Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Саха сирин уһулуччулаах бөҕөһө, Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера Александр Иванов 70 сааһын туолар. Ытыктыыр, сүгүрүйэр тустуукпут туһунан үйэ аҥаарын устатыгар үгүс хайҕал тыл этилиннэҕэ, сүүһүнэн ыстатыйалар, хас да кинигэ сурулуннахтара – ону ааҕан ситэргэ уустук. Онон доҕотторун, спорка сүгүрүйээччилэр ааттарыттан Александр Николаевиһы олоҕун бу бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, кини туһунан сонун суруйуулары сахам дьонугар билиһиннэрээри гынабын.Бастатан туран, спорду улаханнык кэрэхсиир, көҥүл тустууну утумнаахтык көрөр-сэргиир биир ытык “ыалдьааччыбыт”, бу сотору кэминэн аҕыс уон иккис хаарыгар үктэнээри сылдьар аҕа табаарыһым, биллиилээх геолог, эколог, суруналыыс уонна суруйааччы Иван Семенович Бурцев “Туймаада” хаһыакка таһаарбыт ыстатыйатыттан быһа тардыыны эһиэхэ тиэрдиэхпин баҕарабын.
Иван БУРЦЕВ.“Туймаада” хаһыат, сэтинньи 28 күнэ, 2019 сыл.
Олимпиецтар ыалдьааччы хараҕынан
Александр Иванов, Саша дойдуга, аан дойдуга биллиэн иннинэ төрөөбүт Туой Хайатыгар элбэх хараҥаччыны “бултаан” кэбиһэн “Бэлэм буол” хаһыакка суруллан, республикаҕа аан бастаан “аатырбытын” туһунан номох баар.Ыстатыйа аата “Хараҥаччыһыттар” диэн эбитэ үһү. Чуона ыраас уутугар чомполоно сылдьан, 6-7 саастаах атах сыгынньах уолаттар хайаларын үрдүк сырайын дабайаллара, онно уйа туттар тыһыынчанан хараҥаччы уйатын хаһа сылдьаллара харахпар көстөр курдук. Ыраас салгыны ыймахтыы, Чуона уутун дуоһуйа иһэ, үүт-сүөгэй, сибиэһэй эт-балык, сир аһын арааһын ис уйарынан аһылыктана сылдьар баранаактар эниэргийэлэрэ дэлэ буолуо дуо, таска тахсан эрдэҕэ.
Кини хайдах үөрэнэн, үрдэллэри дабайан “улуу пехлеван” аатырбытын, Монреаллааҕы Олимпиадаҕа кыттан үрүҥ көмүс мэтээли ылбытын туһунан аан дойду барыта билэн эрдэҕэ. Итиннэ эбэр да, итинтэн көҕүрэтэр да суох курдук. Арай Р.Дмитриев уонна П.Пинигин курдук батыһа сылдьар анал тренергэ түбэспэтэҕэ хомолтолоох. Ол үрдүнэн биирдэ Сойууска бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланыытыгар эмиэ “Советскай спорт” хаһыакка: “Алмаатинец Иванов нынче намерен решительно, ошибки своих соперников не прощает”, – диэн суруйбуттарын өйдүүбүн. Ити Александр күрэхтэһиини кыайыынан саҕалаабытын эттэхтэрэ.
Оччотооҕу дойду бары ааттаахтарын анныгар баттаабыта, ССРС сборнай хамаандатыгар эрэллээхтик киирбитэ. Сойуус, Европа, аан дойду, Олимпийскай оонньуулар чемпионнара С.Белоглазовы хоторо. Ханнык да күрэхтэһиигэ ыытталлар, түһэн биэрбэтэ, булчут аҕата аар тайҕаттан өлгөм бултаах эргиллэрин курдук, хайаан да өттүк харалаах, илии тутуурдаах эргиллэрэ.Александр соргулаах спортивнай олоҕу олордо. Мантан атын буолуо этэ дуо диэн ыйытыы туруоруохха сөп да, хоруйу ким эмэ биэриэ дии санаабаппын. Кырдьаҕас тренер В.Корякин: “Саша тренеригэр табыллыбатаҕа, саҥа тустан эрдэҕинэ Украина кылаабынай тренера А.Ялтырян таба көрөн миигиттэн уолу тиксиһиннэрэригэр көрдөспүтэ, кэпсэтээри, баҕар ыҥыраары буолуо. Ону баара Саша, казах тренера урутаан кэбиһэн, Алма-Атаҕа барбыта. Украинаҕа барбыта буоллар, баҕар атын буолуо этэ”, – диир.Владимир Прокопьевич этэрин специалистар туох дииллэрин билбэтим.
Монреаль Олимпиадатын иннигэр Александр көмүскэһэр, туруорсар тренера суох буолан хайдах эрэйдэммитин билэбит. Арай Саха сирин постпредствотын салайааччыта И.Игнатьев көмүскэһэн, Олимпиадаҕа барбыта биллэр. Киһилии эрчиллэн, үтүө туруктаах кыттыбыта буоллар,өссө үрдүк ситиһиилэниэх эбит дииргэ эрэ тиийэбит.Александр Тбилиситээҕи турнирга Грузия аатырбыт тустуугун Шекриладзены көбүөр таһыгар куотарын соһон киллэрэ-киллэрэ тиэрэ баттыыра видеоҕа баар. Хомойуох иһин, атын хапсыһыыларын көрөр кыахпыт суох. Тустуу аан дойдутааҕы президенэ Милан Эрцеган Александр тустар уһулуччу техникатын хайҕаан “эталон” оҥосторго, үөрэтэргэ этэр. Кини итинниги Иран, турок, дьоппуон тустууктарыгар анаабыта биллибэт.
