С большим интересом прочитал книгу своей землячки, доктора исторических наук, профессора Розалии Иннокентьевны Бравиной. «Экспедиция» — произведение эклектичное, сочетающее в себе научно-популярную литературу, рабочие дневники, путевые заметки и написанные очень живым, с изрядной толикой юмора языком короткие рассказы о своих научных изысканиях и людях, с которыми она их проводила в разное время. В книге человек, интересующийся историей своего края, может найти очень много нового, привлекающего внимание. Я узнал много нового о наших выдающихся современниках, людях науки, делающих историю, а также о знаменитых представителях «тонкого мира», с которыми Розалия Иннокентьевна встретилась в ходе своих поездок. Отличный пример научно-познавательной литературы, в которой качественная беллетристика сочетается с историческими фактами, литературными источниками.
Советую друзьям прочитать эту книгу – она того стоит!
P.S. Написана на якутском языке.
Привожу фрагмент из книги — заветы бабушки Дьэбдьиэ Лихановой, которая прожила до 110 лет.
Евдокия Семеновна Лиханова-Эбээ Дьэбдьиэ
(1900-2010)
Р.И.Бравина. Экспедиция (Тэттик кэпсээннэр, суоллааҕы бэлиэтээһиннэр, ахтыылар). Дьокуускай, “Алаас”, 2021. сс. 199-204.
Эбээ Дьэбдьиэ толкуйдаах санаатын олуктара
Аныгы кэм туһунан
- Киһи бэйэтин бэйэтэ иитинэн олорор былыргылыы кэм кэллэ. Онон тыа сахата сүөһүтүн диэки хайыстаҕына олоҕо көнөр чинчилэннэ.
- Омос көрдөххө, айылҕа ото-маһа, күнэ-дьыла уларыйбат курдук эрээри хайдах эрэ тыына-быара ыгыллан иһэр майгылаах.
- Арҕаа диэкиттэн айылҕа икки олох икки тыала дьыбарданан иһэр.
- Былдьаһыктаах кэмҥэ «һуу-һаа» диэн, быстахха киирбэккэ, ааһар албыны эккирэппэккэ, өлбөт-хаалбат гына бэйэ сиригэр-уотугар дьип-дьап дьаһанан, кытаатан биэрэр куолу.
- Аныгы саха сирин баайын харыһыйан, ытыы-соҥуу олорбокко, бэйэ туһатыгар таһаарар мөккүөрү тобуллаҕына, сайдар аартыга арыллыа.
Саха тыына
- Сайдыы омук тылынан барар, отгон аныгы саха нуучча үөрэҕин ылынан, айылгыта уларыйда.
- Саха саха тыынын ыһыктыбат иннигэр нуучча үөрэҕин сэр-гэ өбүгэ үөрэҕин холбуу тутуохтаах.
- Сахатын аанньа ахтыбат киһи өйө-санаата туора омукка көһөр, төлкөтө онно барар.
- Саха Сахатын сирин таптыахтаах, кини төрөөбүт сириттэн күүс-уох ылар гына ананан айыллыбыт, атын дойду одурууннаах буолар.
- Кэлии дьон үлүйэн өлүмээри, күргүөмүнэн олохсуйбаттар, онон саха сайдарын бэйэтэ харгыстаабатаҕына, саха сар-гыта хаһан да самныа суоҕа.
Үлэ-хамнас
- Киһи хаанынан удьуордуур: мындыр уус, сорсуннаах булчут, дьөһөгөйдөөх сылгыһыт. Оҕо дьоҕурун таба көрөн, сыһыардахха, сайыннардахха, айар-тутар айылгыланар.
- Үлэтин таһаҕас оҥостубакка, идэтиттэн астынар, дуоһуйар эрэ киһи олоххо кыайыылаах буолар.
- Хайа баҕарар үлэ иэйиилээх буолар куолута. Ыанньыксыт ынахтарын таптыыр, харыһыйар, сылгыһыт атыырынан күөн туттар, уус тимири ыллатар.
Удьуор үөрэҕэ
- Оҕо ийэтин, аҕатын кытта биир тыын баайыылаах иити-линнэҕинэ эрэ олоҕор харысхаллаах, кэскиллээх буолар. Тулаайах оҕо киһи буолара күчүмэҕэй, кута-сүрэ кэбирэх, онон мунара-тэнэрэ үгүс, бүдүрүйэрэ-тэмтэрийэрэ кэбэҕэс.
- Ийэлээх аҕа сымнаҕас сыһыаннара, сылаас тапталлара оҕону олоҕун тухары угуттуур. Атын дьон төрөппүт курдук төһөҕө да ымманыйбаттар.
- Кыыс оҕо ураты сыһыаны эрэйэр. Куттаннаҕына, соһуй-даҕына, хоргуттаҕына — кэнэҕэс төрүөхтээх оҕотун кута куотуон сөп.
- Оҕону бэйэтин харыстанар гына иитиллиэхтээх. Тымныыга үчүгэйдик таҥныахтаах, итиигэ оройун күнтэн харыстыахтаах, этин-сиинин эрчийиэхтээх, табаҕы тардыа, арыгыны иһиэ суохтаах. Кырдьаҕас киһи хаана хойдор, онон «буодкачааны» «там» курдук иһэрэ эмп буолар.
- Удьуор үтүөтүн умнубаттар, төлкөлөөх санааны төрүттээн, ыччаттарыгар бүппэт кэпсээн оҥостоллор.
- Туох эмэ мөкү быһыы таҕыстаҕына, удьуор-хааҥҥа куһа-ҕаны сыһыарбат инниттэн ылы-чып кистииллэр, тумна, тутатына умна сатыыллар.
