Хапсаҕайы хамсатааччы, суобаһынан судьуйалааччы Алексей Мостахов

Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка уонна физкультураҕа Министиэристибэтин, Манчаары Баһылай аатынан саха төрүт көрүҥнэрин Өрөспүүбүлүкэтэҕи киинин ааттарыттан спорт уҕараабат энтузиаһын, көҥүл тустууга аар саарга аатырбыт судьуйабытын, хапсаҕай тустуу аҕалаатар аҕатын Алексей Егорович Мостаховы күн сирин көрбүт 75 өрөгөйдөөх сааһынан истиҥник эҕэрдэлиибит, дьаҥҥа-дьаһахха бэриммэккэ, сотору кэминэн чөл туруккар киирэҥҥин, бу хамсык хаарчахтара бүттэхтэринэ эмиэ үөрэ мичилийбитинэн, түргэн-түргэнник хааман сэгэлдьийбитинэн тустуу саалатыгар киирэн кэлиэҥ, эдэрдэри-эмэннэри эмиэ хапсаҕай умсулҕаныгар ыҥырыаҥ диэн эрэнэбит! Дьиэ кэргэҥҥэр – эйэҕэс бэйэлээх олоҕуҥ доҕоругар Элеонора Дмитриевнаҕа, оҕолоргор, сиэннэргэр, хос сиэннэргэр или-эйэни, барҕарыыны баҕарабыт, дьоллоох буолуҥ!

Тоһуттар тымныылаах тохсунньу саха хапсаҕайыгар бэлиэ күннэрдээх. Ол курдук, тохсунньу 16 күнүгэр саха  хапсаҕайын Өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын салайааччыта, биһиги төрүт тустуубут киэҥ далааһыннанарыгар улахан үлэни оҥорбут, үгүһү үбүлээбит Николай Иннокентьевич Румянцев 60 сааһын туолла. Онтон бүгүҥҥү суруйуубут сүрүн геройа, Н.Румянцевтыын хапсаҕайы аатырдыбыт ытык киһибит Алексей Егорович Мостахов тохсунньу 19 күнүгэр 75 сааһын туолла.

Бүттүүн Саха сиригэр спорду сэҥээрээччилэр баһыйар үгүстэрэ “Хапсаҕай” диэтэххэ бастатан туран Алексей Мостаховы саныыллар, онтон  Мостахов аатын иһиттэхтэринэ – хапсаҕайы саныы түһэллэр.

Өлүөсэ уол Ньурба Таркаайытын Хатыҥ Сыһыы диэн кэрэ бэйэлээх сиригэр күнү көрбүтэ. Ийэтэ Мария Федотовна Хатыҥ Сыһыыга ыанньыксыттаабыта, онтон аҕата Егор Егорович – Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Ильмень күөлгэ уонна Старая Русса куораты босхолуур кырыктаах кыргыһыыларга бэйэтин хорсун буойун, бэргэн ытааччы быһыытынан көрдөрбүт гвардия ефрейтора. Кини сэрии иннигэр холкуос бэрэссэдээтэлинэн, буҕаалтырынан, онтон сэрии кэннигэр ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит бэйэтин кэмигэр лаппа үөрэхтээх, сайдыылаах киһи эбит. Онтон Алексейтан уон икки сыл аҕа убайа Семен Егорович Мостахов – сахаҕа сэдэх идэлээх океанограф инженер, Саха сиригэр биллэр учуонай, географическай наука кандидата этэ. Онон аҕатын-убайын удьуордаан, Алексей Мостахов эмиэ бэрт сытыы-хотуу, оҕо эрдэҕиттэ н талбыт идэтигэр дьаныардаахтык-дьүккүөрдээхтик дьарыктанан, Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Россия, ону ааһан аан дойду спордугар бэйэтин суолун хаалларда, билиннэ.