Соторутааҕыта Дмитрий Коркин бирииһигэр улуу тустуук С.Белоглазов кэлэн ыалдьыттаан барда. Кини 1985 сыллаахха Сойуус күрэхтэһиитигэр Дьокуускайга кэлэн аатырбыт Европа уонна аан дойду икки төгүллээх чемпиона B.Алексеевы кытта үөһээ 62 киилэ ыйааһыҥҥа тахсан киирсибитэ. Киниэхэ соҕотох биир очконан баһыйтаран көбүөрү сутурҕалаабытын көрбүппүт. “Кыайыахтаахпын мүччү туттум, Сойууска бастыахтааҕым хаалла” диэтэҕэ. Соторутааҕыта Александр Николаевичтыын ити туһунан кэпсэппиппит, Белоглазовы ахтыбыппыт. Ити үлүгэрдээх киһини урут Романныын хайдах кыайаргыт эбитэй диэбитим. Онуоха: “Оччолоргобиһиги эмиэ “үлүгэрдээх” эбиппит буолуо буоллаҕа”, – диэн күлэн кэбиспитэ.
Мантан салҕыы өссө биир ытыктыыр киһим, педагог, суруйааччы, поэт Гавриил Адамов бэчээккэ өссө таһаара илик “Бил уонна Өйдөө” романыттан быһа тардыылары билиһиннэриэхпин баҕарабын. Гавриил Иннокентьевич бу романыгар Александр Иванов төрөөбүт дойдутун – билиҥҥи Мииринэй улууһун хаартатыттан суох оҥоһуллубут, Бүлүү өрүскэ ГЭС тутан, онно анаан муора оҥорорго уу анныгар ыытыллыбыт Туой Хайа бөһүөлэгин ыар дьылҕатын, дойдуларын, өбүгэлэрин уҥуохтарын сүтэрбит дьон ааспат-арахпат кутурҕаннарын туһунан олус итэҕэтиилээхтик суруйар. Ол быыһыгар туой хайалар ити алдьархай иннинээҕи эйэлээх олохторун көрдөрөрүгэр, биһиги аатырбыт тустуукпут оҕо сааһын, онтон Олимп чыпчаалыгар дабайан баран, үөрэппит учууталларыгар махтана кэлэрэ кэпсэнэр.
Гавриил АДАМОВ “Атаҕастабыллаах кырдьык” романыттан быһа тардыылар.
Оскуола уолаттарын тустуулара олус интэриэһинэй буолбута. Төрөппүттэр бары кэриэтэ оҕолорун күрэххэ киллэрбиттэрэ. Көрөөччүлэр ордук алтыс кылаас үөрэнээччитэ Уйбаныап Сашканы хапсыһыыттан хапсыһыыга сөҕө көрсүбүттэрэ. Кини үөлээннээхтэрин олох тулуталаабатаҕа, начаас бурҕаталаабыта. Үрдүкү да кылаастары охтортообута. Ахсыс кылаас Сиидэрэ син эрийсибитэ эрээри, биир түгэҥҥҥэ Саша атаҕыттан харбаан өрө баһан таһаарбыта уонна тирэнэ сылдьар атаҕын хатыйан, тиэрэ анньан кэбиспитэ. Дьон астынан өрө күйгүөрэ түспүтэ, ытыс тыаһын харыстаабатахтара, уруй-айхал тыллара дуорайбыттара.
— Ити ким оҕотой?
— Дьэ, сылбырҕа оҕо эбит. Мээнэ киһиэхэ туттарыа суох.
— Улахан уолаттартан дьулайар диэни билбэт киһи эбит.
— Ити оҕону үчүгэйдик үөрэтэр, эрчийэр киһи баар ини!
— Этэҥҥэ сылдьан бу дьарыгы бырахпатаҕына, элбэх киһиэхэ буору уоптарар ыччат тахсыан сөп быһыылаах.
Итинник кэпсэтиилэр Сашка туста таҕыстаҕын аайы ыалдьааччылар, ыалдьыттар ортолоругар элбээн испитэ. Көрөөччү ыһыыта-хаһыыта түһүлгэ тула элбэх киһини муспута. Сэргэх күрэхтэһии манна буолбута. Дьон ыччаттарын сэргээбиттэрэ, оттон бу кэскиллээх тустуукка болҕомто ордук улааппыта. Күрэхтэһии уораана көһүү, ууга тимирии хам баттыгын баһыйбыта. Дьон ону умна быһыытыйан, болҕомтолоро, өйдөрө-санаалара үүнэн иһэр оҕолорун хатыһыылаах, халбас харата хамсаныылаах күрэхтэригэр көспүтэ.
Кыайыылааҕы быһаарар хапсыһыыга Уйбаныап Сашканы утары тохсус кылаас үөрэнээччитэ Ньукулаайап Үстүөпэ диэн үрдүк уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх уол тахсыбыта. Тэҥнээн көрдөххө, улахан баһыйыахтааҕа биллэрэ, тэҥэ суох соҕус хартыына этэ.Судьуйа Мэнкээрэп Сэмэн свистогун тыаһа чурулуурун кытары Үстүөпэ уол хорсун баҕайытык киирэн Сашканы бобо харбаан ылаары соруммута. Уол тутуһа соруммакка куотан биэрбитэ уонна сүүрэкэлии сылдьан атахха киирэрдии, эмиэ да тэбэн ылардыы, араас хамсаныылары оҥортолообута, таба туттарбатаҕа. Биирдэ ааһа көтөн иһэн Үстүөпэни атаҕыттан харбаан ылбыта, өрө көтөхпүтэ. Туга эрэ табыллыбакка мүччү тутан кэбиспитэ. Саша тохтоон турбакка, эргийэ сүүрэ сылдьан тутуһа-хабыһа, тардыалаһа сылдьыбыта. Уол сылайыах быһыыта суоҕа, оттон улахаммыт хайдах эрэ мөдөөмсүйбүтэ. Сынньалаҥ буолбута. Сүбэлээччи-амалааччы икки өттүттэн элбээбитэ.Хапсыһыы иккис аҥаара хаһыы-ыһыы ортотугар саҕаламмыта. Күүрүү-хаарыы муҥутаан барбыта. Судьуйа Үстүөпэҕэ көҕө суох тустарын иһин сэрэтии биэрбитэ. Сэрэтиини улахаҥҥа уурбатаҕа. Кимээччи син биир Сашка этэ. Биир түгэҥҥэ кини Үстүөпэни атаҕыттан ылан көтөҕөөрү гыммыта да кыаллыбатаҕа, хам баттата сыспыта. Хайдах эрэ үчүгэй баҕайытык халбарыс гынан, хата, куотан хаалбыта. Күрэх бириэмэтэ бүтэрэ чугаһаан барбыта. Сашка уол хаҥас диэки сүүрүөхчэ буолан иһэн, эккирэтиһэр Үстүөпэ сабардыы ууммут уҥа илиитин эмискэ харбаан ылбыта, эриллэ түһээт утарсааччытын анныгар баар буолбута. Илиитин санныгар иилэ быраҕаат, бэйэтин нөҥүө элиппитэ. Улахан уол эккирэппит уоҕун кытта тэҥҥэ Сашка көхсүн нөҥүө кыырайан, көхсүнэн сиргэ “лип” гына түспүтэ.
