Анатолий Григорьев: «Биһиги сокуон өттүнэн көмүскэнэн, кэнэҕэски ыччаттарбытыгар тыытыллыбатах айылҕаны хаалларар соруктаахпыт»

— Анатолий Васильевич, бу кэлбит сылы Сунтаар улууһа Экология сылынан биллэрдэ. Ити туһунан сиһилии кэпсии түспэккин ээ…

— 2019 сылы биһиги улууспутугар Экология уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын сылынан биллэрбиппит мээнэҕэ буолбатах. Ааспыт сыл атырдьах ыйыгар алмаасчыттар Бүлүү өрүспүтүн улаханнык киртитэн, дьон улахан долгуйуута тахсыбыта. Онон бу хайысхаҕа болҕомтону тардар уонна былааннаах үлэни ыытар сыалтан-соруктан итинник дьаһанныбыт.

Бастатан туран, бу сылга анаан биһиги киэҥ хабааннаах программа оҥоробут, киэҥ боломуочуйалаах улахан хамыыһыйа тэриллиэн үлэлиэҕэ. Бу манна улуус дьоно-сэргэтэ эрэ буолбакка, биһиги улууспут сиригэр-уотугар үлэлиир бары промышленнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, сир баайын хостооччулар – АЛРОСА хампаанньа, «Сургутнефтегаз», «Газпромгеологоразведка», о.д.а. сир баайын туһанааччылар киириэхтэрэ. Ону таһынан, айылҕа харыстабылын уонна доруобуйа харыстабылын министиэристибэлэриттэн эмиэ баар буолуохтара.

Бу сыл чэрчитинэн туох үлэ-хамнас барыаҕай диэн дьон интэриэһиргиир. Сүрүн сыалбыт-сорукпут — Сунтаар улууһун олохтоохторун, нэһилиэнньэни бүтүннүүтүн – ыраас уунан хааччыйыы. Ити өттүгэр салгыы үлэбитин ыытыахпыт. Ону таһынан, АЛРОСА хампаанньаны кытта дуогабар түһэрсэн, саҥа ыраастыыр станциялары туруортааһын, билигин үлэлии турар станциялар кыамталарын күүһүрдүү, сир анныттан ууну ылар альтернативнай источниктары көрдөөһүн, чинчийии, састаабын быһаарыы, саҥа уу ылар сирдэргэ суоллары оҥоруу ыытыллыаҕа.  

Кэнники сылларга улууспутугар бэйэбит балык үөскэтэн таһааран, күөллэрбитигэр, өрүспүтүгэр ыытыынан дьарыктаныахтаах сыах оҥоһуутун үөрэтэ сылдьабыт. Ол эмиэ бу программаҕа киириэҕэ.

Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээн, ураты харыстанар сирдэрбитин элбэтэн, бу категорияҕа киирэр сирдэр иэннэрин улаатыннарыахпыт. Миниистир Сахамин Миланович Афанасьевтыын көрсөн, бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэрсэргэ сүбэлэстибит.

Доруобуйа харыстабылыгар эмиэ ураты болҕомто ууруохпут. Диагностиканы тупсарарга, Сунтаар улууһугар бэйэбитигэр компьютернай томограф баар буоларын ситиһиэхтээхпит. Сылын аайы, Дьокуускайтан улахан састааптаах быраастар десаннара кэлэн, нэһилиэнньэ доруобуйатын кэлимник чинчийэрин олохтуохпут. Сунтаар нэһилиэгэр балыыһа комплексын бастакы уочарата үлэҕэ киирбитэ, билигин биһиэхэ ол аттыгар иккис уочараты тутуу соруга турар, ону инвестиционнай бюджет программатыгар киллэриэхпитин наада. 

Дьиҥэр, былаан олус элбэх. Ону бу тэриллиэхтээх хамыыһыйаны кытта түмсэн олорон, барытын ааҕан-суоттаан, торумнаан баран, программаҕа киллэриэхпит уонна нэһилиэнньэҕэ тиэрдиэхпит.

— Бу программа олус элбэх үбү эрэйэрэ биллэр суол. Ону олоххо киллэрэргэ хантан үбүлээһин кэлиэҕэй – хампаанньаны кытта анал дуогабар түһэрсэҕит дуу, эбэтэр уруккуттан дивиденд быһыытынан бэриллэр харчы манна туһаныллыа дуу?

— Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн оҥорор үлэлэрбитигэр дивиденд үбүн туһаныахпыт. Ону таһынан күн бүгүҥҥэ диэри хампаанньаны кытта бу боппуруоска күүскэ үлэлэһэ сылдьабыт. Төһө кыалларынан, туспа программа оҥороммут, АЛРОСАттан үбүлэнэр курдук дьаһаныахпыт. 

— Промышленность айылҕаны, Бүлүү өрүспүтүн киртитэригэр аан бастакы улахан охсууну Мииринэй Сүлдьүкээрэ, онтон салҕыы Сунтаар Бүлүүчээнэ (эн төрөөбүт-үөскээбит дойдуҥ), Наахарата, Кириэстээҕэ ылаллар. Атырдьах ыйынааҕы быһылаан иннинэ хас бөһүөлэк ыраастыыр тэрилинэн хааччыллыбытай? Уопсайынан, улууска билигин төһө итинник станция үлэлии турар?

— Мин 2015 сылга баһылыгынан талыллаат, Бүлүү өрүс сүнньүгэр олорор нэһилиэктэри хааччыйар сыаллаах, «Ыраас уу» диэн программаны ылынары көҕүлээбитим. Онно АЛРОСА дивиденнэриттэн үп көрөн, 12 станция нэһилиэктэргэ тутуллан, үлэҕэ киирбиттэрэ. Биһиги эрдэттэн итинник дьаһаммыппыт түмүгэр, атырдьах ыйынааҕы алдьархай содулларын лаппа сымнаттыбыт диэн этиэхпитин сөп. Бу станцияларбытын эрдэ туруорбатахпыт буоллар, өрүстэн уунан туһанар сэлиэнньэлэргэ балаһыанньа быдан уустугуруо этэ.

