Күндү учууталбыт 90 сааһыгар

Сегодня 90 лет исполнилось Никифору Дмитриевичу Терехову-Эмээки, нашему любимому учителю, классному руководителю, под началом которого мы в далеком 1969 году окончили Сунтарскую среднюю школу №1 имени А.П.Павлова, человеку непоседливому, с активной жизненной позицией, педагогу и краеведу, автору около десятка книг по истории родного Кобяйского улуса, охотнику и рыболову, пропагандисту здорового образа жизни. Поздравляем и благодарим нашего старшего товарища, указавшего нам жизненные ориентиры, желаем здравствовать до 100 лет, не болеть, жить в бодрости и любви в окружении своих любимых детей, внуков и правнуков, дождаться и понянчить своего потомка в четвертом поколении! Наш класс после 7 класса хотели расформировать, но в восьмом нас принял Никифор Дмитриевич и за три года сделал лучший в школе и районе классный коллектив.Благодаря Вам и Вашим коллегам из 27 выпускников нашего класса вышли отличные семьянины, труженики и просто хорошие люди. В их числе 6 педагогов (из них 2 были руководителями образовательных учреждений), 2 известных в республике журналиста, прокурор, судья, подполковник милиции, известная не только в Якутии, но и по всей России организатор торговли и меценат, первый в Якутии врач-гипнотерапевт, заслуженный геолог России, глава наслега, усердные труженики и великолепные специалисты здравоохранения, печати, библиотеки, дошкольного образования, связи, сельского хозяйства, парень из нашего класса также стал учеником великого Коркина и призером Олимпиады.

Учууталбыт олоҕун сиһилии билэбит

Үрдүк категориялаах иитээччи, норуот маастара Антонина Антоновна, муниципальнай сулууспа ветерана Владимир Саввич Гавриловтар, үлэ ветераннара, Сунтаар улууһа, Маар Күөл б.

Ытыктыыр учууталбытыгар Никифор Дмитриевичкэ үбүлүөйдээх 90 сааскын туолбут үөрүүлээх күннүнэн Сунтаар улууһун Маар Күө нэһилиэгиттэн истиҥ эҕэрдэбитин ыытабыт!

Биһиги, Владимир уонна Антонина Гавриловтар, Эн салайбыт кылааскар 9-10 эрэ кылаастарга үөрэммит буолан, киэҥник өйдүүрбүт аҕыйах да буоллар, кыһаллыгас, сөбүгэр ирдэбиллээх майгыгын, истиҥ сылаас мичээргин ахта саныыбыт.

Үбүлүөйдээх көрсүһүүлэртэн сонуннары уонна эйигинниин кэпсэтиилэрин аныгы үйэ сайдыытын көмҕтүнэн куйаар ситиминэн старостабыт Ульяна Софронова уонна Владислав Коротов тиэрдэ тураллар. Кыһаллыгас, төрүкү дьоҥҥо үтүөну эрэ оҥорор санааҕынан салайтаран, дьоһун бэлэхтэргин – кыраҕы хараххынан, сүрэххэр чугастык ылынан түһэртээбит хаартыскалардаах, киһи эрэ кэрэхсиир альбомнаргын, тибетскэй массаж ньыматынан сүбэлэргин, олоҕуҥ аргыһа М.Н.Терехова туһунан кинигэҕин көрөн- ааҕан, Учууталбыт олоҕун сиһилии билэбит.

Олох муудараһын иҥэриммит мындыр көрүүлээх, араас хайысхаҕа активнай позициялаах общественник, киэҥ билиилэргин, аныгы олох сүүрээннригэр бэйэҥ сыһыаҥҥын тарҕатааччы, иҥэрээччи буоларгынан киэн туттабыт, олорбут олоҕуҥ биир туспа номох курдук!

Никифор Дмитриевич, олоххо дьулуһууҥ барҕара турдун, чэгиэн-чэбдик сырыт, кэнчээри ыччаттарыҥ эн үтүө үгэстэргин утумнуу турдуннар!

Учууталым олук ууран талан ылбыт идэбинэн кырачааннары билиигэ сирдээн, такайан, 49-с сылбын оскуолаҕа үлэлээн тиийэн кэллим

Елизавета Петровна ДАНИЛОВА, СР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталара.

