннаах хапсыһыылар кэннилэриттэн, кыайыылаах быһаарылынна. Саха сирин саамай күүстээх, сымса,  быһый уоланынан чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх Петр Старостин ааттанна. Кини Чурапчытааҕы физкультура институтун бүтэрбитэ, орто дистанцияларга сүүрүүгэ, ыстаныыларга республика биир күүстээх спортсмена, кэнники сылларга сахалыы многоборьеҕа бэйэтин көрдөрөн эрэр. Ол курдук, былырыын дойдутугар ыытыллыбыт Манчаары оонньууларын кыайыылааҕа, быйыл “Тоҕус томтор оонньуулара” диэн күрэххэ эмиэ бастаабыта. Бу кыайыытынан Петр “Алмаасэргиэнбаан” туруорбут УАЗ-Хантер массыынатын күлүүһүн куорат мээрэ Айсен Николаев илиититтэн тутта. Иккис миэстэҕэ тахсыбыт Любмир Николаевка “Синтай” дьоҕус тыраахтар уонна “Биһирэм боотур” аатын кытта, “Алмааскредитсервис”-тэн 50 тыһыынча солкуобайдаах сертификат туттарылынна. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тахсыбыт Александр Аринкин “Минскэй” матассыыкылынан наҕараадаланна.

Түмүкпэр, маннык соччото суох көстүүнү ахтыбакка ааһарым сатаммат. Ханнык да күрэхтэһии буоллар, кыайыылаах аата билиннэ да, үгүс көрөөччүлэрбит түһүлгэттэн тахсан баран хаалаллар. Биһиги көрөөччү, ыалдьааччы культуратын, сиэрин-туомун хаһан да умнуо суохтаахпыт, спортсменнарбытын кытта кинилэр үөрүүлэрин үллэстэрбит булгуччулаах дии саныыбын.

Аны туран, кэнники куһаҕан кыдьыктанныбыт, интэриниэт ситимигэр этэргэ дылы, монитор кэннигэр саһан олорон, хос аатынан хаххаланан, кыайбыт буоллун, кыайтарбыт буоллун, араастаан үөҕэн барар буоллубут. Сурах хоту батсаабынан, араас куорумнарынан сымыйа сонуну тарҕатабыт, онтукабыт бэчээккэ да быгыалыыллар. Уйбаан Белолюбскай көрөөччүлэр үгүс көрдөһүүлэринэн Оонньууга кыттарыттан аккаастаммыта диэн суруйан миигин, бу бэртээхэй спортсмены уонча сыл устата билсэн, икки сылтан ордук  бииргэ үлэлир киһини улаханнык соһуттулар.

Владислав КОРОТОВ,

автор уонна Надежда Ефремова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)