Манчаары Баһылай аатынан Республикатааҕы саха төрүт көрүҥнэрин киинин аатыттан Саха сиригэр мас тардыһыыга иккис тыыннаабыт, ааспыт үйэ бүтүүтэ-саҥа үйэ саҕаланыыта ыарахан ыйааһыҥҥа чаҕылхай киирсиилэри көрдөрбүт, аан дойду таһымыгар тахсарыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбит аатырбыт мадьыны Владимир Яковлевич Шарины үбүлүөйдээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит, бары үтүөнү баҕарабыт, өссө да мас тардыһыытын сайдыытыгар үлэлии-хамсыы туруоҥ диэн эрэлбитин биллэрэбит!
Муус устар 16 күнүгэр 1961 с. Мэңэ Хаңаласка, Мэлдьэхси Суолатыгар үлэһит дьон дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Идэтинэн – физик, ядернай геофизиканы үөрэппитэ. Билигин төрөөбүт нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлиир. Кэргэннээх, 3 оҕолоох, 5 тапталлаах сиэн эһэтэ.
1979 сыллаахха, ахсынньы ый биир күнүгэр Сэргэлээх 12-с нүөмэрдээх уопсайын фойетыгар Софронов Колялыын киирсиэҕиттэн, мас тардыһынан үлүһүйүүтэ саҕаламмыта. Студенныы сылдьан уопсай дьиэ, студгородок уонна «Көмүс мас» күрэхтэригэр кыттар этэ. Онно саамай улахан ситиһиитинэн, СГУ-ну бүтэрэр 1984 сылыгар университет студгородогун чемпионатыгар бастаабытын ааҕар. 1985-1995 сылларга Верхоянскайга үлэлии сылдьан, экстремальный туризмынан дьарыктанан, маска улаханнык тардыспатах эбит. Бу эриэккэс уонна умсулҕаннаах спорт көрүҥэр ССРС спордун маастарыгар кандидат нуорматын толорбута, кэлин Советскай Союз эстиитин саҕана, Саха сирин маастарын үрдүк аатын ылбыта.
1995 сыл тохсунньу ый 24 күнүттэн, мас тардыһыытыгар анаан-минээн дьиҥнээхтик дьарыктаныытын Николай Софронов тренердээх правительство гарааһыгар саҕалаабыта. Манчаарыга, республикаҕа уонна элбэх республикатааҕы турнирдарга 90 уонна 90 үөһэ киилэлэргэ бастаталаан, миэстэлэһэн, үөрүү өрөгөйүн билитэлээбитэ. Олортон саамай улахаттарын холобурга аҕалтыыбын:
• 1998 с. ыытыллыбыт Сибиир уонна Дальнай Восток түһүлгэтин муҥутуур күүстээҕэ;
• 1999 с. Манчаары Баһылай Спартакиадатын 3-с миэстэлээҕэ;
• 2000 с. Саха сирин спортивнай Оонньууларын боруонса медалиһа;
• 2003 с. Хаандыгаҕа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарынСпортивнай оонньууларын 2 миэстэлээҕэ;
• 2005 сыллаахха Россияҕа чемпионнуур, ону таһынан Манчаары Баһылай бирииһин хаһаайына буолар;
• 2009 сыл Манчаары Баһылай оонньууларын чемпиона , Россия абсолютнай чемпионатыгар кыттан, бэһис миэстэҕэ тахсар;
• 2013 сыллаахха Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары Баһылай бирииһигэр үрүҥ көмүс мэтээли иилинэр.
2014 сыллааахха Россия хамаандатын састаабыгар кыттан, Аан дойду бастакы чемпионатыгар ветераннарга бастаабыттара.
Ону таһынан, ветераннарга хас да төгүл абсолютнай чемпион буолуталаабыта. Республика абсолютнай чемпионатыгар үһүс призер буола сылдьыбыта. Уопсайа, Саха сиригэр бастыыр иһин чемпионакка түөртэ бастаабыта. Республикатааҕы турнирдарга миэстэлэһиитэ элбэх буолуохтаах, арааһа, 100-чэкэтэ чемпион уонна призер буолуталаабыта.
Саха сиригэр мас тардыһыытын федерацията тэриллиэҕиттэн президиум чилиэнинэн, генеральнай секретарынан 2012 сыллаахха диэри утумнаахтык улэлэспитэ, Россияҕа мас-рестлинг федерациятын төрүттэспитэ. Элбэхтэ улуус, Саха сирин, Россия, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэргэ арбитртан саҕалаан, сүрүн судьуйаҕа тиийэ судьуйалаабыта.
Өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт киирсиилэрэ: Николай Софроновтыын аан бастаан киирсиитэ умнуллубат бэлиэ түгэн; А. Баишевы, Ооккону, Е. Сивцеви, А. Саввины, Н. Колодкону кытта тыҥырах туллар киирсиилэрэ умнуллубаттар; саамай элбэхтэ Анатолий Баишевтан хотторуу хомолтотун билбитин билинэр; саамай кыһыылаах хотторуута Петр Саввинтан 2003 с. Хаандыгаҕа Спортивнай Оонньууларга буолбут эбит (дьиҥэ, итиннэ бастыыра хаалбыта).
Маспыт салгыы сайдара – бу бары мадьынылар, тренердэр, тэрийээччилэр, ыалдьааччылар уонна салайааччылар биир сомоҕо буолан, күннээҕи үлэ сыыһаларыттан-халтыларыттан чаҕыйбакка, аан дойду уонна Олимп дорҕоонноох түһүлгэлэрин диэки дьулусханнык айаннааһыннара буолар диэн бигэ эрэллээх.
А.Е.Харитонов “Тэбилик мастан тэбинэн” (Дьокуускай, 2017) кинигэтиттэн.
Оставить комментарий