Күндүтүк саныыр, ытыктыыр, убаастыыр Учууталбытын, кылааспыт салайааччытын Никифор Дмитриевиһы өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Талан ылбыт идэҕигэр, математика курдук ыарахан предмеккэ ыччаты үөрэтэн, чиҥ билиини биэрэн, үөрэх сайдыытыгар бэриниилээхтик үлэлээн, үгүс кылааккын киллэрэн, дойдуҥ дьоно-сэргэтэ уйгу-быйаҥ олохтоох, үөрэхтээх, билиилээх, сайдыылаах буолалларыгар сыраҕын-сылбаҕын биэрэн, күн бүгүнүгэр диэри эрчимҥин ыһыктыбакка олох үөһүгэр сылдьаргынан, сайдыыны кытта тэҥҥэ барсан иһэргинэн киэн туттабыт.

Биһиги Эйигин, улахан эйэлээх дьиэ кэргэн ытыктыыр, таптыыр Аҕа баһылыгын, эйэҕэс Эһээтин дириҥ билиилээх “сир түннүгэ” киһинэн, киэҥ көҕүстээх аҕа табаарыс, сүбэһит быһыытынан билинэбит, сыаналыыбыт, убаастыыбыт.

Тыйыс усулуобуйалаах хоту дойдугар үлэлээн-хамсаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа үөрэ-көтө олороргунан, төрөөбүт оройуонуҥ сайдыытыгар туох баар сыраҕын-сылбаҕын, күүскүн-уоххун, баай уопуккун биэрэн туран дьон махталын ылыаххын ылан кэллиҥ!

Күндү Никифор Дмитрьевич, кырдьар диэни билиммэккэ, тулалыыр дьонуҥ, аймахтарыҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ортолоругар, сайаҕас сыһыаннарыгар угуттанан, үөрэ-көтө үтүө сыһыаҥҥынан сыдьаайа сылдьаргар, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин анаатаҕа буолуум, дьоллоох-соргулаах уһун олоҕу, кытаанах доруобуйаныбаҕардаҕым буоллун!

Ытык киһибит, инники олохпутугар сүрүн, төһүү хаачыстыбалары сахпыт улахан буукубаттан суруллар УЧУУТАЛБЫТ буоларгынан киэн туттабын, мэлдьи сылаастык-сымнаҕастык ахтабын.

УЧУУТАЛЫМ, олук ууран талан ылбыт идэбинэн кырачааннары билиигэ сирдээн, такайан, 49-с сылбын оскуолаҕа үлэлээн тиийэн кэллим. Ол тухары ситиһиилэрим: РФ президенин Гранын хаһаайкатабын, “Саха-Азия” норуоттар икки ардыларынааҕы фонда стипендиатабын, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэбин, СР үөрэҕириитин туйгунабын, СР “Учууталларын учууталабын”, “Сунтаар нэһилиэгин сайдыытыгар кылаат иһин”, “Сунтаар улууһун сценатын ветерана” бочуоттаах бэлиэлэрдээхпин, РФ үөрэҕин уонна наукатын Министерствотын Бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаламмытым, “Начальнай үөрэхтээһин лидер учуутала” номинацияҕа улуус баһылыгын Гранын ылбытым, Сунтаар улууһун Пелагогическай албан аатын кинигэтигэр киллэриллибитим. Мин ситиһиилэрим – Учууталым ситиһиилэрэ!

Өссө төгүл махталы, эҕэрдэни кытта эн үөрэнээччиҥ Лиза Данилова.

«Ээ, чэ, тугун кыһыытай!»

Галина Егоровна ФИЛИППОВА (ЕВСЕЕВА), Билинии бэлиэтэ, Гражданскай килбиэн бэлиэлэр хаһаайыннара.

Сааһыран истэҕин аайы киһи кырдьыан отой баҕарбат буолар эбит. Уонна бэйэҕиттэн аҕа саастаах билэр дьоҥҥун улам күндүргэтэн, чугас урууҥ курдук истиҥник, уйаҕастык ахтан-санаан кэлэр эбиккин. Хайдах эрэ кинилэри эн кэннигэр турар халыҥ истиэнэ, суон дурда-хахха курдук ылынаҕын.