Билигин, улахан алдьархай кэнниттэн, барытын анализтаан көрдүбүт. Ол түмүгэр биллибитинэн, сорох улахан нэһилиэктэрбитигэр турар ыраастыыр станцияларбыт кыамталара тиийбэт эбит. Ол иһин, эмиэ АЛРОСАны кытта кэпсэтии ыытан, ол станциялар кыамталарын  улаатыннарар, саҥардар туһугар үлэлэһэ сылдьабыт. Ону таһынан, үс нэһилиэккэ – Туойдаахха, Устьеҕа уонна Ыгыаттаҕа – саҥа станциялары туруорары ситиһиэхпит.

Онтон улуус киинигэр 2006 сыллаахха IV Спортивнай оонньуулары көрсө улахан ууну ыраастыыр станция үлэҕэ киирбитэ. Билигин Сунтаар нэһилиэгин ол станция хааччыйар, ону таһынан икки чааһынай тэрилтэ ууну ыраастаан, бытыылкалаан атыылыыр. Балар быыстала суох үлэлии тураллар.

Муус халыҥатааҕына, өрүс уҥуор сытар Мохсоҕоллоох күөлүттэн  ууну баһан, Сунтаар сэлиэнньэтин социальнай объектарын хааччыйабыт. Бу программабытыгар Мохсоҕоллоох уонна Ымыйахтаах күөллэргэ өссө эбии чинчийии ыытыахпыт, уутун саппааһын, састаабын сиһилии үөрэтиэхпит. Уонна сир анныттан ууну ылан, нэһилиэнньэни, социальнай объектары хааччыйар курдук үлэ барыаҕа.

Республика промышленноһын миниистирин Максим Владимирович Терещенконы кытта көрсүһэн кэпсэтэ сылдьыбытым.  Кини ханнык нэһилиэнньэлээх пууннарга уу разведкатын ыытарга былаанныыргытын ыйан, сайаапката биэриҥ диэбитэ. Ону биһиги ол сайаапкабытын бэлиэр тиэрдибиппит, онон бу саҥа сылтан ити хайысхаҕа үлэ барыа диэн эрэнэбит.

— Бүлүү өрүс сүнньүгэр Сунтаар улууһугар хас нэһилиэк баарый?

— Кыра нэһилиэктэри киллэрэн туран, өрүс хочотугар 15 бөһүөлэк баар. Итиннэ өрүстэн икки көс кэриҥэ тэйиччи сытар, ол гынан баран, бэйэтигэр иһэр уулаах күөллэрэ суох Туойдаах нэһилиэгин эмиэ ааҕабыт.

— Ити ахтыллар станциялар ууга механическай ыраастааһыны ыыталлар. Көннөрү фильтрынан уу харахха көстөр кирин, наукаҕа ааттанарынан, «взвешеннэй частицалары» эрэ ыраастыыр, таба тутар кыахтаахтар. Ити фильтрдар киһи доруобуйатыгар ордук кутталлаах радиоактивнай  элеменнэри, ыарахан металлары туппаттар, онтон итинниктэри ыраастыыр кыахтаах биологическай станциялары туһанар туһунан кэпсэтии барар?

— Ити боппуруоһу биһиги үчүгэйдик үөрэтэн көрүөхпүтүн, бу хайысхаҕа үлэлиир туһааннаах специалистары кытта сүбэлэһиэхпитин наада диэн быһаардыбыт. Маны таһынан, биһиги улууспутугар уникальнай минерал – цеолит – хостонор. Бу тааһы уу ыраастааһыныгар туһанар кыахтары үөрэтэ сылдьабыт, манна үгүс үлэ эрэйиллэр. 

— Итиннэ наука тэрилтэлэрин кытта сибээстээх. былааннаах үлэ ыытаҕыт?

— Биһиги этии киллэрбиппит: Бүлүү сүнньүн уутун барытын толору анализтаан, киртийиини туоратарга комплекснай программа оҥоруохха наада диэн. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев льаһалынан, ааспыт күһүн Наукалар академияларын учуонайдара, специалистар кэлэн нэһилиэктэри кэрийдилэр,  программа ылыныыбытыгар бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. Онон ити үлэлэр научнай арыаллааһынын оҥоһуллуохтара.

— Бу экологияҕа хамсааһыныгар, тахсыбыт алдьархай содулларын туоратыыга общественность төһө актыыбынайдык кыттарый? Дьиҥэр, Саха сиригэр айылҕа харыстабылыгар норуот турунуута Сунтаартан саҕаламмыта эбээт…

— Чахчы, биһиги патриот биир дойдулаахтарбыт Эдуард Дмитриевич Соколов, Валерий Петрович Мекумянов, Виктор Гаврильевич Трофимов, Михаил Афанасьевич Акимов төрөөбүт дойдуларын айылҕата айгырыырын утары күүстээх үлэни ыытан кэлбиттэрин биһиги бары өйдүүбүт, үрдүктүк сыаналыыбыт. Түгэнинэн туһанан, бар дьоммор биллэриэхпин баҕарабын – биһиги улууспутугар айылҕа харыстабылыгар уһулуччу өҥөлөөх дьоммутун бэлиэтиир соруктаах Эдуард Соколов аатынан бириэмийэни ааспыт сылга олохтообуппут.

Сунтаар сэлиэнньэтигэр баар лабораторнай пууну күүһүрдэр үлэ ыытыахпыт. Алдьархай буолаатын кытта, АЛРОСА хампаанньаҕа тиийэн мунньахтаан, баар балаһыанньаны тиэрдэн, Сунтаар биир уһук гэһилиэгэр Бүлүүчээҥҥэ лаборатория арыйарга этии киллэрбитим. Оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэлэрэ уу пробатын ылан, анализтаан, өрүс туругун хонтуруоллуу туруо этилэр. Олус наһаа дириҥэтиллибит анализ да буолбатар, сүрүн көрдөрүүлэри күннэтэ билэ олоруохпутун сөп буолуоҕа.