Оскуолаҕа Өлүөскэ Муостаахап үс нэһилиэккэ үөрэммитэ – Хатыҥ Сыһыыга, Хорулаҕа уонна Чуукаарга. Сүүрэр-көтөр баҕалаах, кыра хачаайы да буоллар, хачыппар курдук  уол хара бастааҥҥыттан тустуунан үлүһүйбэтэҕэ, ордук хайыһар, сүүрүү күрэхтэһиилэригэр кыттара. Ол эрээри биир кылааска үөрэммит доҕоро Сиэнньэ Алексеев тустууну ордороро, онтон Чуукаарга кэлин Россия үс төгүллээх чөмпүйүөнэ буолбут Петр Алексеев сайын аайы үөрэҕиттэн каникулугар кэлэн, уолаттары мунньан туһуннаран, араас күрэхтэһиилэри тэрийэн оонньоторо. Ситэн эрэр саха уолаттара, биллэн турар, тустан хачымахтаһаллара, ол кэмнээҕи оҕо барыта тустары сатыыра, биир дойдулаах улуу бөҕөстөрүн холобур оҥостоллоро, книи курдук буолуохтарын баҕараллара. Онтон Петр Еремеевич бииргэ төрөөбүт быраата Николайдыын Алексей эмиэ бииргэ үөрэммиттэрэ, улаатан баран олохторун суола төһө да атын-атын хайысханан бардаллар, кэлин саха тустуутун эйгэтигэр бииргэ үлэлиир буолбуттара.

Орто үөрэҕи  бүтэрбитин туоһулуур аттестаты илиитигэр тутаат, Алексей мунаахсыйбакка, муммакка-тэммэккэ биир суолу тутуспута – доҕоро Семен Алексеевтыын физкультура учуутала буолар санаалаах Дьокускайдааҕы 1№-дээх педучилищеҕа үөрэнэ киирбиттэрэ. Студенныы сылдьан, Семен саха тустуутун төрүттээччилэриттэн биирдэстэригэр – Николай Николаевич Волковка эрчиллэ киирбитэ, онтон Алексей чэпчэки атлетиканан түөрт сылы тухары кэлин Саха АССР үтүөлээх тренерэ буолбут Константин Никитич Егоровка дьарыктаммыта. Ситиһиилэр да бааллара, ол курдук училище хамаандата Уһук Илиҥҥэ бастаан, 1966 сыллааҕы РСФСР педучилищеларын Спартакиадатыгар 4 х 100 м эстафетаҕа иккис миэстэни ылбыта бастыҥ көрдөрүү этэ. Ол быыһыгар А.Мостахов куоракка ыытыллар кросстарга, эстафеталарга өрүү ДьПУ хамаандатыгар киирэн бириистээх миэстэлэргэ тиксэрэ, ол саҕана педучилище спортсменнара инники кирбиигэ сылдьаллара. Алексей сүүрүүнэн эрэ муҥурдаммакка, доҕорун Сэмэни батыһан тустуу саалатыгар эмиэ тиийэрэ, ол кэмнээҕи аатырбыт бөҕөстөрү кытта бииргэ дьарыктанара. Ол сылдьан, 1964 сыллаахха Саха сирэ – Дагестан диэн эдэрдэргэ матчевай көрсүһүүгэ кыайыылаах буолбута.

Мин сөҕөрүм диэн, Алексей Егорович  бииргэ үөрэммит доҕотторо бары республикаҕа биллэр дьон буолбуттара: Семен Алексеев, Юрий Васильев – көҥүл тустуу үтүөлээх тренердэрэ, Владимир Татаринов Саха сирин норуоднай артыыһа, Симон Анастатов – генерал-майор, Саха сирин ФСБ-тын салайааччыта, Анатолий Амвросьев – оһуохай Дархан этээччитэ, Моисей Литвинцев, Иннокентий Протодьяконов, Григорий Иванов, Денис Кривошапкин – 60-70-с сс. аатырбыт бөҕөстөрө. Кинилэртэн үгүстэрэ билиҥҥэ диэри этэҥҥэ олороллор, доҕордуу сибээстэрин быспаттар, кэмиттэн кэмигэр көрсөллөр, олохтон барбыт доҕотторун ахталлар, дьиэ кэргэннэрин сэмэй ситиһиилэрин үллэстэллэр.