Биһиги кылаас оҕолоро дьоллоох эбиппит. Оскуоланы бүтэрбиппит үйэ аҥаарыттан тахсыар дылы убаастыыр учууталларбытыттан сорохторо да буоллар биһиги ортобутугар кэм да үөрэтэ-такайа, киэҥ дэлэгэй билиилэриттэн үллэстэ, үөрэ-көтө үүнэр күнү уруйдуу-айхаллыы сылдьаллара олус кэрэ. Көрүстэххинэ оҕо курдук сананан ылаҕын, дуоспуруннаах, алгыстаах тылларын дуоһуйа ылынаҕын.

Кылааспыт салайаччыта Никифор Дмитриевич биһиэхэ барыбытыгар олус чугас, күндү. Дойдутугар ыраах Кэбээйигэ да олордор да, кини сонунун, дьон-норуот олоҕун ырытар-ырыҥалыыр ыллыктаах толкуйдарын өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын нөҥүө истэ-билэ олордубут. Муударай, олоххо аһара активнай позициялаах, киэҥ интэриэстээх, саха норуотун, кэнчээри ыччатын сарсыҥҥытын туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар ытык-мааны кырдьаҕаспыт буолар. Кинини киэҥ Саха сирин дьоно, толкуйдуур-ааҕар араҥата барыта билэр буолуохтаах. Биһиги, үөрэппит оҕолоро, онтон аһара астынабыт, киэн туттабыт.

Мин дьылҕам ыйбыт суолунан журналистика умсулҕаннаах эйгэтигэр үлэлээн кэллим. “Социалистическая Якутия”, “Якутия” хаһыаттарга сүрүннүүр специалииһинэн үлэлээбит кэмнэрбин миэхэ дьылҕам үтүө бэлэҕин курдук саныыбын. Сахам сирин бары муннуктарын кэрийдим, өрөспүүбүлүкэм олоҕун ытыс үөһээ тутан олорор курдук үөрэттим. Реформа дьалхааннаах сылларыгар “Сунтаар сонуннара”, “Сэһэн Тоҕой” хаһыаттарга редактордаабытым. Уларыйыы кэмигэр хайдах-туох балаһыанньа, быһыы-майгы бүрүүкээбитин чугастан кэтээн көрөр аналга тиксибитим. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр суобаһым этэринэн дьоммор-сэргэбэр кырдьыктаах тылы тиэрдэ сатаабыт “буруйдаахпын”.

Ол кэмнэртэн Саха сирин историятын, чопчулаан эттэххэ, Бүлүү сүнньүгэр киин буоластар аҕа уустара кэлэн тарҕаныыларын үөрэтэбин. Бу олус умсугутуулаах дьарыкпынан урут биллибэтэҕи, саҥаны элбэҕи арыйдым, биллим дии саныыбын. Ол булууларбын чөкөтөн, сааһылаан суруйар сорук турар. Бу сүүрбэттэн тахса сылы быһа үөрэтэн-чинчийэн баран, тоҕо тугу да суруйбаккын диэн сөҕөөччү даҕаны, кэлэйээччи даҕаны баар. Ол манныктан. Мин барыта сиппит, сыалай хартыынаны тилиннэрэн көрдөрүөхпһн баҕарабын. Онтубар элбэх пазл тиийбэт курдук, итэҕэһэ-быһаҕаһа оҥойон турар буоллаҕа. Ону толорорго архивтарга уһуннук, унньуктаахтык, хас да сылы сыллаан матырыйаал көрдүөххэ наада. Ол кыаллыбат. Биллэн турар, сорохтор биир-икки да докумуону буллахтарына, онтон кинигэ оҥорон таһаараллар. Ол эмиэ үчүгэйдээх, кэнники чинчийэччилэр онтон эмиэ тирэх ылаллар, уонна салгыы үөрэтэллэр. Онтон мин санаам быһаҕас буоллаҕына суруйарга илиим-атаҕым тахсыбат. Чэ, билиҥҥи сүрүн дьарыгым туһунан учууталбар кылгастык инник отчуоттуубун.