Онтон общественнай хамсааһын туһунан быһаччы этэр буоллахха, биһиги общественниктарбытыгар махтаныахпын баҕарабын.  Кинилэр тутатына кыттан, Мииринэйгэ тиийэн, хамапаанньа салалтатын кытта көрсөн, саахал буолбут сиригэр сылдьан, киинэҕэ устан, бэйэлэрин санааларын этинэннэр, бу боппуруоска күүс-көмө буолбуттара, улахан хамсааһын таһаарбыттара. Бүлүүчээҥҥэ эмиэ Надежда Васильевна Данилова салалтатынан общественниктар күүскэ турунаннар, туруорсаннар, билиҥҥэ диэри балаһыанньаны кэтии, хонтуруоллаһа сылдьаллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ туох буола турарын тиэрдэллэр. ­­­

— Ол гынан баран, Сунтаартан Мииринэйгэ тиийэн устууга, бастакы телевизорга биэриигэ «АЛРОСА сөпкө үлэлии олорор, туох да кутталлаах суох, Бүлүү уутун туруга чөлүгэр түһэн эрэр эбит » диэн бүттүүн Саха сиригэр иһитиннэрбиттэрэ, норуоту уоскутан кэбиспиттэрэ кыайан өйдөммөтөҕө… Бу кирдээх уу өссө хас да ыйы быһа Бүлүүнэн тарҕанан, Ленаҕа тахсыбытын бары билэ-көрө сылдьыбыппыт. Онтон ыкса күһүн муус туран эрдэҕинэ, эмиэ кирдээх уу халыйан кэлбитигэр, эн Бүлүү эҥээр улуустар баһылыктарыттан соҕотоҕун АЛРОСА салалтатыгар аадырыстаан, «экологическай алдьархай буолла» диэн аһаҕастык билинэн, сурук суруйбутуҥ.

— Мин общественниктарбытын өйдүүбүн, көмүскэһэбин. Кинилэр миэстэтигэр тиийэн, АЛРОСА  туох былааннааҕын, туох үлэ бара турарын норуокка кэпсээбиттэрэ. Кинилэр анал үөрэхтээх специалистар буолбатахтар, онон алмаасчыттар тугу көрдөрбүттэрин, кэпсээбиттэрин норуокка тиэрдибиттэрэ. Хайдах да буолбутун иһин, общественниктарбыт күн бүгүҥҥэ диэри биһиэхэ күүс-көмө буола тураллар. Өссө даҕаны бииргэ үлэлиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.

Онтон кэнники куһаҕан өҥнөөх уу тааҥа тахсыбытын туһунан иһитиннэриилэр куйаар ситимин нөҥүө, социальнай ситимнэргэ кэиҥник тарҕанан, нэһилиэнньэ улаханнык ыксаабыта, аймаммыта. Дьон-сэргэ миигин көрсөн, эмиэ улаханнык долгуйбуттарын биллэрбиттэрэ. Мин суһаллык АЛРОСА хампаанньаҕа бу түгэни быһааран биэриҥ диэн сурук суруйбутум. Онно сотору буолан баран, хоруй туппутум: «Ханыык да саҥа саахал тахсыбатаҕа, уу анныгар сөҥөн хаалбыт эттиктэр көбөн тахсан, өрүскэ суураллан, уубут өҥө уларыйда», – диэн быһаарбыттара. Роспотребнадзор олохтоох сулууспатыгар бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаабыппын, анализ түмүгүнэн сорох веществолара нуорманы аһары баран турара көстүбүтэ, онон нэһилиэнньэҕэ «Өрүс уутун иһэргэ туһаныллыбат», – диэн биллэрии ыыттарбыппыт.Төһө да нуормаҕа эппиэттиир буолбутун иһин, өрүс уутун станциянан ыраастаммытын эрэ кэннэ оҕо тэрилтэлэригэр, чааһынай ыалларга туттарга көҥүллэнэр.

— «Ууолохпут сүрүнэ» диибит. Дьон үксэ механическай ыраастааһыны ааспыт ууну иһэр, арыый кыанар өттө бытыылкалаах ууну атыылаһар. Онтон өрүс сүнньүгэр олорор 15 нэһилиэк сүөһүлэрэ барыта өрүстэн уулууллар. Бу ынахтар, сылгылар эттэрэ-үүттэрэ дьоҥҥо ханнык даҕаны кутталынан суоһаабаттар диэн ким мэктиэлиэн сөбүй?

— Кырдьыгынан эттэххэ, биһиги бу өттүгэр улахан болҕомто уурбакка олорбуппут. Онтон сэтинньи бүтэһигэр Ил Түмэҥҥэ Бүлүү өрүс киртийиитин боппуруоһун тула парламентскай кэпсэтии буолбута. Онно биһиги улууспут депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Ульяна Дмитриевна Попова оруобуна бу боппуруоһу көтөхпүтэ. Бу хайысхаҕа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, атын да туһааннаах тэрилтэлэри, сулууспалары кытта күүстээх үлэ барыан наада.

Хомойуох иһин диэххэ сөп эбитэ дуу, эрдэ туруоруллубут станцияларбыт үчүгэйдик үлэлээбэккэ тураллар. Тоҕо диэтэххэ, кыһыҥҥы өттүгэр нэһилиэнньэ үксэ муус уутун ылан иһэр буолан, станциялары үлэлэтэр ороскуоттаах да, улахан наадата да суох курдук буолар. Биһиги олохтоох нэһилиэнньэбитигэр өйдөтүү үлэтин ыыта сатыыбыт – муус уута буолла да, ол ыраас, доруобуйаҕа туһалаах уу диир сатаммат.

— АЛРОСА соторутааҕыта биһигини бэйэбитин, ордук сүлдьүкээрдэри, буруйдаабыта: уонтан тахса сыллааҕыта биэрбит ыраастыыр станцияларын сатаан туһаммакка, фильтрдарын да улларыппакка олороҕут, нэһилиэктэргэ станцияларынан дьарыктанар специалистар суохтар диэн.  

— Дьиҥэр, ити туһанарга уустук тэриллэр буоллахтара дии, онон станциялары эксплуатациялыырга анаан үөрэммит, хамнастаах дьон үлэлиэхтэрин наада. Билигин үлэлии олорор дьону быстах үөрэтэлээбиттэрэ. Инникитин маны дьаһаныахпытын наада.

Үөһээ Бүлүүгэ буолбут АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Сергеевич Иванов кыттыылаах мунньахха биһиги республикабыт Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев ыраастыыр станциялары биир кииннэммит тэрилтэҕэ – ОДьКХ министиэристибэтигэр эбэтэр «Водоканаалга» – биэрэр наадатын туһунан эппитэ.