Түһүлгэҕэ хаһыы өрө сатарыы түспүтэ. Көрөөччүлэр сүүрэн кэлэн Уйбаныап Сашканы өрө көтөҕөн таһаарбыттара, өрүтэ быраҕаттаабыттара, уруй-айхал дуораһыйбыта. Судьуйа күүскэ орооһуутунан кыайыылааҕы босхолоон илиитин өрө көтөхпүттэрэ. Үстүөпэ барахсан улаханнык хомойбут этэ, сукуллан баран турбута. Кыайыылаахха улахан мүһэни туттарбыттара, оттон кыайтарбыкка кыракый үтэһэ эти биэрэн уоҕун уҕарыппыттара.
— Ити ким оҕотой? Туох төрүттээх-уустаах эбитэ буолла? – эрдэттэн үлүһүйэн туран хаартыскаҕа устубут куорат киһитэ кыайыылаах уолчаан туһунан судьуйаттан кэлэн ыйыталаспыта.
— Уйбаныап Ньукулай, тапталлаах аата Чырыах диэн бэйэтин лаппа кыанар булчут бэрдэ, атаҕынан эмиэ үчүгэй, ханнык да үлэҕэ инники сылдьар киһи оҕото. Ийэтэ Балбаара диэн эмиэ туохтан да толлон турбат, иистэнньэҥ, асчыт бөҕө дьахтар. Ити кыра уоллара. Сытыы киһи, сылбырҕа, кытыгырас бөҕө, окко-маска ыйааста, онно-манна тииһэ-тааһа сылдьар, уҥуоҕар, сааһыгар баппат кыанар оҕо, – учуутал Мэнкээрэп Сэмэн Сэмэнэбис толору быһааран биэрбитэ.
— Үчүгэйдик дьарыктанара наада эбит. Чурапчыга Коркин тренер оҕолоро аатыран эрэллэр. Онно ыытыах баар этэ. Ыйыталаһа сылдьаар эрэ, – кэлии киһи аатын-суолун билиһиннэрбэккэ эрэ сүбэ бэрээдэгинэн уонна ити оҕо инникилээх эбит диэн кичэмэ санаатын өрө тутан ити тыллары эппитэ.
— Ону истэбит, билэбит.- Эһиил куоракка туста барабыт. Онно көрсө сатыа этибит.
— Мүччү тутумаҥ. Инникилээх оҕо сылдьар курдук көрдүм. “Победу одержал Александр Иванов” диэн тыллары истэр ырааҕа суох буолсу, – куорат киһитэ хараҕа чаҕылыйбыта, санаата эгди буолбута илэ көстөрө.
– Аҕатын кытта көрсүһүөххэ сөп дуо? Ханна буолуой?
— Сөп бөҕө буоллаҕа дии. Барыах, көрүһүннэриэм, – Мээнкээр Сэмэн ыалдьыты батыһыннарбытынан төбүрүөннээн олорор дьон диэки хаамсыбыттара…
Алтыс түһүмэх…кынаттаах үөрүү…
Саха дьонугар 1976 сыл олус ураты кэтэһиини тосхойбута. Ыраах Канадаҕа Монреаль куоракка Олимпиада буолбута. Ол Олимпиадаҕа тренер Куоркун үс уолаттара чарапчыланаллар. От атах тэптэҕинэ, баат биэрдэҕинэ үһүөн Сэбиэскэй Сойуус көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэллэрин ким барыта эрэҥкэдийэ, эрэнэ күүтэр.Куоркун үлэтин муҥутуур баҕата – Олимпиада чыпчаалларын дабайыы. Ол туһунан өссө 1964 сыллаахха Токио олимпиадатын кэннэ дневнигэр суруммутун саха дьоно билэллэр. Кини өйүн-санаатын, туох баар сатабылын онно туһаайбыта.Сыл саҕаланыаҕыттан саха дьонун кэпсээнэ, сэһэнэ-сэппэнэ барыта Одесса куоракка буолар Сойуус күрэхтэһиитин туһунан этэ. Онно кыайбыттар Монреалга бараллар.
Анисия уонна Сэмэн Мэнкээрэптэр Туой Хайа оҕото, кинилэр үөрэнээччилэрэ, били бырастыылаһыы ыһыаҕар оҕолорго тустууга бастаабыт Сашка Уйбаныабы кэтээбиттэрэ ыраатта. Уолчаан талаанын өтө көрөн Чурапчыга ыҥыран ылбыттара. Онно кини оҕолорго Сойуус чемпионугар тиийэ үүммүтэ. Оскуола кэннэ биир сыл Чурапчыга хаалан Куоркун анал бырагыраамматынан дьарыктаммыта. Тустуук быһыытынан ситэр-хотор, салгыы сайдар суолун Бөтүрүөбүс анаан кыладыйбыта, киин сиргэ үөрэнэригэр сүбэлээбитэ, онно дьарыктанар суолун-ииһин барытын оҥорон биэрбитэ.