Оскуоланы бүтэрбиппит 45 сылыгар Никифор Дмитриевич Сунтаарга кэлэн барбыта. Онно арахсарга: “50 сылбытыгар эмиэ кэлээриий”, – диэбитим. Киһим ах баран тохтуу түспүтэ, өйүгэр ойуулаан көрдө быһыылаах, сааһырбыт киһи оччолорго хайдах-туох туруктаах буолуохтааҕын эҥин. Уонна кэҕис гынаат: “Ээ, чэ, тугун кыһыытай, кэлиллиэ!” – диэбитэ, күлэ-күлэ. Ол курдук, 50 сылбытыгар бары куоракка көрсөн, үс күн тэбинэн туран күүлэйдээбиппит, ирэ-хоро кэпсэппиппит, үөрбүппүт-көппүппүт. Ленин болуоссатыгар Никифор Дмитриевичпит барахсан чэпчэки-чэпчэкитик сэгэлдьийэ хааман кэлбитэ көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ! Учууталбыт онно хас биирдиибитигэр альбом бэчээттэтэн кэлбитин бэлэхтээбитэ. Үйэни уһатарга, чэгиэн-чэбдик буоларга бэйэни бэйэ массажтаныытын туһунан. Бүтүн наука. Ол үөрэҕэ биһиэхэ бүгүн аһара туһалыыар эбит, ону бэйэбинэн биллим. Көр, оннук кыһалла-мүһэллэ сылдьар, биһиги туспутугар учууталбыт. Хайа, уонна хас биирдиибитигэр анаан-минээн эһээ, эбээ киһи хайдах туттунуохтааҕын, сиэннэргэ туох холобур биэриэхтээҕин туһунан истиҥ санаатын үллэстибитэ сүрэххэр, өйгөр-санааҕар сөҥөн хаалар эбит.

Күндү учууталбын олоҕун бүгүҥҥү биир бэлиэ кэрдиис кэминэн эҕэрдэлээн туран, сүрэҕим сылааһын, дууһам иэйиитин, баҕа санаам бастыҥын тиэрдэбин. Ээ, чэ, тугун кыһыытай, хас биэс сыл аайы биһиэхэ кэлэ тур диэн баҕа санаабын этэбин.

Сүүс сааска диэри сүүрэ сырыттаргын диэн баҕа санаалаахпын

Үөрэнээччиҥ Розалия Ипатьевна ЕРАСКУМОВА, сибээс бэтэрээнэ.

Күндүтүк саныыр, убаастыыр учууталбыт Никифор Дмитриевич, күн сирин көрбүт күҥҥүнэн, юбилейгынан итиитик-истиҥник үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибин! Доруобай сырыт, ыалдьыма, сүүс сааска диэри сүүрэ сырыттаргын диэн баҕа санаалаахпын. Аҕыс айыыһыттарыҥ аргыстастыннар, сэттэ иэйиэхситтэриҥ эҥэрдэстиннэр Домм. 

Оскуола кэнниттэн бииргэ үөрэммит оҕолорунаан биир сыл фермаҕа үлэлээбиппит. Онтон эһиилигэр үөрэххэ кыайан киирбэккэ кэлэн, почтаҕа почтальонунан үлэлии киирбитим уонна онтон ыла мин үлэм ыстааһа саҕаламмыта. Онтон телефонистка үлэтигэр миэстэ тахсыбытыгар онно көспүтүм. Манна үлэлии сырыттахпына телеграф биригэдьиирэ «Телеграфка үлэлиэххин баҕарбаккын дуо?», – диэн аны үөрэнэн баран, онно үлэһит буоллум. 1979 сылтан биэнсийэҕэ барыахпар диэри үлэлээтим.

Онон биир тэрилтэҕэ – сибээскэ – барыта 33 сыл үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсан олоробун, үлэ бэтэрээнэбин. Сибээс хайдах сайдарын, олох сайдыытын көрөн, үлэлээн кэлбит дьоллоохпун диэххэ сөп.

Эйигин киэҥ билиилээх учуутал быһыытынан киэн туттабын

1969 сыллаахха 10Б” кылааһы бүтэрбит Наталья Евлампьевна ИВАНОВА, французскай тыл учуутала, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ветеран педагог.

Ытыктыыр учууталбыт Никифор Дмитриевич, 90 сааскын туолар юбилейдаах күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Өрүү үөрүү үмүөрүстүн, ситиһии сиэттистин. Дьол, сирдээҕи үөрүү, чэгиэн турук эҥэрдэстин! Айыы Таҥара үчүгэй доруобуйаны биэрдин. Үрүҥ айыылар харыстааннар, арчылаатыннар!

Никифор Дмитриевич, сиэннэриҥ ортолоругар амарах Эһээ буоларгын сөҕөбүн, киэн туттабын! Өссө да оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларыгар сууланан уһуннук олороргор, ыллыктаах тылгынан-өскүнэн сүбэлээн-амалаан күүс-көмө буола сылдьаргар баҕа санаабын этэбин.