2014 сыллаахха педагог, сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит, суруналыыс, суруйааччы Николай Николаевич Ребров А.Е.Мостахов олоҕун туһунан олус бэргэнник ааттаммыт “Кырдьыгы суолдьут оҥостон” диэн бэртээхэй кинигэтин таһаарбыта. Ол кинигэттэн кылгас быһа тардыыны ааҕыаххайыҥ:

“Дьокуускайдааҕы педучилище 90 сыллаах юбилейыгар биһиги кууруспут туһунан маннык суруйуу баар «Быйыл 90 сааһын үөрүүлээхтик бэлиэтээбит Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены 1967 сыллаахха 23 буолан бүтэрбиттэрэ (XI выпуск). Кинилэр ортолоругар ССРС спордун 4 маастара, 7 маастарга кандидата, РСФСР спордун 4 маастара, САССР спордун 4 маастара баара. Производство араас салаатыгар 5 киһи СР үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын ылбыта, 3 киһи ССРС, 7 киһи Россия уонна Саха сирин туйгуна буолбута. Аан дойду, РСФСР үрүҥ көмүс 3 призера, Сибиир уонна Дальнай Восток 4 кыайыылааҕа, «Спартак» ДСО КС 1 чөмпүйүөнэ, САССР 7 чөмпүйүөнэ иитиллибиттэрэ”.

Онон, 1967 сылга училищетын бүтэрэн, эдэр специалист физкультура учуутала дипломнаах, көҥүл тустууга бастакы, сүүрүүгэ иккис спортивнай разрядтааҕын туоһулууп киниискэлэрдээх дойдутугар – Күөх Ньурбаҕа – үлэлии тиийбитэ.

Алексей Егорович бастаан Чукаар оскуолатыгар учууталлаабыта. Онно оҕолорун сүүрүүгэ, хайыһарга эрэ буолбакка, көҥүл тустууга эмиэ эрчийэр-дьарыктыыр буолбута. Онтон ыла үйэ аҥаарын устата олоҕун аргыһа буолбут араас таһымнаах күрэхтэһиилэр саҕаламмыттара.

Алексей педучилищеҕа үөрэммит сылларын саамай улахан ситиһиитэ спорт дуу үөрэх дуу эйгэтигэр буолбатах этэ. Этэргэ дылы, тус бэйэ фронугар, бэйэтин олоҕун саамай күндү бэлэҕин – олоҕун доҕорун, чоҕулуччу көрбүт Амма бааһынайын Элеонора Мухаметованы кытта биир кууруска үөрэнэ сылдьан билсиһэн, доҕордоһон, онтон кэлин ыал буолар дьолломмута.

1971 сыллаахха таптыыр сүрэхтэр дьэ холбоһон, Орто Халымаҕа уонна төрөөбүт Амматыгар учууталлаабыт таптыыр кыыһа Ньурбаҕа кэлэн, Мостаховтар диэн саҥа ыал үөскээбитэ.

Быйыл күһүн балаҕан ыйыгар Элеонора Дмитриевна, Алексей Егорович кыһыл көмүс уруу күнүн бэлиэтиэхтэрэ. Кинилэри эҕэрдэлиэхтэрэ, үөрүүлэрин үллэстиэхтэрэ кыыстара, эмп үлэһитэ Фатима, уолаттара Алексей уонна Юрий (иккиэн Ыксаллаах быһыыга министиэристибэҕэ быыһааччыларынан үлэлииллэр) уонна сэттэ сиэннэрэ, ону таһынан хос сиэннэрэ.

Мостаховтар 1972 сылтан оройуон киинигэр көһөн киирэн, оҕо спордун оскуолатын дириэктэрэ, Москубатааҕы физкультурнай институту бүтэрбит спорт маастара Николай Прокопьевич Иванов салалтатынан, Алексей – тустууга, кэргэнэ Элеонора – волейболга тренеринэн үлэлээн барбыттара. Үлэтин быыһыгар Алексей ол да инниттэн бэйэтэ тустан көрөрө, онон утумнаахтык дьарыктанан, 1973 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бирииһигэр турнирга үрүҥ көмүс мэтээллэнэн, өр сылга ыра гыммыт ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Ол сыл Хакасия Аскиз куоратыгар  Уһук Илин уонна Сибиир спартакиадатын кыайыылааҕа буолбута. Эһиилигэр кэтэхтэн үөрэммит Хабаровскайдааҕы физкультура институтун бүтэрэн, үрдүк үөрэхтээх специалист буолбута. Дьэ итинник кэрдиистэн кэрдииһи баһылаан, Алексей Егорович оҕо спордун оскуолатын тренериттэн дириэктэргэ, онтон оройуоннаҕы спорт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүммүтэ. Төрөөбүт-үөскээбит Ньурбатыгар 28 сыл устата оҕолору, ыччаты спорка угуйбута. Ити сыллар усталарыгар кини 5 ССРС спордун маастарын, 13 спорт маастарыгар кандидаты, хапсаҕайдаһан тустууга 16 САССР маастарын, икки тустууга барыта 14 өрөспүүбүлкэ чөмүйүөнүн бэлэмнээбитин туһунан кини докумуоннарыгар көрөбүт.