Александр Иванов Алма Атаҕа олохсуйан, казах норуотун киэн туттар улуу тустууга буолбута. Дьэ, ити уолчаан, кыратыттан тустуук буоларын илэ биллэрбит тапталлаах үөрэнээччилэрэ, туой хайалар элбэҕи кэтэһэр ыччаттара Сааска Уйбаныап Сойуус чемпионатын хаардыы хаампыта – бастаабыта!Табаарыстара эмиэ бастаан, үс уолаттар чемпионнаабыттара. Ити чахчы даҕаны дьикти ситиһии этэ – тустуу уон ыйааһыныттан үһүгэр сахалар, 250 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх баараҕай дойдуга, бастакы ньүөмэрдээх тустуук буолбуттара.
Саха норуотун аар саарга аатырар, албан аатын аартыга арыллар бигэ тирэҕин күнэ этэ – бу күн! Саха сирин хас биирдии ыалын тэлгэһэтигэр кынаттаах үөрүү өрөгөйдөөбүтэ!Аан дойду ааттаахтарын көбүөрэ тэлгэниэн иннинэ саха саҥалаах алгыс этэн амалыйбыта – Олимпиадаҕа тиийэр суолу ыраастыы, көбүөргэ кыайыыны ыҥыра, аҥааттар тымныылаах, сырылас куйаастаах хоту дойду боотурдара охтубат оҥоһууларын айыыһыттартан көрдөһө!
***
Аҕалара Сэмэн астары ийэлэригэр туттарбыта. Бэйэтэ сиэбиттэн испиискэ таһаарбыта уонна тугу тэрийэн эрэрин быһаарбыта:
— Дьэ, доҕоттоор, сарсын Олимпиадаҕа тустуу саҕаланар.
— Ээ, арба даҕаны-ы. Оо, умна охсуу буолбут, – Ася соһуйан өттүгүн охсуммута, умнубутун билинэн айаҕын саба туттубута. Оҕолор өрө чөрөс гынаат, илиилэринэн түөстэрин харбаммыттара.- Онно үс саха уола кытталлар, ол иһигэр биһиги үөрэнээччибит, оҕолор эһиги убай киһигит, төрүт Туой Хайа оҕото Саша Иванов 52 киилэҕэ тустар. Дьэ, ол иһин, соргулаахтык тустарыгар баҕаран, ону алҕаары бу үлэни-хамнаһы Алеша биһикки оҥордубут. Кыһыл сулуһу өрө анньан, түөстэригэр иилинэн бассабыык дьон сэбиэскэй былааһы көмүскээбиттэрэ, хааннаах фашистары кыайбыттара. Онон биһиги кутаабыт кыһыл сулус ортотугар умайыахтаах – кыайыыны аҕалар туһугар.Сэмэн Сэмэнэбис испиискэ уотун туоска таҕайбыта. Кураанах мастар күлүбүрээбитинэн барбыттара. Кутаа күүһүрээтин кытта кини алгыһын эппитэ, ону кытта тэҥҥэ арыылаах алаадьылары кутааҕа уурталаабыта, уот өссө күүһүрбүтэ, тулатынан сулус быһыытын батыһыннара кымыһын куппута, ол кэннэ сөһүргэстээн туран саҥалаах буолбута:Киэҥ куйаар хаһаайыттара,Айыы дьонун араҥаччылааччылара,Икки атахтаах иэйэхситтэрэ,Саха аймах айыыһыттара!Истиҥ дуу,Болҕойуҥ дуу,Сэҥээриҥ дуу!Самаан сайын үтүө күнүгэр,Сайылык үүтэ үрүлүйэр кэмигэр,От-мас бэлэмин үлүскэнигэр,Сир аһын хомуурун үгэнигэр,Хайаан да дьүөрэлээн,£лгөмүгэр кыттыһыннаран,Баарыгар ханыылаан,Хомууругар холбоон,Мэтээл хомуйар баҕабытынМалтаччы этэбит, Эһигиттэн көрдөһөбүт –Ону үллэстиигэ кыттыһыҥ,Булан ыларга көмөлөһүҥ,Күүскэ күүстэ салҕааҥ,Сылбырҕаны тэрийиҥ,Эрдээх эрчимнэ эбиҥ!Уолаттарбыт кыайдыннар,Ааттаахтары тиэрэ көттүннэр,Күүстээхтэри бүдүрүттүннэр,Тэҥнээхтэрин тулуппаттыннар!Ити алгыс тылларын этэрин быыһыгар Сэмэн сылгы кылын уокка биэрбитэ, сыт таһаарбыта.Уолбутугар СааскаҕаДьылҕа хаан ымах гын,Муҥур күүс илэ көмөлөс,Дуулаҕа быччыҥаӨрө күүрдүн,Бачыгырайа мөҕүстүн!Хотууну миҥэ оҥостон,Кыайыы көтөллөнөнДойдугар этэҥҥэ эргиллээр!Сэмэн алгыһын түмүктээн туран кэлбитэ, кутаа мастарын чөмөхтөөн биэрбитэ.***Олимпиада өрөгөйө үрдээбитэ: саха уолаттара биир кыһыл, икки үрүҥ көмүс мэтээллэри ылбыттара! Бу ситиһиилэр саха алааһын киһитин ыырыттан таһыччы этилэр. Санаан көрдөххө, санаа да тиийбэт үлүгэр чымаан үрдүк үрдэлэ ырыых-ыраах көстөрө. Ол үрдэлгэ үс саха уола тураллара – сырдыыр саһарҕа киэҥ күөнүгэр баараҕадыйан, улуутуйан, ол ыраахха дьоннорун-сэргэлэрин угуйа, олоҥхо номоҕор ойууланар быыппастар быччыҥнаах илиилэрин өрө көтөҕөн, ыҥыра, далбаатыы!Анисия уонна Сэмэн Мэнкээрэптэр дойдуларыттан үүрүллүбүт, уонунан сылларга ону баттык оҥосто сылдьыбыт ыарыыларын бу күннэргэ умнубуттара – олоххо үөрүү баарын уонна ол үөрүү кынаттааҕын билбиттэрэ, үөрүүлэр тиһиктэрэ быстыа суоҕар, хомойуу ыарыктарын сабардыыр кинилэр эбиттэригэр итэҕэйбиттэрэ.