Эйигин киэҥ билиилээх учуутал быһыытынан киэн туттабын.

Ытыктыыр учууталбыт, Никифор Дмитриевич, үгүс билиигэ сирдээбит, самостоятельнай олох киэҥ аартык суолугар биһигини көччөх гынан көтүппүккэр барҕа махтал!

Элбэх сыл-хонук да аастар, кэрэҕэ, үтүөҕэ, сырдыкка уһуйбут, билиини-көрүүнү иҥэрбит күндү Учууталларбын умнубаппын, сүгүрүйэн туран махтанабын

Елизавета Афанасьевна ЭВЕРСТОВА-КИРИЛЛИНА, СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, профсоюз активиһа.

Убаастыыр, ытыктыыр Учууталбыт Никифор Дмитриевич, үбүлүөйдээх олоххор бэлиэ күҥҥүнэн – 90 сааскынан истиҥник эҕэрдэлиибин!

Туйгун доруобуйаны, чэгиэн туругу, нус-хас уһун дьоллоох олоҕу ис сүрэхтэн баҕарабын! Сырдык ыра санааларыҥ туоллуннар, үөрүү-көтүү аргыстаах 100 сааскар диэри сүүрэ сырыт!

Никифор Дмитриевич, Эйигин дириҥ киэҥ билиилээх, мындыр өйдөөх, идэтин толору баһылаабыт, үрдүк ис культуралаах Учуутал, холку-сэмэй майгылаах, сайаҕас санаалаах, амарах Кэргэн, Аҕа, Эһээ, активнай общественник быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. Эн биһиэхэ өрүү үтүө холобур буолаҕын.

Мин күн бүгүн үлэ ветеранын быһыытынан сынньалаҥҥа олоробун. 1975 сыллаахха Саха государственнай университетын омук тылын факультетын французскай тыл отделениетын бүтэрбитим. Кэлин 20 сыл Саха Республикатын Медицинскэй киинин идэлээх союзтарын комитетыгар үлэлээбитим. Сэмэй үлэм түмүгүн Саха сирин доруобуйатын харыстабылын туйгуна бочуоттаах бэлиэ туоһулуур.

 Кэргэним Илья Гаврильевич Эверстов идэтинэн – инженер-теплотехник. Биһиги дьиэ кэргэн биир уол оҕолоохпут – Максим Ильич, кэргэнэ Олеся Александровна, Волгоград куораттан төрүттээх. Иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр, талан ылбыт идэлэринэн үлэлииллэр. Билигин Москва куоракка олохсуйан олороллор.

Элбэх сыл-хонук да аастар, кэрэҕэ, үтүөҕэ, сырдыкка уһуйбут, билиини-көрүүнү иҥэрбит күндү Учууталларбын умнубаппын, сүгүрүйэн туран махтанабын!

Билиҥҥэ диэри эдэрдии эрчимҥин ыһыктыбакка, олох сонун хаамыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан, аныгы тэриллэри барытын айар үлэҕэр, күннээҕи олоххор туһанаргын хайҕыы, сороҕор ымсыыра көрөбүт

Владислав Петрович КОРОТОВ, олоҕун 27 сылын тулаайах оҕолору иитиигэ анаабыт педагог, СР бэчээтин, физкультураҕа уонна спорка туйгуна, Россия спордун министерствотын Николай Озеров аатынан мэтээллээх, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ, кинигэ таһаарааччы, общественник.

Күндү Учууталбыт Никифор Дмитриевич! Биһиги, Сунтаар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Эйигин кытта оруобуна 55 сыл анараа өттүгэр билсибиппит. Оскуолаҕа үчүгэй үөрэхпитинэн, ону тэҥэ сытыыбытынан-хотуубутунан, сороҕор учууталларбытын кытта тэҥҥэ аахсарбытынан, этэргэ дылы, тылга тииһэрбитинэн балайда биллэр кылаас оҕолорун Эн ылаҥҥын, үс сыл иһигэр бэрт иллээх, доҕордуу сыһыаннаах, оскуола, оройуон общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттар ыччаттары иитэн таһаарбытыҥ.