— Онтон сэтинньи 12 күнүгэр буолбут общественность мунньаҕар АЛРОСА АХ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Прокопьевич Дьячковскай Бүлүү бөлөх улуустарга кэнники кэмҥэ 1 млрд. 850 тыһ. солкуобайы, хас сыл ахсын биирдии улууска 800-түү мөлүйүөнү биэрдибит диэн эппитэ. Улуус бу олус элбэх кээмэйдээх үбү туохха туһанарый, баҕар, күннээҕи бүппэт кыһалҕаларга ороскуоттанара буолаарай? Чопчулаан экология хайысхатыгар онтон төһөтө туһуланарый?

— Улуустар дивиденд үбүн сөптөөхтүк, тус сыаллаах тутталларыгар аналлаах концепция оҥоһуллан турар. Онно көрүллэринэн, ити үп 90%-а инвестиционнай хараахтырдаах буолуохтаах. Ол эбэтэр, кэскиллээх тутууларга барыахтаах. Онтон дьэ хаалбыт 10%-а атын сыалларга туһаныллыахтаах. Инньэ гынан, биһиги 2015 сылтан саҕалаан,  улууска уу ыраастыыр станциялары туруорары  уонна Сунтаар сэлиэнньэтигэр канализационнай станция тутары үбүлээбиппит.

— Бу сүрдээх улахан сууммалар. Атын улуустар, кистээбэккэ эттэххэ, ымсыыраллара баа буолбатах, өссө эбиитин сороҕор хомуруйаллар, итиччэ харчыны ылан олорон бэйэлэрэ сатаан ыраас уунан хааччымматтар диэн.

— Мин санаабар, итинник саныыр, аахсар сыыһа буолуо дии саныыбын. Биһиги улуустарбыт промышленнай тэрилтэлэр бас-баттах үлэлэриттэн улаханнык оҕустаран, эмсэҕэлээн олорон буоламмыт итинник үбүлээһини ылабыт. Ханнык да харчы дьон доруобуйата аһааҕырбытын, ыарыылар элбээбиттэрин толуйар кыаҕа суох. Төһө кыалларынан, биһиги ити үбү социальнай тутууларга туһулуубут. Үөһэ ахтан аһарбытым курдук, экологическай тутуулар ыытыллаллар. Ону таһынан, эмиэ эрдэ этиллибитин курдук,элбэх кэскиллээх былааннардаахпыт.

— Аны туран, кэнники кэмҥэ хампаанньа, уонна сорох атын да дьон маннык этэр буолбуттар: «Бу киртийиигэ өрүс сүнньүгэр олорор дьон бэйэҕит буруйдааххыт, билигин дьон барыта дьиэ иһигэр араас химияны  хото туһанар, ону таһынан, тыа да сиригэр дьиэлэри тупсаран оҥоруу түмүгэр, туох баар канализацияҕыт кирин-хоҕун барытын Бүлүү өрүскэ кута олороҕут. Уу анализтарын түмүгүн көрдөххө, нуорманы таһынан аһары барыыга сүнньүнэн ПАВ (поверхностно-активные вещества) бэлиэтэнэр. Ити барыта промышленнай тобохтор буолбатахтар, олохтоох дьон бэйэлэрэ таһаарар кирдэрэ-хохторо. Ону таһынан, иитэр сүөһүгүт эмиэ өрүстэн уулуур, ол иигэ-сааҕа барыта ардах, сыккыс уутун кытта өрүскэ түһэр,  эбэтэр кыһыны быһа ойбоҥҥо мунньуллан баран, мууһу кытта ууллан, син биир өрүскэ түбэһэр».

— Кэнники кэмҥэ нэһилиэнньэҕэ үгүс өрүттээх иитэр-үөрэтэр, сырдатар үлэни ыыттыбыт – тыа сиригэр дьиэни-уоту толору хааччыллыылаах оҥорорго. Биһиги дьоммут дьиэлэрин тупсарыыга кэлин биллэрдик ылсар буолбуттара үөрдэр. Улуус киинигэр итинник толору хааччыллыылаах чааһынай дьиэ ахсаана элбии турар, онуоха эбии элбэх квартиралаах дьиэлэр тутуллаллар, бу ааспыт сылга Сунтаар улууһугар аан бастакы биэс этээстээх таас дьиэни үлэҕэ киллэрбиппит. Ол дьиэлэр канализацияларын тобоҕо барыта аналлаах котловаҥҥа кутулла сыппыта. Онтон сотору Сунтаарга канализацияны ыраастыыр систиэмэ үлэҕэ киириэҕэ. Онно туох баар септиктэртэн хачайдаан ылан, ити систиэмэҕэ кутан ыраастатан эрэ баран, өрүскэ түһэриэхпит.

— Онтон бэйэбит бөһүөлэктэрбит тастарын толорбут бөхпүтүн-сыыспытын, киэҥ сирдэринэн тайаан сытар сыбаалкаларбытын хайдах хомуйабытый, сааһылыыбытый?

— Хомойуох иһин, итинник көстүү баар. Уопсайынан, айылҕаны харыстааһыны бэйэбититтэн саҕалыахха наада, хас биирдии ыал дьиэтин иһиттэн, тэлгэһэтиттэн, хас бөһүөлэк, сэлиэнньэ ис-тас өттүттэн. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр холобур биэрэн. Нэһилиэктэр дьаһалталарын, оскуола, культура үлэһиттэрин, общественниктар да өттүлэриттэн араас хайысханан өйдөтүү үлэ барар даҕаны, итинник быһыылар хатылана тураллар. Арай Сунтаар улууһугар өссө Климент Егорович Иванов оройуону салайан олорбут кэмигэр, түөрт уонча сыллааҕыта олохтоммут үтүө үгэс баар – норуокка олохсуйан хаалбыт аатынан, «гражданскай оборона күннэрэ». Саас уонна күһүн бу күннэргэ оройуон нэһилиэнньэтэ барыта тахсан, сэлиэнньэлэр истэрин, ыһыахтыыр сирдэри, суоллар кытыыларын, чугастааҕы ойуурдары ыраастыыр, бөҕү хомуйар.Манна ким да туора турбат – биирдиилээн ыаллар, тэрилтэлэр, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ. Сыл аайы бары тахсан хомуйабыт да, хомойуох иһин, бөхпүт көҕүрээбэт – куппуттарын курдук кута тураллар.
Онон биир дойдулаахтарбыттан, Олоҥхо дойдута диэн киэн тутта ааттыыр Сунтаарым дьонуттан-сэргэтиттэн көрдөһүөм этэ – оҕолорбутугар-сиэннэрбитигэр төрөөбүт сирбитин-дойдубутун, тулалыыр эйгэбитин, баар-суох баайбытын – Ийэ айылҕабытын буомурдубакка, чөл туруктаах хаалларыаҕыҥ.