- Киһи тыла – ox, батыйа. Маатыра – омуктар абааһыны куттуур, тэйитэр тыллара. Киһини харыстыыр киһи куһаҕан тылы төһөҕө да саҥарбат.
Олох сүрүн тутуллара
• Сирдээҕи дьол – киһи санаатын табар дьахтарын булан, ыал буолара.
• Эр киһи дьахтарга тойон өһүө. Өйдөөх дьахтар кэргэнин сыллыы-ууруу, имэрийэ-томоруйа сылдьар, хайгыыр, эгди гынар.
• Таптал да араастаах. Оҕо ийэлээх аҕатын таптыыр, онтон уол кыыска, кыыс уолга ылларар, ыал буоллаҕына, күнэ оҕолоруттан, сиэннэриттэн тахсар. Оттон киһи сааһырдаҕына, төрөөбүт дойдуга таптала наһаа ахтылҕаннаах, хараастыылаах буолар эбит.
• Киһи олоҕун үс сүрүн тутулун: ыччатын, баайын-дуолун, доруобуйатын бөҕөргөтөн, күннэтэ хатылыыр алгыстаах буолуохтаах:
Төрөтөр оҕобут төлкөлөөх буоллун,
Иитэр сүөһүбүт төрөлкөй буоллун,
Аһыыр аспыт амтаннаах буоллун!
Үөрэх, итэҕэл
- Өрбөх ыстаан кэмигэр төрөөбүт сахалар үөрэҕи таҥара туттубуттара.
- Айылҕа ханнык кэмҥэ тугунан тыынарын ааҕан-суоттаан, Таҥара халандаарын оҥорбуттар: Иһийээнэп саҕана эһэ арҕаҕар иһийэр, Ньукуолун – үтүө таҥара – күөххэ үктэннэрэр.
- Таҥараны илэ көрбүт суох, эйигин кэтээн, тутан турбат. Таҥара – киһи үтүө санаата. Ол иһин киһи айыы санаанан салайтарыах тустаах.
- Ыһыах алгыһа – олоҕу көҕүлүүр күүс.
- Ыһыах кымыһа – олоҕу утумнуур дьиҥ илгэ утаҕа. Урут «үс үүрээн түптэ» диэн оҥороллор, онуоха үс атыыр үөрэ кэлэн сыстар. Ону ыыллар алгыы-алгыы:
Көҕүөр иһит кэмчи буолла,
Симиир иһит итэҕэс буолла,
Чороон иһит дьоҕус буолла,
Ийэ биэ барахсан, иэт-иэт!
Оччотугар үүт күрүлүү түһэр. Ону ылан, көҕүөр иһиккэ көөнньөрөллөр, ол бэйэтэ туспа алгыстаах.
Үйэ саас биэс тарбах бэлиэлэрэ
1. Икки эрбэхтэрин чороччу сыһыары тутар, атын тарбахтарын хардарыта уган, илиилэрин хам тутар: олоххо тардыһар күүһүҥ өһүллүбэтин.
2. Икки сөмүйэтин хардарыта кириэстии уурар: тастан киирэр киртэн, быртахтан күрүөлэн.
3. Уҥа илиитин сөмүйэтин уоһугар даҕайар: «чыычый» – хобу-сиби тарҕатыма, үөнү-күрдьэҕи көбүтүмэ.
4. Уҥа ытыһын ойоҕоһунан хаҥас ытыһыгар туора аҥаардыы уурар: алыс толору куртахтан эт-хаан элэйэр, мэйии үлэтэ бытаарар.
5. Ылгын-чыкыйа тарбахтарын күлүүстүү хатыһыннарар: сирдээҕи олох эр киһи икки дьахтар икки тапталларыттан тутулларын умнума.
Уһун үйэлэнии кистэлэҥнэрэ
- Киһи ас киспэлээх, төрүт ас эмтээх. Дьөһөгөй оҕолоро-бут, онон баайтаһын эмис сылгы хаһата сахаҕа бастыҥ эмп. Күн аайы сылгы тоҥ хаһатын эмти тутан, эмэ сырыттахха, хаан хойдубат, тымыр бүөлэммэт.
- Күннэтэ суорат сиэтэххэ, ис-үөс ыраастанар.
- Сыа-арыы тымныыттан харыстыыр.
- Эт, балык күүс-сэниэ эбэр.
- Омук аһа одурууннаах, саахары, тууһу нэмин көрөн сиэниллэр.
- Ис иһиттэн күлэр-үөрэр киһи уһун үйэлэнэр. Урут биһиги окко үҥкүрүйэ сылдьан, ис-испититтэн тэптэн туран күл-сэрбит. Баччааҥҥа диэри бэтиэхэлэнэбин, – диир уонна дьээбэ-хообо таабырыннары таайтара-таайтара күлэр.
- Киэҥ-холку майгы – уһун үйэ бэлиэтэ. Сүүрэ-хаама сылдьар ыарыыга бэриммэт.
- Тыыннаах киһи кыһалҕалаах буоларын сиэринэн, дьарыктаах – кырдьарга бэриммэт, кэмин иннинэ түөһэйбэт.
- Ыччаттардаах киһи олоххо тирэхтээх.
Эбээ Дьэбдьиэ атаарарыгар алгыы хаалбыта:
Сайын кэмигэр түбэһиннэрэн,
Сүүстээх эбээни өйдөөрүҥ,
Күөхтүүр оттон күүс ылан,
Өлбөт уһун үйэлэниҥ,
Айыыһыккыт аргыстастын,
Иэйиэхсиккит эҥээрдэстин!
Оставить комментарий