Бу күн Анисия Алексеевна үөрэппит оҕотун үрдүк ситиһиититтэн, кыбыста соруммакка үөрүүттэн ытаабыта, оттон Сэмэн Сэмэнэбис эр киһи быһыытынан кыатаммыта эрээри, кини да хараҕа бычалыйбыта, үөрүү хараҕын уутун билиммитэ.Чырыахтар барахсаттар, Варвара Григорьевна, Николай Матвеевич Уйбаныаптар үтүөкэн оҕону, саханы аатырдар, Туой Хайаны ааттатар ыччаты төрөппүттэригэр кинилэр тыл-өс саамай үтүө сүмэтин булан анаабыттара. Кинилэри кытта алтыспыт, кэпсэппит-ипсэппит кэмнэрин, Саашка уол улаатыытын, үөрэххэ уһуллуутун араас түгэннэрин күнү быһа кэриэтэ ахтыспыттара, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ, сэмэйдик сууйбуттара-тараабыттара.***Олимпиецтары көрсүү өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ далааһыннаахтык барбыта. Саха сирин хайа да муннугар эрэҥкэдийэ күүтэллэрэ, күүппүттэрэ. Кинилэри көрсөр дьолломмуттары ордук санааһын ханна да баара.Саша Иванов аналлаах көрсүһүүлэрин түмүктээн, арыый иллэҥ буолбучча учууталларын Мэнкээрэптэри көрсөр баҕалаах Хатаска таксинан кэлбитэ. Кини таксины аара суолтан туппута. Таксист эдэр киһи олимпиец Сашаны тута билбитэ уонна “ханна бараҕын, олор” диэн массыына илин аанын аһан биэрбитэ.- Мин эмиэ Сашабын. Түөскэлии эбиппит, – илиитин биэрбитэ.- Мин ааппын хантан билэҕин? – соһуйуу буолбута.- Эс, хайдах? Олимпиец Иванову билбэт буоллахпына саха буолбатаҕым ордук.- Чэ, бэрт эбит. Аадырыһым бу. Маны булан тиэрт эрэ, баһаалыста, – суруктаах кумааҕыны ууммута.- Тиэрдэн буоллаҕа дии. Олимпийскай оонньуулар призердарын күн аайы тиэйиллибэт, илии тутуһуллубат. Илиибин мантан ыла сууммаппын, – таксист Саша күлэн лаһыгыраппыта.- Икки-үс хонугунан суунаар, сүрэ бэрт. Суоппар киһи илиитэ киртийэрэ түргэн буолуо, – аны бу сырыыга олимпиец күлэн лэһигирэппитэ.- Көрүллүө, наһаа ыксаабатым буолуо, – өссө күлэн сатараабыта.Икки Александрдар кэпсээннэрэ кэҥээбитэ, Монреалынан, Такада дойдутунан Япониянан эргийбитэ, Эдьигээни, Чурапчыны, Сунтаары умнубатахтара. Арай ууга тимирбит Туой Хайа туһунан биир тыл, боппуруос иһиллибэтэҕэ. Ол туһунан таксист Саша истибэтэҕэ чахчы. Хайа да хаһыат, араадьыйа кыракый дэриэбинэ сир үрдүттэн симэлийбитин туһунан сырдаппатаҕа, сэрэйдэххэ, бобуллубут буолуохтаах.- Дьэ, кэллибит. Дьиэҥ бу турар. Кэтэһэ аҕай олордохторо, – суоппар илиитин ууммута. Пассажир илиитин биэрбэккэ харчы хостообута. – Саша, ыл тохтоо, харчыланыма. Ылбаппын. Үтүө айылааҕым буоллар мин харчы биэриэм этэ буоллаҕа дии, эн миэхэ олорбутуҥ иһин. Аҕал илиигин, – бу сырыыга кини күлэ сорумматаҕа, дуоспуруннаах этэ. Саша илиитин бобо харбаан ылбыта, чиҥ баҕайытык илибирэппитэ, махтаммыта.- Саша, илиигин икки-үс күнүнэн суунаргын умнума, – олимпиец Саша күлэн мүчүҥнээбитэ. – Махтал! Элбэх кэпсээннээх киһи эбиккин. Этэҥҥэ сырыт, үлэлээ.- Эс, өссө бүгүн туттуна саҥардым ээ, пассажирым улахана бэрт дии! Кыайыыттан кыайыылар кэлэн истиннэр, аатыҥ-суолуҥ өссө сураҕыра турдун! – суоппар аанын тутааҕыттан тутан олорон үтүө баҕа санаатын эппитэ, лап гына саппыта, иһиттэн илиитинэн далбаатаабыта, массыына хоҥнон сыыдам баҕайытык эргиллиигэ киирэн сүтэн хаалбыта.Саша спортивнай суумкатын санныгар иилэ бырахпыта, сибэкки дьөрбөтүн чөмчөччү туппутунан калитканы аһан тэлгэһэҕэ киирбитэ. Учууталлара иккиэн тэпилииссэ таһыгар сылдьаллара, хомуйбут астарын сыымайдыыллара.Ыалдьыт хаһаайыттар баалларыттан үөрбүтэ уонна оргууйдук кинилэр диэки хаампыта. Тыаһа суох чугаһаан кэлбитигэр Анисия Алексеевна эргиллибитэ. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ “Уой!” диэн соһуйан аллайаат тутан турар оҕурсуутун мүччү туппута, хараҕа кэҥии, атаҕа “накыс” гынаат аттынааҕы ыскамыайкаҕа “лах” гына олорунан кэбиспитэ, сирэйин саба туттубута, оттон Сэмэн Сэмэнэбис Сашаны көрөөт тылыттан матан, дөйүөрэн утары одуулуу турбута.