Дойдутугар үлэлии сылдьан, Алексей бэйэтэ да хапсаҕайдаһан көрөрө, оҕолорун да күрэхтэһиннэрэрэ. Ол гынан баран биирдэ, 1987 сыллаахха ыаллыы Үөһээ Бүлүү оройуонугар биллиилээх бөҕөс Василий Степанов-Буучугурас бирииһигэр күрэхтэһиигэ оҕолорун илдьэ тиийэн баран, дьэ хараҕа аһыллыбыта. Көҥүл тустууга балайда киирсэр, эрэнэр уолаттарын олохтоохтор олох киһилээбэтэхтэрэ. Дьэ мантан ыла Алексей Егорович хапсаҕайы анаан үөрэтэр, чинчийэр буолбута, бэйэбит омукпут төрүт тустуутун ыччаттарга тарҕатар санаата бөҕөргөөбүтэ. Спорт оскуолатыгар хас дьарык аайы чаас аҥаарын хапсаҕайга аныыр буолбуттара, бэйэлэригэр күрэхтэһии тэрийэллэрэ, хайа сатанарынан ыаллыы Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Бүлүүгэ сылдьаллара. Манна дириэктэрэ Н.П.Иванов киниэхэ көмө, өйөбүл буолбута. Аны икки сылынан бэйэтин уолаттара кыайар-хотор буолбуттара. Онон ити Үөһээ Бүлүүтээҕи хотторуу А.Е.Мостахов инники олоҕун биир хайысхатын түстээбитэ.

Алексей Мостахов судьуйа быһыытынан ССРС 12 чөмпүйэнээтигэр уонна ыччаттарга бастыыр иһин күрэхтэһиилэригэр, икки ССРС норуоттарын Спартакиадатын, 30-н тахса Россия чөмпүйэнээттэрин, эмиэ 30-н тахса норуоттар ыккардыларынааҕы турнирдары (ол иһигэр Иван Ярыгин бирииһигэр 17 турниры), ССРС – АХШ уонна Россия – АХШ матчевай көрсүһүүлэри, икки аан дойду чөмпүйэнээтин (Красноярскай, 1997; София, 2000), Аан дойду Кубогын(Ташкент, 2005), Европаҕа эдэрдэргэ (Виттен, 1995) уонна кадеттарга (Стамбул, 2004) бастыыр иһин күрэхтэһиилэргэ үлэлээбитэ. Сүрүн судьуйа быһыытынан Россия чөмпүйэнээтигэр (Дьокуускай, 1989), Саха сирин норуоттарын I Спортивнай оонньууларыгар (Бороҕон, 1996), Манчаары Баһылай XV Спартакиадатыгар (1997), Россия – АХШ матчевай көрсүһүүгэ (Мииринэй, 2007) үлэлээбитэ. 1996, 2000, 2004 уонна 2008 сс. «Азия оҕолоро» Норуоттар ыккардыларынааҕы спортивнацй ооньууларга судьуйа уонна сэкэритээр быһыытынан үлэлээбитэ.

Бу үлэтинэн кини 1996 с. ФИЛА I кылаастаах норуоттар ыккардыларынааҕы категориялаах судьуйата, 2014 cылга төрүт тустууларга норуоттар ыккардыларынааҕы категориялаах судьуйа буолбута.

Аҕам саастаахтарга Саха АССР хапсаҕайга чөмпүйүөнэ (Сунтаар, 1991). Россия аҕам саастаахтарга чөмпүйүөнэ.