Эн ол саҕанааҕы уруогу кытаанах бэрээдэги, чиҥ билиини ирдиир, сороҕор оҕолорго тыйыс сыһыаннаах учууталлартан олох атын этиҥ, биһигини кытта тэҥнээхтэриҥ курдук кэпсэтэр, хайа да уустук балаһыанньаҕа аҕалыы истиҥник быһааран, биһигини куруук көмүскэһэн, көҥүл майгыбытын туруулаһан кэлбитиҥ. Эн уонна атын үөрэнээччилэргэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһан, киһилии сиэрдээхтик үөрэппит учууталларбытын утумнаан, биһиги кылааһы бүтэрбит 27 оҕоттон 6 педагог (ол иһигэр 2 киһи үөрэх тэрилтэтин салайбыттара), республикаҕа биллэр 2 журналист, прокурор, судьуйа, милиция подполковнига, Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүттүүн Россияҕа биллэр эргиэн тэрийээччитэ, меценат, Саха сиригэр бастакы биллибит гипнотерапевт-быраас, Россия үтүөлээх геолога, өр кэмнэргэ нэһилиэк салайааччыта, улуус хаһыатын, библиотека, оҕо саадын, сибээс, тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһиттэрэ тахсыбыттара, кылгас да кэмҥэ бииргэ үөрэммит уолбут Олимпиада призера буолбута.

Оскуоланы бүтэрбит үөрүүлээх биэчэрбит сарсыныгар Эн көҕүлээҥҥин, түөрт уолу илдьэ Дьүүктэкээн үрэҕэр балыктыы барбыппытын билиҥҥэ диэри астына саныыбын. Эн кылааспытын салайар кэмҥэр бары бииргэ субуотунньуктарга үлэлээн, айылҕаҕа дуоһуйа сынньанан кэлбиппит. Ол үгэспитин бу үйэ аҥаарын устата умнубакка илдьэ кэллибит. Биэстии сыл буола-буола,төрөөбүт Сунтаарбытыгар көрсөн, оҕо сааспытын, үөрэммит сылларбытын ахтан-санаан ааһарбыт. 40, 45, 50 сылбытыгар Эн ыраах олороргун, сааһыҥ элбээбитин аахсыбакка, биһигини кытта тэҥҥэ сылдьан, үөрэ-көтө бэлиэтээбиппит. Кылааспыт туһунан Эн көмөҕүнэн, дьоһуннаах кыттыыгынан үс кинигэни таһаардыбыт.

Бу кэнники сыллар усталарыгар Эйигин кытта сибээспитин быспатахпыт, мэлдьи билсэ, кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Эн дойдугар үлэ бөҕөнү үлэлииргин, улууһуҥ историятын үйэтитиигэ үгүс сыраны ирдиир, кэскиллээх үлэнэн дьарыктанаргын, төрөөбүт-үөскээбит Кэбээйиҥ туһунан бэлиэр уонча кинигэни таһаарбыккын киэн тутта истэбит. “Саха сирэ”, “Кыым”, “Туймаада” хаһыаттарга олох араас хайысхаларыгар сытыы ис хоһоонноох, киэҥ анаарыылаах, үгүс сүбэлэрдээх ыстатыйаларыҥ тиһигин быспакка тахсалларын сэҥээрэн ааҕабыт, Эн тулхадыйбат санааҕын аһаҕастык, кимиилээхтик этэргин өрүү өйүүбүт.

Билиҥҥэ диэри эдэрдии эрчимҥин ыһыктыбакка, олох сонун хаамыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан, аныгы тэриллэри барытын айар үлэҕэр, күннээҕи олоххор туһанаргын хайҕыы, сороҕор ымсыыра көрөбүт. Биһиэхэ, үөрэппит оҕолоргор, модун санаа, чэгиэн-чэбдик олох холобурун көрдөрөргүн батыһабыт, билигин да Эйигиттэн үөрэнэбит.

Ытыктыыр Учууталбыт, киэн туттар Улуу Убайбыт, 90 сааскын чөл туруктаах, бу кырыыстаах хамсык кэмигэр санааҕын түһэрбэккэ үлэлии-хамсыы, айылҕаны кытта алтыһа, бултуу-балыктыы сылдьаргыттан үөрэбин, истиҥник эҕэрдэлиибин, оҕолорбут бары баҕа санааларыгар эппиттэригэр кыттыһан, 100 сааскын бука бары бииргэ көрсүөхпүт диэн эрэлбин биллэрэбин!