— Онтон ити сыбаалкалары, биһиги күннээҕи олохпутугар тахсар араас бөхтөрү улуус таһымыгар хомуйар, ону суох гынар эбэтэр, төттөрүтүн, туһаҕа таһаарар курдук кубулутар үлэлэри оҥорор тэрилтэ баар буолуо дуо?

— Билигин олох-дьаһах хаһаайыстыбатын ситимигэр уларыйыы киирдэ. 2019 сыл тохсунньу 1  күнүттэн региональнай оператор диэн үлэлиир буолла. Биһиги эҥэргэ итинник операторбыт Мииринэйгэ баар буолуоҕа. Кинилэр бэйэлэрин тарифтарын бырабыыталыстыба таһымыгар көмүскүүллэр, онон уопсай дьиэҕэ эбэтэр бэйэтин чааһынай дьиэтигэр олорор дьоҥҥо киһитин ахсаанынан олохтоммут тариф быһыытынан төлөбүрү ылан, бөҕү хомуйан утилизациялыахтара.

— Доруобуйа харыстабылыгар араас программа үлэлиир диэтиҥ. Холобур, айылҕа харыстабылыгар урукку өттүгэр, промышленнай баһылааһын иннинэ, биһиги Бүлүүбүт, тулалыыр эйгэбит хайдах туруктаахтарын ким даҕаны кээмэйдээбэтэх, онон билиҥҥи балаһыанньаны уруккуну кытта тэҥнээн көрөр кыахпыт суох, этэргэ дылы, «отправной точкабыт» суох. Онтон дьон доруобуйата бу алмаасчыттар буруйдарынан маннык айгыраата диэн этэргэ эмиэ быһаччы төрүөт суохха дылы. Алмаас хостонуон иннинэ олохтоохтор доруобуйаларын киэҥ хабааннаах үөрэтии, чинчийии ыытыллыбыта буолуо дуо, оннук көрдөрүүлэр бааллар дуо?

— Улуус балыыһатыгар оннук дааннайдар бааллар. Онон нэһилиэнньэ доруобуйатын динамикатын хайдах баҕарар анализтаан көрүөхпүтүн сөп. Итинник информация туох да кистэлэҥэ, хааччааҕа суох, биһиги учуонайдар, экологтар, общественниктар наадыйар буоллахтарына,биэриэхпитин сөп.

— 90-с сылларга биһиги биир дойдулаахпыт, медицинскэй наука доктора, профессор Вадим Григорьевич Кривошапкин салалтатынан Доруобуйа института ыыппыт научнай экспедициялара Бүлүү өрүс хочотугар үлэлээбитэ, элбэх чинчийиилэои ыыппыта. Билигин Ил Дархан А.С.Николаев бастакы ыйааҕын чэрчитинэн эмиэ итинник киэҥ хабааннаах научнай экспедициялар былааннаналлар. Эмиэ биир дойдулаахпыт, наука доктора Алкивиад Исидорович Иванов тэрийбит Комплекснай медицинскэй проблемалары үөрэтэр Россия наукаларын аакдемиятын Дьокускайдааҕы научнай киинэ бэйэтэ сүрдээх киэҥ программалаах. Быйыл Сунтаарга, атын да Бүлүү бөлөх улуустарыгар нэһилиэнньэ доруобуйатын кэлимсэ чинчийиилэрин ыытыахтарын сөбүн туһунан биллэрбиттэрэ. Уон быраас, специалист бэйэлэрин аппаратураларын илдьэ тиийэн, биир орто нэһилиэк дьонун буор-босхо бэрэбиэркэлиибит, биһигини илдьэр-аҕалар, үлэлиир уонна олорор сиринэн хааччыйар буоллахтарына диэн усулуобуйалаахтара. Улуус дьаһалтатыгар итинник этиилэр киирэллэр дуо, науканы, медицинаны кытары үлэлэһэн эрэбит диэбитиҥ?

— Үөһэ ахтыллыбыт аҕа баһылыкпыт укааһын быһыытынан, итинник экспедиция, нэһилиэнньэ доруобуйатын чиничийии ыытыллыахтаах. Онон ол былааныгар итинник комплекснай чинчийиилэр, кэтээн көрүү уонна диагностикалааһын булгуччу киириэхтээхтэр.

— Эн бэйэҥ Сунтаар олохтооҕун быһыытынан көрүүгэр хайдаҕыйыарыылар, чуолаан рак курдук уодаһыннаах ыарыы, ону таһынан араас итэҕэстээх доруобуйалаах оҕо төрөөһүнүн ахсааннара улууска хайдаҕый, кэнники сылларга ити сыыппара улаата турар диэн норуокка кэпсииллэрэ төһө оруннааҕый?

— Мин итинник докумуоннары ылан үөрэтэн көрбүтүм. Кэнники кэмҥэ ыарыылар, рак элбээһиннэрэ баар. Уонна рак курдук ыарахан ыарыы быдан «эдэримсийбитэ» сэрэхэдитэр. Специалистар этэллэринэн, итиннэ уу сабыдыаллаах буолуон сэп дииллэригэр сөбүлэһиэх кэриҥнээхпин. Ол гынан баран, бүтэһиктээх түмүктэри барытын этиллибит научнай экспедициялар чинчийиилэрин, үөрэтиилэрин эрэ кэннэ этиэххэ сөп буолуо.