Биллэр бөҕөс Вячеслав Карпов Алексей Егоровиһы Дьокуускайга кэлэн үлэлииригэр ыҥырбыта. Онон 1995 сыллаахха Мостаховтар киин куоракка кэлэн олохсуйаллар, аны үйэ чиэппэрин устата кинилэр олохторо манна буолар. Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатыгар инструкторынан икки сыл үлэлээбитин кэннэ, Саха сирин спортивнай тустуутун Федерациятын конференциятынан улахан спортивнай уопсастыбаннай тэрилтэҕэ толорооччу дириэктэринэн талыллар. Бу үгүс түбүктээх, эппиэттээх дуоһунаска 1997-2006 сс. үлэлиир. 1997 сылга аны хапсаҕай тустууга туспа федерация тэрийэр санаа киирбитэ даҕаны, ол саҕана көҥүл тустууну салайбыт өрөспүүбүлүкэ бастакы президенэ М.Е.Николаев араарбакка, биир федерациянан үлэлииргэ дьаһайар. Ол да буоллар, саха төрүт тустуутугар туспа вице-президенинэн Петр Юмшановы талбыттара.

Дьэ мантан саҕаламмыта, бүттүүн Саха сиригэр умнулла быһыытыйбыт, ыһыахтарга эрэ оонньонор, балайда чөл туруктаах Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга эрэ хаалбыт хапсаҕай өр кэмнээх өрүттүнүүтэ. Алексей Мостахов бэйэтин эбээһинэһинэн көҥүл тустуу күрэхтэһиилэрин тэрийэригэр дьүөрэлээн, хапсаҕайы эмиэ хамсатан барбыта. Бастакы сылларыгар Федерация Кубога диэн олохтоон, оччотооҕу кэмҥэ олус сыаналаах профессиональнай аҥаардаах видеокамераны сүрүн бириис гынан, сэргэх күрэхтэһиини ыыппыттара.

2003 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка кэмитиэтин көҕүлээһининэн, хапсаҕайы тэҥэ мас тардыһыыта уонна атах оонньуута Россия төрүт көрүҥнэринэн билиниллибиттэрэ. Төрүт тустуубутун судаарыстыба иилиир-саҕалыыр буолбута. Итинтэн саҕалаан хапсаҕай сыыйа Саха сиригэр бэйэтин миэстэтин булан барбыта. Алексей Егорович тустуу федерациятыгар 14 сыл үлэлээбититтэн, кэнники биэс сылын хапсаҕайга анаабыта. 2008 сылга эмиэ хапсаҕайы арааран туспа федерация тэрийэ сатаабыттара кыаллыбатаҕа.

Онтон дьэ 2010 сылга эрэ табыллыы буолбута. Бу кэмҥэ Алексей Егорович Манчаары Баһылай аатынан саха төрүт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр үлэҕэ киирбитэ.  “Колми” диэн массыына атыылыыр тэрилтэ салайааччыта Николай Иннокентьевич Румянцев, бэйэтэ тустуу диэн баран “муннукка ытаабыт” киһи, хапсаҕай федерациятын салайарга сөбүлэспитэ. Дьэ мантан ыла “хапсаҕай хаардыы хааман” барбыта.

Хапсаҕай быраабылатын чопчулаан, улуустары кытта быһаччы кэпсэтэн, тэрилтэлэргэ сүүрэн-көтөн спонсордыылларыгар көрдөһөн, араас улуустарга бэйэлэрэ күрэхтэһиилэнэллэрин көҕүлээн, Федерация халандаарын оҥорон бу көрүҥү атаҕар туруорбуттара. Манна барытыгар Алексей Егорович штаб начаалынньыгын быһыытынан, эрдэттэн былааннаан, наадалаах дьону, тэрилтэлэри, улуустары кытта кэпсэтиилэри ыытан, күн бүгүнүгэр диэри Хапсаҕай федерациятын тэбэр сүрэҕэ, дьаһайар-быһаарар мэйиитэ буолан сырытта. Николай Иннокентьевич хапсаҕай сайдыытыгар сылын аайы бэйэтин тэрилтэтиттэн үтүмэн үбү уган, тугунан да сыаналаммат өҥөнү оҥорон кэллэ.

Биир улахан хардыынан 2010 сыл алтынньы ыйыгар Казахстан киин куоратыгар Астанаҕа саха хапсаҕайа Аан дойду тустууга федерациятын састаабыгар киирэрин туһунан дуогабары “Сахаада” саха төрүт көрүҥнэрин Ассоциациятын аатыттан Б.Манчаары киинин дириэктэрэ Иннокентий Григорьев ФИЛА президенэ Рафаэль Мартинеттылыын илии баттааһыннара буолбута. Оттон эһиилигэр Литва Шяуляй куоратыгар хапсаҕайга аан бастакы Европа, онтон Индия Пуна куоратыгар Азия бастакы чөмпүйэнээттэрэ ыытыллыбыттара. Манна барытыгар Алексей Егорович быһаччы кыттан, хапсаҕайы аан дойду таһымыгар таһаарсыбыта.