Үс сыллааҕыта түмсэн, истиҥник көрсүһэн ааспыппытын үйэтитэн, кэрэ бэлэх ууммуккар истиҥник махтанабын

Анатолий Петрович ОБОЛКИН, Саха сирин үтүөлээх геолога, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Нефть уонна газ проблемаларын институтун үлэһитэ.

Күндү Никифор Дмитриевич, Ытык мааны сааскынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Учуутал, журналист быһыытынан олох дьиҥин, сайдыытын, кэскиллээҕин кэпсиир кэрэ миссиялаах 100 сааскар дылы айа, суруйа-бичийэ, кэпсии-сырдата сылдьаргар баҕарабын!

Үс сыллааҕыта түмсэн, истиҥник көрсүһэн ааспыппытын үйэтитэн, кэрэ бэлэх ууммуккар истиҥник махтанабын.

Этэҥҥэ буол, чугас дьонуҥ ортолоругар сылаас сымнаҕас олоҕу!

Эн билигин да олоххо көхтөөх, бигэ позицияҕынан, мындыр өйгүнэн, билиигинэн-көрүүгүнэн биһиэхэ үтүө холобур буолаҕын

Раиса Ивановна ПАВЛОВА-ПЕТРОВА, СР культуратын туйгуна, культура ветерана, Сунтаар улууһун киин библиотекатын сүрүннүүр библиограба.

Ытыктыыр Учууталбытын Никифор Дмитриевиһи олоҕуҥ биир дьоһуннаах кэрдииһигэр үктэммиккинэн – Ытык 90 сааскын туолбуккунан ис сүрэхпиттэн итиитик эҕэрдэлиибин!

Истиҥник саныыр учууталбыт Никифор Дмитриевич, Эн билигин да олоххо көхтөөх, бигэ позицияҕынан, мындыр өйгүнэн, билиигинэн-көрүүгүнэн биһиэхэ үтүө холобур буолаҕын.  Бэчээккэ тахсар ыстатыйаларгын сэргээн ааҕабыт. Учуутал үрдүк аатын билигин да үрдүктүк тутан,  кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ анаан суруйбут “Кэбээйилэр бүттүүн – ыччаты иитиигэ” диэн, о.д.а. кинигэлэргиттэн көрөбүт. Биһиги, үөрэппит оҕолоруҥ, онтон олус үөрэбит, киэн туттабыт, сүгүрүйэбит!

Никифор Дмитриевич! Өссө да билиҥҥи тэтимҥин ыһыктыбакка, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларыгар угуттанан, чэгиэнник-чэбдиктик, айа-тута сылдьаргар баҕарабын. Үгүс үөрүүлээх күннэн, уһун уруйдаах олохтон, самныбат саргылан диэн алгыыбын!

Эн киэҥ-холку майгыгын, үтүө суобаскын, олоххо туспа көрүүлэргин, чиэһинэй быһыыгын холобур туттабыт

Владимир Николаевич ПОПОВ, үлэ ветерана, РФ ИДьМ бочуоттаах ветерана, отставкаҕа олорор подполковник.

Убаастабыллаах Никифор Дмитриевич!

Эйигин 90 сааскын томточчу туолар үөрүүлээх күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Аҕа дойду улуу сэриитин ынырык, аччыктааһын алдьархайдаах сылларын этэҥҥэ туораан, бу кэмҥэ тиийдэҕиҥ, сэрии,тыыл ветерана буолаҕын.Талан ылбыт идэҕинэн уһуннук, тахсыылахтык үлэлээн, учууталлар учууталлара буолаҕын. Биһиги, Эн үөрэппит-ииппит 10 “б” кылааһыҥ оҕолоро, Эн киэҥ-холку майгыгын, үтүө суобаскын, олоххо туспа көрүүлэргин, чиэһинэй быһыыгын холобур туттабыт. Ыал быһыытынан Матрена Николаевналыын уһуннук дьоллоохтук олорбуккут. Оҕолоргутугар үтүө холобур буолан, үөрэхтээх,үлэһит дьон оҥортоотугут. Эн араас хайысхалаах обшественнай үлэнэн билигин да ситиһиилээхтик дьарыктанаҕын.

Эйиэхэ уостубат уйгуну, быстыбат быйаҥы, чэгиэн олоҕу баҕарабын.

Ситиһии сиэттистин, сүүс сааскар диэри сүүрэ сырыт!