— Билигин Сунтаар улууһугар улахан хампаанньалар кэлэн, сир баайын чинчийэн, саппаастаах сирдэргэ лицензия ылан, хайыы-үйэ үлэлээн эрэллэр. Кинилэр сиргэ-дойдуга, айылҕаҕа сыһыаннара хайдаҕый? Кыыл-сүөл ахсааныгар, үөскээһинигэр, өрүстэрбитигэр-күөллэрбитигэр кинилэр төһө сабыдыаллаахтарый?

— Кистээбэккэ эттэххэ, дьайыылара үгүс. Кэнники биэс сыл иһигэр биһиги улууспут террториятыгар «Сургутнефтегаз»,  Иркутскай нефтянай компания, «Газпромгеологоразведка»  улахан хабааннаах чинчийии үлэтин ыыта сылдьаллар. Куокуну, Тэҥкэ, Наахара, Бүлүүчээн, Ыгыатта үрэҕинэн, Түбэй-Дьаархан  хайысхаларынан үлэлииллэр. Кинилэри кытта сылын аайы сөбүлэһии түһэрсэбит. Ол гынан баран, бу хамапаанньалар билигин чинчийии, үөрэтии эрэ кэрдииһигэр сылдьабыт, сир баайын хостооһун өссө саҕалана илик диэн быһаараллар. Ол иһин биһиэхэ арыый улахан сууммалаах дуогабар түһэрсибэттэр. Дьэ саппааһын быһааран, хостуур үлэлэри саҕалаатылар да, биһиги кинилэри кытта остуол нөҥүө-маҥаа олорон, дьоһуннаах кэпсэтиини ыытыахпыт.

Бу күннэргэ «РНГ» хампаанньалар бөлөхтөрүн кытары көрсүһүү буолла. Кинилэр Мииринэй, Ленскэй оройуоннарыгар нефть көрдүүллэр, хостууллар. Маны таһынан, араас сервиснай өҥөлөрү оҥороллор, үгүс хайысхаларга үлэлииллэр. «РНГ» Сунтаар улууһугар икки муоста тутуутун тендерин кыайбыта. Саһар Үрэххэ 2019 сыл бүтүүтүгэр, Оччугуй Ботуобуйаҕа 2020 сыл бүтүүтүгэр муосталары үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Улахан тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн улуус салалтатын кытары билсэн, үлэлэрин, былааннарын билиһиннэрдилэр. «РНГ» хампаанньалар бөлөхтөрө олохтоох каадыры үлэҕэ сыһыарарга, логистиканы сайыннарарга интэриэстээҕин биллэрэр. 2014 с. Саха сиригэр үлэлэрин саҕалыылларыгар 87 олохтоох каадыр баар эбит буоллаҕына, билигин 200-тэн тахса киһи үлэлии сылдьар. Маны таһынан, «РНГ» тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрин кытары сүрүннээн экологияҕа, ТОР, тыа хаһаайыстыбатын, логистика сайдыытыгар, атын да хайысхалаах үлэлэргэ бииргэ үлэлииргэ инники кэскиллээх кэпсэтиилэри ыыттыбыт.

—  Сунтаар уонна Ньурба улуустара небинэн-гааһынан баай сиргэ олорон, бэйэлэрэ гааһынан туһаммакка олороллор, тулалыыр тыабытын оттукка кэрдэн бүтэрэн эрэллэр. Нэһилиэнньэни бэйэбитигэр баар гааспытынан хааччыйыы туһунан боппуруос турар дуо?

— Ааспыт сыл бүтүүтүгэр, ахтан аһарбытым курдук, промышленность миниистиригэр М.В.Терещенкоҕа улуус баһылыктара 2025 сылга диэри газификация боппуруостарыгар мунньахтаабыппыт. Онно этиллибитинэн, биһиги  икки улууспутун гаастааһын боппуруоһа төрүт да көрүллүбэт эбит. Ону миниистирбит ити ыйытыкка чопчу хоруй биэрбэтэ. Онтон биһиэхэ үлэлээн эрэр «Газпром-Ноябрьск » диэн тэрилтэни кытта биһиги хайыы-үйэ улуус иһин магистралларын тардыы туһунан барыллаан сөбүлэһии түһэрсэн, былаанын оҥорон турабыт. Ол гынан баран, эппитим курдук, 2025 сылга диэри биһиги улууспут республика былааныгар суох. Ону миниистиргэ көнө ыйытык биэрбиппин, «Эһиги улуускут туһунан туспа кэпсэтиэхпит» диэн эрэннэрбитэ.

— Сунтаар улууһугар хас ураты харыстанар ытык сирдэр баалларый? Промышленность күүскэ киирэрин кыратык бохсор, хааччахтыыр курдук итиннэ эбии тыытыллыбат сирдэри олохтуохха сөп дуо?

— Үһүс Бордоҥ, Кэмпэндээйи, Укууһут уонна Өлүөхүмэ диэки өссө биир республикатааҕы суолталаах ураты харыстанар сирдэр бааллар. Быйылгы 2019 сылы Экология уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстыыр сылынан биллэрэммит, биһиги ити сылбыт программатыгар киллэрэн, маннык статустаах сирдэри элбэтэр соруктары туруорунабыт. Промышленнай баһылааһын, киэҥ хабааннаах хостуур үлэлэр бүгүн буолбатахтарына, сарсын син биир саҕаланыахтара. Онтон биһиги сокуон өттүнэн көмүскэнэн, кэнэҕэски ыччаттарбытыгар тыытыллыбатах айылҕаны хаалларар соруктаахпыт.

— Сунтаар улууһугар өссө 1930-с сыллартан саҕалаан, айылҕа харыстабылын боппуруостарынан утумнаахтык, кэскиллээхтик дьарыктаммыт ытык дьоннордоохпутулуу педагогтар, Социалистическай Үлэ Геройа Георгий Евдокимович Бессонов уонна уһулуччулаах биолог, норуот академига Борис Николаевич Андреев. Кинилэр үтүмэн үлэни оҥорон, музейдары тэрийэн, ыччаттарбытыгар үйэлэргэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыттара. Бу музейдар, чуолаан Элгээйитээҕи Айылҕа музейын, туруктара хайдаҕый, саҥардыы, тупсарыы үлэтэ барар дуо?

— Б.Н.Андреев норуотугар бэлэҕин, маннык уникальнай Айылҕа музейын саҥардыы бырайыага баар. Республика Ил Дархана А.С.Николаев бу музей тутуутун сорудахтаата, онон саҥа дьиэ тутулларыгар эрэл үөскээтэ.

