“Тумаҥҥа симэлийбиттэр” – саха историятын трилогията

Сахалыы кинигэни сэргиир, саха тылынан, омукпут историятынан умсугуйар ааҕааччылар Иван Андросов-Айанньыт “Тумаҥҥа симэлийбиттэр” кинигэтин бастакы олуга тахсыаҕыттан олус сөбүлээн туран аахпыттара, салҕыыта тахсарын тэһийбэккэ кэтэһэр буолбуттара.

Кэбээйи Мукучутуттан төрүттээх Иван Андросовы мин син балайда кэм устата билэбин. Кини оҕо аймах сөбүлүүр “Кэскил” хаһыатыгар үлэлиирэ, онно араас темаларга суруйарын таһынан, спорду сырдатара. Мин биир дойдулааҕым, доҕорум Александр Васильев-Көрдүгэнниин уонна ылбаҕай ырыалардаах Эдьигээн ыччата Василий Ивановтуун биир хоско олорон үлэлииллэрэ. Онон мэлдьи киирэ сылдьар, спортивнай күрэхтэһиилэргэ көрсөр, улахан спортивнай тэрээһиннэргэ – “Азия оҕолоро”, Манчаары уонна Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар бииргэ үлэлиирбит.

Онтон Уйбааммыт талааннаах, хомоҕой тыллаах суруйааччы быһыытынан биллэн барбыта. Кини кэпсээннэрэ “Кыым”, “Саха сирэ”, “Туймаада”, “Аар тайҕа” хаһыаттарга, “Хатан”, “Чолбон”, “Байанай” сурунаалларга тахсар буолбуттара. Салҕыы бэйэлэрэ булка бииргэ сылдьар доҕотторун мүччүргэннээх сырыыларын, Байанайдаах бултааһыннарын тустарынан көрдөөх кэпсээннэрин түмэн, 2013 с.  “Куорат булчуттара”, 2014 с. “Бэтэрээнискэй” кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсыбыттара.

Иван Афанасьевич Россия журналистарын, Саха сирин суруйааччыларын уонна Суруйааччылар аан дойдутааҕы холбоһуктарын союзтарын чилиэнэ,  СР үөрэҕириитин уонна бэчээтин туйгуна, Саха сирин спордун ветерана, араас кэмнэргэ ыытыллыбыт литературнай конкурстар кыайыылаахтара.

Түөрт сыллааҕыта, 2018 сылга, кини бастакы “Тумаҥҥа симэлийбиттэр” диэн романын бастакы кинигэтэ тахсыбыта, тутатына  ааҕааччылар киэҥ болҕомтолорун ылбыта. Онтон 2020 сылга бу кинигэтин иккис олуга күн сирин көрбүтэ. Бу романыгар Иван Андросов-Айанньыт Сахабыт сирин былыргытын суруйар. Ол кэмнээҕи олоҕу-дьаһаҕы, биһиги киэҥ нэлэмэн дойдубутугар аар тайҕанан бытанан олорор араас биис уустарын, саха аҕатын уустарын улахан уустуктардаах бэйэ бэйэлэригэр сыһыаннарын, норуот кэскилин түстээһини итэҕэтиилээхтик суруйар. Биир кэмнээҕи историяны кэпсииринэн, суруйуутун киэҥ далааһынынан, бэртээхэй тылынан-өһүнэн мин Уйбаан романын Далан үйэлээх суруйууларыгар чугаһата көрөбүн. Салҕыы тылы суруйааччыга бэйэтигэр биэриэххэ:

— Бу ромаммын 2015 сыллаахтан саҕалаабытым. Бастаан убайым, оччолорго Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Павлович Николаев  көҕүлээһининэн, Туоҕа Боотур Туймаада хочотуттан барыытын туһунан »Кыйаар дойдутугар» диэн ааттаах драма суруйан холоммутум. Драма хайдах сурулларын билбэт буолан, бастаан лаппа ыарырҕаппытым да, син этэҥҥэ түмүктээбитим. Онтон уус-ураннык суруйуу табыллыыһы диэн, роман суруйарга санаммытым. Драманы суруйарбар элбэх үһүйээннэри, кэпсээннэри уонна дойдум историятын билбэхтэһэр буолан, син тахсан барбыта. Төрүччүнү үөрэтэр биир дойдулааҕым, математическай наука кандидата, суруйааччы Марк Петрович Григорьев архыыптары хасыһан булбут докумуоннара улаханнык туһалаабыта, кини бэйэтэ миэхэ үтүө сүбэһит буолбута.

Ромаммар Туоҕа Боотурдаах Тыгын тойонтон барыылара, саҥа сиргэ олохсуйуулара сабаҕалааһын быһыытынан уус-ураннык кэпсэнэр. Драманы суруйан бэлэмнээх буоламмын, маннык буолуохтаах диэн эрдэттэн былааннаабытым. Суруйан истэҕим аайы, бэйэтэ-бэйэтиттэн ситимнэһэн үөрпүтэ. Сорох ардыгар ити кэми олус чугастык ылыммытым.

«Кэскил” хаһыакка үлэлиир эрдэхпинэ, олус элбэхтик командировкаларга сылдьарым. Онно оскуола музейдарыттан саҕалаан, нэһилиэк, улуус музейдарын көрөрүм. Былыргы туттар маллары, кыргыс кэмин сэбин-сэбиргэлин, таҥастарын көрөрүм, чинчийэрим. Кэлин ити кэмнээҕи археологическай хаһыылары интэриэһиргээн, ол туһунан суруллубут матырыйааллары булан ааҕабын, үөрэтэбин.

Айар үлэнэн дьарыктанаары, үлэбиттэн уурайбытым.

Драманы суруйуохпуттан доҕорум, убайым тэҥэ саныыр киһим Александр Васильев-Көрдүгэн көрөн-истэн, эрэдээктэрдээн түмүктэспитигэр махталым муҥура суох. “Айар” кинигэ кыһата өйөөбүтүттэн олус үөрэбин, махтанабын.

Романым түмүгүн туомтуу тардыынан түмүктээбитим. Туомтуу баайыы кистэлэҥэ диэххэ дуу, биир өттүттэн тартахха ыйылыннары барар, иккис өттүттэн тартахха сөллөн кэлэр. Нууччалар кэлиилэригэр ыкса чугаһаттым. Итинтэн салгыыр ыарахан буолуо. Кинигэбэр суруллубут сорох дьоруойдар  туһунан историялаах, үһүйээннэргэ, норуот номохторугар элбэхтик кэпсэммит дьон. Баҕар кинилэр тустарынан суруйуом диэн, матырыйаал мунньунабын. Көстөн иһиэ”.

Доҕорбор Айанньыкка өссө даҕаны айар аартыктарыҥ арыллан, саҥаттан саҥа айымньыларга сирдээн истиннэр, Сахаҥ сирин былыргытын, аныгытын уонна кэскилин түстүүр үлэлэриҥ айыллан-суруллан таҕыстыннар диэн алгыспын тиэрдэбин.

Владислав КОРОТОВ суруйда,
Надежда Коротова хаартыскаҕа түһэрдэ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)