- Хайа, дорооболоруҥ! Сашабын ээ, – кэлбит ыалдьыт илиитин турар киһиэхэ ууммута.- Дорообо, Саша! – Сэмэн оҕотун илиитин бобо тутан туран долгуйбута биллэрэ, куолаһа илибирээбитэ. Үөрэнээччитэ ыга кууһан ылбыта, көхсүн имэрийтэлээбитэ. – Биллим, Саша, биллим. Хайдах билиэм суоҕай, аньыы, мэҥкэрдэри дуо?! – сибигинэйэрэ.Оттон Анисия Алексеевна: “Уой даа, Саша дии, бу хантан?” диэн баллыгырыыра, олорор сириттэн өндөйбүтэ, үөрэнээччитигэр чугаһаабыта. Саша учууталыгар утары хааман кэлэн сибэкки дьөрбөтүн утары ууммута, илиититтэн ылан сымнаҕаскаан баҕайытык дорооболоспута, иэдэһиттэн сыллаан ылбыта, кууһан баран өр хамсаабакка турбута. Ол кэмҥэ Сэмэн Сэмэнэбис кэлэн иккиэннэрин ыбылы кууспута. Маннык балаһыанньаҕа, күөс быстыҥа кэмҥэ, Мэҥкэр улаханнаах кыра бастыҥ ыччаттара уонна ол дойду маанылаах кийиитэ, өр сылларга көрсүбэтэх ахтылҕаҥҥа куустаран, таалан турбуттара.- Хайа оҕолоор, дьиэҕэ киириэҕиҥ дуу? – кэмниэ кэнэҕэс дьахтар киһи көрдөһөр дуу, өйдөтөр дуу тылларын ыһыктыбыта.- Сөп, сөп… Дьиэҕэ, дьиэҕэ… – хаһаайын баллыгырыырын ыһыктыбакка эрэ батыһыннарбыта.- Һыллыый, Саша, эн бу альбомнары көр, дойдубут дьонун. Сэмэн, Сашаҕа кыттыс. Мин ас бэлэмниэм, – Ася дьаһайбыта.Эр дьоннор хаартыскалары бэрийбиттэрэ. Туой Хайаҕа аналлаах туспа альбомнар бааллара. Бастакыга дэриэбинэ дьиэлэрин төһө баарынан, Ася хомуйбут, бэрээдэктээбит эбит. Аны ол дьиэлэр анныларыгар хаһаайыттары олордуталаабыт. Кулууп дьиэ анныгар сэбиэдиссэй кыыс, кийиит Татьяна Софроновна, атын үлэһиттэр, оскуола дьиэтин аннынан дириэктэрдэр фронтовик Березкин, эдэр Николаев, учууталлар, оттон хонтуораны кытта бииргэ сэбиэт Бастаахап, партбюро Игнатьев, управляющай Данилов кэккэлэспиттэр. Чааһынай дьиэлэр хаһаайыттара даҕаны балачча бааллар. Сэмэн Сэмэнэбис өр сыымайдаабыта, Сашаҕа кэпсээн айаҕа хам буолбатаҕа. Ася сүрдээх үлэни оҥорбут эбит. Маннык үлэ баарын, дьиҥинэн, кини билэрэ, ол эрээри ону соччо аахайбакка сылдьыбытыттан иһигэр бэйэтин мөҕүттүбүтэ.Саша олорбут дьиэтин, дьоннорун булан улаханнык үөрбүтэ. Бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыската баара. Били, бырастыылаһыы ыһыаҕар тустууттан хас да түһэрии, ол иһигэр кыайан-хотон мүһэ өрө анньан турарын олуһун сөбүлээбитэ.- Манна тустубуппун олох умнубаппын ээ. Ньукулаайап Степаны нэһиилэ кыайбытым, били дьаныһан үөрэппит, сөбүлүүр өттүктээһиним абыраабыта. Степа син улахан курдук буолан баран ыйааһынынан наһаата суох эбит, бу санаатахха. Онон кыайбыт буолуохтаахпын.- Эн сылбырҕаҥ бэрт этэ. Оттон, уонна, Үстүөпэ эйигин харбаары гыммыт инерциятын эн туһаммыт курдук өйдүүбүн. Үчүгэй быраҕыы этэ.- Бэйэм да астыммытым. Билигин даҕаны, санаан кэллэхпинэ, син биир астынабын.- Ол күн эн тускунан кэпсэтии, билгэлээһин элбэх этэ. Дойдуҥ дьоно, ыалдьыттар үтүө санаалаах алгыстара кыттыстаҕа буолуохтаах – Олимпиада чулуута буоллаҕыҥ дии, Саша?!- Хайаан да көмөлөһөр. Оннук санаа миэхэ баар.Кэпсээн кэҥиэх курдук буолан эрдэҕинэ, Анисия Алексеевна остуолга ыҥырбыта.Остуолга хортуоппуйдаах соркуой, күөрчэх, сахалыы лэппиэскэ, хаан, ону кытта араас минньигэс, чэй уонна кымыс баара.- Саша, эн кэлэргин сүрэх-быар сэрэйэн быһыылаах, бу сарсыарда эмискэ баҕайы кутаа оттон, онно бу сахалыы лэппиэскэ буһарбыппыт ээ, Сэмэн биһикки. Туох эрэ имнэммитэ буолуо дии. Оттон бу хаан халадыынньыкка суос соҕотоҕун сыппыта ыраатта. Оҕобут, саха ньургуна, ыалдьыттыы кэлэрин билбит, күүппүт курдук ээ! – Анисия Алексеевна итини барытын олус үөрэн, биир тыынынан кэпсээбитэ.- Кырдьык оннук! – Сэмэн сэгэс гына түспүтэ, лэппиэскэ тооромоһун ылан эргим-ургум туппута. – Олох уу сахалыы, биилкэнэн, синньигэс маһынан тэһитэ анньыалаан, буһарар лаҕаан суоҕунан үтэһэҕэ үөлэн икки лэппиэскэни буһардыбыт. Ася эмискэ былыргыны санаан, ону боруобалыахха диэн өйдөөн.