— Аныгы олох сиэринэн, биирдиилээн урбаанньыттар дьон сыннанар сирин тэрийэллэрэ, онно айылҕа муннуктаан, Саха сирин кыылларын-сүөллэрин иитэр буолан эрэллэрэ кэрэхсэтэр. Холобур, Сунтаар Устьетыгар Виктор Ващенко «Тещин язык» диэн комплекса дьон болҕомтотун тардар, тыһыынчанан киһи кэлэн сынньанар. Итиннэ улуус туох көмөнү оҥороруй?

— Виктор Николаевич атаҕар турарыгар күүс-көмө буолбуппут. Урут бастаан дизелинэн үлэтин саҕалаабыта, онно улуус электролиния тардарыгар көмөлөспүтэ. Билигин бэйэтэ дьаһанан, олус бэркэ үлэлии сылдьар.

Онтон итинтэн сиэттэрэн кэпсээтэххэ, биһиги экология миниистирин, биир дойдулаахпыт С.М.Афанасьевтыын кэпсэппиппит, Кэмпэндээйи өттүгэр бизонарий арыйбыт киһи диэн.

— Анатолий Васильевич, эн Сунтаар улууһун саамай уһук, ыраах сытар уонна булдунан-балыгынан аатырбыт нэһилиэгэр Бүлүүчээҥҥэ төрөөбүтүҥ. Онон Байанай сыла кэлбитинэн сибээстээн, булка-балыктааһыҥҥа сыһыаныҥ туһунан кэпсии түспэккин ээ.

— Бүлүүчээн дьоно-сэргэтэ былыр-былыргыттан кырыы сиргэ олорор буолан, айылҕаҕа, булка лаппа чугастар, сүгүрүйэн кэлбиттэрэ. Миигин олох кыра эрдэхпиттэн аҕам айылҕаҕа илдьэ сылдьан сыһыарбыта, такайбыта. Тыа киһитин сиэринэн, дьоммун кытта саас мас кэрдэн саһааннаан, саас-күһүн кустаан-балыктаан, сайынын оттоон, күһүн сир астаан, айылҕаны кытта алтыһан улааппытым. Аан бастаан сааламмытым олох кыра эрдэхпинэ – үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан. Аҕабын батыһа сылдьан куобахха туһахтыырбыт, өссө арыый улааппытым кэннэ, тайахтааһыҥҥа кытта илдьэ барара. Күн бүгүнүгэр дылы айылҕаттан тэйбэппин, бултуур дьарыкпын бырахпаппын. Эһэкээммит мичик гыннаҕына, илии тутуурдаах, өттүк харалаах тыаттан кэлэбин. Байанайбытыгар махтанан, булпут аһыттан чугас дьоммор, ыалларбар булгуччу өлүүлүүбүн.

— Эн аҕам булка уһуйбута диэн кэпсээтиҥ. Дьонуҥ туһунан билиһиннэр эрэ.

— Төрөппүттэрим төрүт Бүлүүчээттэр. Аҕам Василий Егорович 78 сааһыгар үктэннэ, этэҥҥэ дойдутугар олорор. Кини физкультура учуутала үөрэхтээх, ол эрээри бэйэтин кэмигэр сопхуоска биригэдьиирдээбитэ, инньэ гынан куруук сиргэ, айылҕаҕа сылдьара. Олус мындыр, тыаҕа таҕыстаҕына барыны барытын сатыыра, билэрэ-көрөрө киһини сөхтөрөр. Сайын оттуу тахсаат, олоппоһун, остуолун сонно тутатына айылҕа биэрбит матырыйаалынан киһи көрөн олордоҕуна оҥоро охсоро. Суохтан баар гынар дьоҕурдааҕын мин күн бүгүнүгэр диэри сөҕөбүн, итинник үчүгэй аҕалаахпынан киэн туттабын. Булка барытыгар сылдьар этэ – тайахха, кырдьаҕаска, мин эмиэ оннук сылдьыһан үөрэммитим.

Ийэм Мария Ивановна соторутааҕыта бу орто дойдуттан барбыта. Кини идэтинэн оҕо саадын үлэһитэ, ол гынан баран ыарытыйар буолан, үксүн дьиэтигэр олорбута.

Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт – үс уол, үс кыыс, мин саамай улаханнарабын. Ыал улахан оҕото буоламмын, тыа ыалын дьиэтин ис-тас үлэтэ барыта миэхэ сүктэриллибитэ.

— Булт чааһыгар ханнык улахан кыылга сылдьыбыккыный?

— Байанай биэрдэҕинэ, туйахтаахтары лицензия быһыытынан бултуубун. Кырдьаҕаска эмиэ холонон көрбүтүм. Сыл аайы сылдьабын, Бүлүүчээнтэн арҕаа – Мэйик, Оҕума диэки барабыт. Аны туран, булка олох техниканы туттубаппын, наар атынан сылдьабын.  Икки аттаахпын, онтуларым булка улахан доҕотторум, тирэхтэрим. Булчут ыттарынан дьарыктаммытым уон сыл буолла, бастакыбын Ньурба Малдьаҕарыттан биллэр ыт иитээччи Айал Даниловтан ылбытым уонча сыл буолла. Онтон хаан уларытаары, Дьокуускайдааҕы «Байанай» кулууптан Иннокентий Лукинтан ыт оҕотун ылбытым. Онон икки ыттаахпын. Үүтээннээхпин.

— Былырыын уһун кэмҥэ эһэни хааччахха хаайан, сыапка олордон эрэ ыттарынан үрдэрии тула улахан мөккүөр, дьүүллэһии буолбута. Эн итиннэ хайдах сыһыаннааххын, бэйэҥ ыттаргын кырдьаҕаска тургутан көрбүтүҥ дуо?

— Бүлүү бөлөххө аан бастакы эһэни үрдэрии Сунтаар Бордоҥугар буолбута. Онно 78 ыт кыттыбытыттан, миэнэ иккис миэстэҕэ тахсыбыта. Мин санаабар, итинник үрдэрии дьон-сэргэ интэриэһин тардар, ыттарга эмиэ туһалаах. Холобур, онно ытым аарыма кыылы аан бастаан көрдөҕө дии, онтон ол күһүнүгэр баран, кырдьаҕаһы үрэн турар.