Алексей Егорович өрүү саҥаны, кэскиллээҕи өтө көрөр, ылынар. 2013 сыллаахха Россия тустууга федерациятыгар үлэлиир биир дойдулаахпыт Петр Юмшанов сүбэтинэн, саха хапсаҕайдьыттара аан бастаан Африка Марокко диэн дойдутугар ыытыллар кумахха тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр баран ситиһиилээхтик кыттыбыттара, кыайыы көтөллөөх кэлбиттэрэ. Ол кэнниттэн саха уолаттара өссө түөрт төгүл кумахха аан дойду күрэхтэһиилэригэр сорсуннаахтык тустубуттара.

Хапсаҕай судьуйатын Владимир Аммосов үлэтэ.

Мин аҕа табаарыһым сааһыгар хабаана суох сыыдам сырыылаах, ахсым айаннаах. Дэлэҕэ Элеонора Дмитриевна көр-күлүү курдук этиэ дуо: “Мин Алексей Егоровиһым сыл аҥаарыгар дьиэтигэр суох”. Хапсаҕайдаһан тустуу Саха сиригэр үрдүк таһымҥа тахсарыгар эмиэ сүдү кылааты киллэрбит суруналыыс уонна кэммэнтээтэр Александр Васильевич Васильевтыын-Көрдүгэнниин иккиэн сыл хайа да кэмигэр тохтообокко, өрөспүүбүлүкэни илинтэн арҕаа, хотуттан соҕуруу тилийэ айанныыллар, хапсаҕайы ахсаабакка сайыннараллар. Көрдүгэн хапсаҕайы кэпсиирин иһиттэхтэринэ, дэриэбинэҕэ сороҕор ынах да ыаммат, оҕо да түптээн көрүллүбэт араллаана буолар, турар-турбат барыта хапсаҕайы көрө, Көрдүгэн көрүдьүөстээх кэпсээннэрин истэ кэлэллэр. Күрэхтэһии быыһыгар Алексей Егорович судьуйаларга сэминээрдэри ыытар, эдэрдэргэ сүбэлиир, мөккүөрдээх түгэннэр таҕыстахтарына, кини бүтэһик тыла быһаарар.

Урут хапсаҕай уйатынан Үөһээ Бүлүү эрэ билиниллэр буоллаҕына, Кэбээйи Мукучутугар А.Е.Мостахов көҕүлээһининэн, туруорсуутунан Саха сиригэр соҕотох хапсаҕай оскуолата арыллар, мантан Михаил Васильевич Ивановка уһуйуллан, уһулуччулаах “ыраас хапсаҕайдьыттар” баар буоллулар. Билигин Хаҥалас, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Амма, Таатта, Чурапчы, Сунтаар, Томпо, Дьааҥы, о.д.а. улуустарга хапсаҕай маастардара үүнэн таҕыстылар, сылын аайы бэйэлэрин биллэр бөҕөстөрүгэр анаммыт күрэхтэһиилэр ыытыллаллар.

Хомойуох иһин, хаһыат балаһатын кээмэйэ хааччахтаан, өссө да суруйуллуох суруллубата, этиллиэх киирбэтэ.

СӨ Дмитрий Петрович Коркин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата (2016). СӨ физическэй култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ (2001).  Россия физическэй култууратын уонна спордун туйгуна (2015). СӨ физическэй култууратын уонна спордун бочуоттаах үлэһитэ (2013). Россия Олимпийскай кэмитиэтин “Россияҕа олимпийскай хамсааһын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” бочуоттаах бэлиэнэн, «Россия профсоюзтарын 100 сыла” үбүлүөйдээх мэтээлинэн наҕараадаламмыта (2006). Ньурба улууһун уонна Чуукаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо (2010). Россия президенэ В.В.Путин Махтал суругунан, СӨ президенин уонна Ил Түмэнин бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ.

Доҕоро Владислав КОРОТОВ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)