Саша бу кэпсээнтэн улаханнык соһуйбута. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук этэ, ол мээнэ буолбатаҕын, кырдьык туох эрэ имнэнэн дьаһайбытын уонна олоххо араас дьиктилэр баалларын кини бу холобуртан өссө итэҕэйбитэ.- Ол аата учууталларбар ким, туох эрэ илдьит ыыттаҕа дии. Интэриэһинэй! – Саша сэҥээрбитэ чахчы этэ.***Ити тыллар кэннилэриттэн ыалдьыт учууталларыгар итии истиҥ махтал тылын анаабыта уонна кинилэргэ олимпиада эмблема-значогун уонна күннээҕи дневниктэрин бэлэх ууммута.- Мин олохпор баар ситиһиибэр эһиги, бастакы учууталларым олук уурбуккут диэн бигэтик этэбин. Ол барыта дойдубутугар Туой Хайаҕа этэ. Ол кэрэ дойдубут айылҕата, булда-аһа, ото-маһа, сибэккитэ-симэҕэ биһиэхэ үтүөнү эрэ иитэллэрин, күүһү-уоҕу эрэ биэрэллэрин биллэрбит, ылыннарбыт дьоммутунан эһиги, күндү Анисия Алексеевна уонна Сэмэн Сэмэнэбис буолаҕыт. Киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан мин хаһан даҕаны эһигини санаан, махтанан ылааччыбын. Ону этээри, махтанаары кэллим эһиэхэ, күндү учууталларым. Эһигини сахалыы-махалыы сыллаан ыларбын көҥүллээҥ, – Саша кэлэн учууталларын эр-биир сыллаталаан ылбыта, кууспаҕалаабыта.Кэпсэтии Саша эрэ туһунан буолбакка, кини төрөппүттэригэр, убайа Сэмэҥҥэ эргийбитэ. Сэмэн Мииринэй куоракка олоҕун булан, алмаас боруодатын тиэйэр улахан массыынаҕа суоппардыыр эбит. “Саха дьоно промышленноска үлэлиир, улахан техниканы баһылыыр кыахтара суох” диэн өйдөбүлү тоҕо охсон хайа да омуктан итэҕэһэ суох үлэлиир-хамныыр, өссө үлэҕэ бастыҥ холобурунан буолар. £скөтүн кыах биэрдэххэ, була сатаан сирэй-харах аспакка үлэ киһитин сэҥээрдэххэ, саха да киһитэ ханнык баҕарар үлэни кыайар. Ону Сэмэн дакаастаата, оттон Саша Монреаль көбүөрүгэр саха дуулаҕа күүһүн көрдөрдө. Бу буоллаҕа дии, Туой Хайа сахалара айылҕаттан айдарыылаахтарын туоһута, туохха ылсаллар – онно ситиһии баар буолуоҕун биллэрбит, бигэргэппит холобурдара.Күрэхтэһии иннинээҕи түбүктэр быыстарыгар, кыайыы үрдүкү үктэлигэр турдахха, туох санаа кэлэрин, үөскүүр эбитин Анисия Алексеевна ыйыталаспыта уонна ону сиһилии соҕус кэпсииригэр үөрэнээччититтэн көрдөспүтэ.- Хамаандабыт наһаа доҕордуу, уонна ол уон киһиттэн үспүт саха буолан, хайдах эрэ турукпут чэпчэки, санаабыт бөҕөх, өйбүт биири эрэ ылынара – хайаан да кыайыахтаахпыт диэн этэ. Биһиги сахалар дойдубутугар мэтээллээх тиийиэхтээхпит диэн андаҕайбыппыт. Ол эрээри ханныкка тиксэрбитин эрдэ ахтыбатахпыт – сахалыы тыыннаах майгыбыт баһыйан буолуо, төһө кыалларынан сэмэйдик туттуохха диэнинэн салайтардыбыт быһыылааҕа. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирбит кэннэ биһиэхэ патриотическай өй-санаа, дойдунан киэн туттуу олус күүскэ киирбитэ. Сахабыт сирин, дьоммут-сэргэбит туһунан олох умнубат этибит. Мин Туой Хайабын санаан ыллахпына кыйаханар, “баарбытын дакаастыам” диэн испэр санаа баара.Бэлэм үчүгэйэ, настрой ол тэҥэ. Ол эрээри олимпийскай хамаандаҕа ыларга үтүрүйсүү, хабырыйсыы улахана баара. Быһаарар хапсыһыыны бу ыытабыт, ити ыытабыт диэн ыйтан ордук кэмҥэ ыйааһыммын тута сылдьыбытым. Ол үчүгэйинэн дьайбатаҕа чахчы.Олимпиадаҕа бары хапсыһыылары баҕаран, кыһыйан-абаран, күүркэйэн туран ыыппытым, холку соҕустук кыайталаабытым. Оттон бүтэһиккэ Такадалыын киирсиигэ сынньалаҥ кэннэ олох нукаай буолан хаалбытым, сэниэм бараммыт курдуга. Бу санаатахпына олимпиада иннинээҕи моһуоктар элбэх күүһү-уоҕу ылбыттар, ол түгэн ситэрин ситэн, ити финальнай киирсиигэ кэлэн ресурсам бүтэн, Такадаҕа кыайтарбытым. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ! Ол гынан баран тугу да гынар кыах суоҕа: ньиэрбэ сиксиллибитэ, ыйааһыны өр тутан эт-сиин быһытталаммыта ити хапсыһыыга тиийэн кэлбит этэ. Онон иккис миэстэ буолан хааллым. Барыта эрдэттэн этэҥҥэ эбитэ буоллар бастыыр кыахтар толору бааллара. Олох үчүгэй формабар сылдьарым.