— Сунтаар ытааччылара спортинынан эмиэ дьарыктаналлар, куһаҕана суох ситиһиилээхтэр. Итинник дьарык булчуттарга көмөлөөх буолуо дии…

— Спортинынан дьарыктанарга бириэмэ уонна утумнаах эрчиллии, элбэхтик ытыы наада. Биир дойдулаахтарым бу спордунан утумнаахтык дьарыктаналлар уонна кэлин үрдүк ситиһиилэннилэр. Мин иллэҥ кэмнэннэхпинэ баран ытабын, сатаннаҕына, күрэхтэһиилэргэ кытта сатыыбын.

— Эн урут Өлөөҥҥө үлэлии сылдьыбытыҥ, онон хотугу сир булчуттарын ыырдарынан эмиэ сырыттаҕыҥ…

— Өлөөҥҥө үс сылтан ордук улуус баһылыгын бастакы солбуйааччынан үлэлээбитим. Онно туундара булчутун олоҕун мындырдарын билсибитим. «Бураан» үрдүгэр олоро түстүҥ да, кыыл табаны сойуолаһан киэҥ куйаарынан айаннаан бөҕө. Өлөөннөр дьэ чахчы хоһуун дьон, кинилэрдиин чугасс алтыспыппн күн бүгүнүгэр диэри ахта саныыбын.

Араас сырыылар бааллар этэ да, улахан олоххо кутталлаах түбэлтэлэргэ хата түбэспэтэҕим. Өлөөҥҥө саҥа тиийэн баран, маҥнай наһаа харса суох сылдьар этим. Биирдэ «Бураанынан» кыылы сырсан баран, сирин билэбин-билбэппин диэбэккэ эрэ, олус ыраатан хаалбытым. Ыппыт табам хайа үрдүттэн түспүтүн, сүгэн таһааран баран, айаннаан истэхпинэ бензиним бүтэн хаалбыта. Хайыахпыный, сатыы барарга тиийдим. Сарсыарда тоҕуска дьиэбиттэн тахсан барбытым, күнүс түөрт диэки халлааныҥ хараҥарар. Туһаайыыбын билбэппин, көннөрү «Бураан» суолун батыспытым, хата сулустаах буолан, син онон сирдэтэн хааман, суолбар тахсыбытым уонна лаппа түүн дьоммор тиийбитим. Бэйэм да, табаарыстарым да улаханнык сэмэлэммиппит)))

Кэлин, сатыыр дьон миэхэ «Бурааным» гусеницатыгар анал бэлиэ оҥорон биэрбиттэрэ, инньэ гынан, бэйэм тэрилим суолун кимниин да бутуйбат буолбутум.

— Аныгы булчуттар Саха сиринэн муҥурдаммакка, атын дойдуларга баран бултууллар. Эн оннук боруобалаан көрбүтүҥ?

— Мин аан бастаан бэйэм дойдубун, Сахам сирин, үчүгэйдик билсэр санаалаахпын. Хоту чубукуга, хааска-куска сылдьыахпын баҕарбытым ыраатта.

— Онтон балыктааһын чааһыгар хайдаххыный? Бүлүү өрүс үрдүгэр үөскээн, оҕо эрдэххиттэн күөгүлээн улааттаҕыҥ…

— Син дьон сиэринэн балыктыыбын. Кэлиҥҥи кэмҥэ спиннинынан үлүһүйүү үөскээтэ. Мин онно эмиэ дьону үтүктэн холонон көрөбүн. Биһиги Бүлүүчээнтэн үөһээ үрэхтэргэ балыктыыбыт – онно быйыт, ньоҕор (тугунок) син түбэһэр, кэлин, биэс хас сылтан бэттэх бил да баар буолан испитэ. Ону бу өрүспүт эмиэ киртийбитэ дьону долгутар, кутталы үөскэтэр. Ол иһин туттарбыт балыктарын анализка ыытыахха наада. учуонайдар эмиэ үөрэтэ сылдьаллар.

— «Байанай» сурунаал ааҕааччыларыгар тугу баҕарыаҥ этэй?

— Быйыл Байанай сыла кэллэ. Онон булчуттарга, балыксыттарга туһаайан, иитэн-аһатан турар тулалыыр Ийэ Айылҕабытыгар ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха диэн баҕа санаабын этэбин. Сорох булчуттар, ордук Мииринэй өттүттэн, араас техниканан сылдьан бултаан, сири-уоту алдьаталлара баар суол. Киһини үөрдэрэ диэн, аныгы сонордьуттар бэйэлэрин баҕаларынан техникаттан түһэн, сатыы эбэтэр атынан сылдьан  өбүгэлэрбит үгэстэрин сөргүтэн эрэллэр. Мин эмиэ итинник ньыманы туһанар буоламмын, улаханнык сэргиибин, уонна биир дойдулаахтарым, саха булчуттара бу суолу тутуһуохтара диэн эрэнэбин. Саха дьоно былыр-былыргыттан булдунан, балыгынан олорбуттарын, өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын хаһан да умнубаккабыт, кэнэҕэски көлүөнэлэрбитигэр тиэрдиэххэ.

Байанай сылыгар Эһэкээммит барыбытыгар тосхойдун!

— Махтал, Анатолий Васильевич, быыс булан үлэҥ-хамнаһыҥ туһунан сээргээбиккэр. Эһиги Сунтаар улууһугар биллэрбит айылҕаны харыстааһын сыла үтүө түмүктэрдээх буоллун, инникитин биһиги сир баайын хостооччулартан, чуолаан АЛРОСАттан, умнаһыт курдук илиибитин уунан олорбокко эрэ, биһиги  сирбитигэр-уоппутугар үлэлииллэрин иһин сиэрдээх, сөптөөх төлөбүрү дьоһуннаахтык сылын аайы төлүүллэрин ситиһиэххэ, айылҕаны харыстыылларыгар, үлэлээбит сирдэрин чөлүгэр түһэрэллэригэр, Бүлүү эбэбит уутун ыраастыырга бары күүһү ууралларын ирдиэххэ.

Владислав КОРОТОВ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)