- Аан дойду үрдүнэн иккис буолар улахан ситиһии. Бэйэҕин мөҕүмэ, санааҕын алдьатыма, – учуутала Анисия Алексеевна оҕотун аһынан ити тыллары ыһыктыбыта.- Оттон, Саша, дьэ, пьедесталга туран тугу саныыр буолар эбиккин? – Сэмэн ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.- Пьедесталга иккис киһинэн тахсарга хайдах эрэ хомойбуппун билбитим. Оттон үөһээ тахсаат, илиибин өрө уунаат: “Биһиги, Туой Хайалар, баарбыт” диэн испэр буолбакка, кыратык иһиллэр гына чиҥник да чиҥник саҥарбытым. Инник саҥарыам диэн былаан суоҕа, ити тыллар бэйэлэрэ тахсыбыттара.- Уой да, бу оҕобун көр! Саша барахсан! – учуутала Анисия Алексеевна олох маһыттан туран кэлэн үөрэнээччитин икки иэдэһиттэн ылан сүүһүттэн сыллаан ылбыта. – Туой Хайаны чахчы ааттаттыҥ. Манна билэр дьоммут бары инньэ дииллэр! – Кини олоппос туорайыгар иилиллибит былаатын ылан үөрүүтүттэн бычалыйбыт хараҕын уутун соттубута уонна ымайбытын кубулуппакка эрэ олорунан кэбиспитэ, оҕотун одуулуурун тохтоппотоҕо.- Япония гимнэ оонньообутугар мин күнүүлүү санаабытым, “биһиэнэ оонньуохтаах этэ” диэн. Оннук санаа баар буолар эбит. Ону хайыаххыный? Кыайтардаҕыҥ, атын гимн оонньуур.- Саша, эн дойдугун хаһааҥҥыттан суохтаабыккыный? – Мэҥкэр ыччата Сэмэн Сэмэнэбис боппуруоһа соһуччу этэ.- Мин диэ? – Саша улаханнык толкуйдуу барбатаҕа, ыйытыы соһуччута бэрдиттэн утары бэйэтэ бэйэтиттэн ыйытта быһыылааҕа, – Арыылаахха үөрэнэ кэлэн баран. Кэлии оҕоҕо туората сатыыр хаҕыс сыһыантан, ону сөбүлээбэккэ охсуһан барбыппыттан. Дойдубар ким даҕаны туораппат, аһары баран сөбүлүүр курдуктара дии, билигин санаатахпына.- Ол баҕас чахчы. Бастыҥ спортсмеммыт, тустуукпут этиҥ.- Саша бастакы кылааска киирбитин бу баар курдук өйдүүбүн ээ, – Анисия Алексеевна кэпсээни иилэ хабан ылбыта. – Кылааска ортоку паартаҕа оҕо көхсүн көрө олорорун сөбүлээбэтэ быһыылаах: “Мин инники олоробун” диэтэҕэ үһү. Оҕо үксэ кэннигэр талаһааччы, арай Саша иннигэр көрдөһөн соһутан турар. Мин ону-маны ыйыталаһа барбакка, тута сөбүлэстим, өссө үөрдүм. Спортсмен майгы эрдэттэн баар эбит, наар инники диэки дьулуһар дьулуур. Кини наар кыайарын иһиттэҕим аайы ону саныыбын – оннук буолуохтааҕа эрдэттэн биллибит.- Уҥуохпунан кыра буолан быһыылаах, дьон көхсүн көрөрбүн сөбүлээбэппин. Инники сылдьан сирийэн көрөр, болҕойон истэр ордук. Ону таһынан кыайтарар олус кыһыылаах, туохха барытыгар. Онон кыайар туһугар дьарык диэн баарын, онтуката суох табыллыбатын Куоркун эппэр-хааммар иҥэрбит. Ситиһиигэ тиийэргэ инники буолары эрэ саныахха наада. Болҕомтону сүтэрэн биир эмэ очкону биэрдэххэ, кыайбыт да иһин Бөтүрүөбүс сэмэлиир, мөҕөр да буолара.Чурапчы оскуолатыгар тиийбиппин мин дьылҕам бэлэҕинэн ылынабын. Бөтүрүөбүс оскуолатын үөрэҕин толору ылыммытым, ылынабын уонна билигин да кинини кытта сибээспин быспаппын, суруйсабын. Бииргэ үөрэммит кыыспын кэргэн ылбытым. Эйэ дэмнээхтик, өйдөһөн олоробут, оҕолордоохпут. Ийэм, аҕам Таас Үрэххэ олороллор, этэҥҥэлэр. Онон мин дьоллоох киһинэн ааҕынабын…Үөрэнээччи уонна учуутал дьон олох, үлэ, дьиэ кэргэн, оҕолор тустарынан элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Кинилэр кэпсэтиилэригэр киэҥ сиринэн айаннаабыттара, үгүс дьону көрсүбүттэрэ, кэпсэтэн да ылбыттара. Туой Хайаҕа эргилиннэхтэринэ курутуйан саҥалара аччыыра, онтон тахсан бардахтарына айан сыыдамсыйара, кэпсээн-ипсээн кэҥиирэ, кынаттаах үөрүүнү үөтэр түгэн үксүүрэ…Дьэ, икки аҕа табаарыһым алгыстаах суруйууларынан эмиэ аҕа доҕорбун, киһи гиэнэ килбиэннээҕэ, атас ааттааҕа, доҕор бастыҥа Александр Ивановка, тапталлаах кэргэнигэр Варвара Афанастевнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэнигэр бу бэлиэ күҥҥэ бары үтүөнү баҕарабын, өссө да дьоллоох олоххут үгүс сылларга сириэлийэ турдун!
Хомуйан бэлэмнээтэВладислав КОРОТОВ.
Оставить комментарий