Кырдьыыга кыайтарбакка, чэгиэн-бигэ туруктаах, олоххо активнай позицияҕын ыһыктыбакка, өссө да уһуннук олороргор

Ульяна Софроновна САВВИНОВА, үлэ бэтэрээнэ, отставкаҕа олорор иккис квалификационной кылаастаах судьуйа.

Күндүтүк, истиҥник саныыр учууталбытын Никифор Дмитриевиһы үбүлүөйдээх 90 сааскын туолбут кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин! Үөрэппит оҕолоруҥ республика араас муннуктарыгар үрдүк үөрэхтээх, киэҥ билиилээх үлэһит буолан, үлэлии-хамсыы сылдьаллара Эн түбүктээх, сыралаах үлэҥ түмүгэ буолар.

Кэрэ өйдөбүнньүк гынан альбом бэлэх оҥорбуккар ис сүрэхпиттэн махтанабын.

Баҕарыам этэ кырдьыыга кыайтарбакка, чэгиэн-бигэ туруктаах, олоххо активнай позицияҕын ыһыктыбакка, өссө да уһуннук олороргор баҕарабын, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ситиһиилэринэн үөрдэ-көтүтэ сырыттыннар!

Саҥаттан саҥаны билэн, баһылаан иһэргинэн маладьыаскын

Ульяна Егоровна СОФРОНОВА, 1969 с. Сунтаар орто оскуолатын 10 «б» кылааһын бүтэрбит СР бэчээтин туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Ытыктыыр Учууталбыт Никифор Дмитриевич 90 сааскын туолбут үөрүүлээх күҥҥүнэн ис сүрэхтэн тахсар истиҥ эҕэрдэбин ыытабын!

Билиҥҥи уларыйа турар олоххо инники күөҥҥэ сылдьаргыттан астынабын, киэн туттабын. Саҥаттан саҥаны билэн, баһылаан иһэргинэн маладьыаскын. Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ ортолоругар чэгиэн туруккун ыһыктабакка үөрэ көтө сырыт, 100 сааскын сүһүөҕүҥ үрдүгэр көрсөөр диэн баҕа санаам бастыҥын аныыбын.

Бэйэм туспунан кылгастык. Отуттан тахса сыл Сунтаарга оройуон хаһыатыгар корректордаабытым. Аҕыйах сыллаахха түөлбэм салайааччылара нэһилиэк бочуоттааҕар мэктиэлээн, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах гражданина үрдүк аакка тиксибитим. Онтон бу быйылгы Бэчээт күнүгэр СӨ Бэчээтин туйгуна оҥороннор соһуйан, астынан аҕай олоробун. Өр,сыллаах үлэм сыаналаммытыттан үөрэн бөҕө.

Кыыстаах уол оҕолоохпун. Кыыһым Нерюнгри куоракка роддомҥа неонатология сэбиэдиссэйэ. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Уолум куорат диэки баар, биир кыыстаах. Улахан сиэним 2021 сылга кыыстанан, хос эбээ буолан олоробун. Онон дьонтон итэҕэһэ суох олоҕу олордум дии саныыбын. Кылгас отчуот итинник.

Оскуоланы бүтэрбиппит 50 сыллаах юбилейбыт хаартыскатынан альбом оҥорон бэлэхтээбиккэр барҕа махтал буолуохтун. Дьэ үйэлээх бэлэх буолбут.

Эн энергияҥ, кутуҥ-сүрүҥ муҥура суоҕун сөҕө-махтайа, сэргии саныыбын

Нина Прокопьевна ГЕРАСИМОВА-ТРОФИМОВА, Татыйыына фирма генеральнай директора.

Ытыктыыр, истиҥник саныыр Учууталым Никифор Дмитриевич, ытык сааскын туолбуккунан итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун!

Билиҥҥэ диэри биһигини иилээн-саҕалаан илдьэттии сылдьаҕын. Ыраах диэбэккэ, Сунтаарга кэлэн көрсүһэҕин, альбом бөҕө оҥорон ыыталыыгын.

Эн энергияҥ, кутуҥ-сүрүҥ муҥура суоҕун сөҕө-махтайа, сэргии саныыбын. Таҥараттан киһи аайы мээнэ бэриллибэт ураты ис күүһүҥ, олоххо тардыһыыҥ, олоҕу сыаналыырыҥ миигин олус кэрэхсэтэр. Олоҕу сыаналыыр, олоҕу таптыыр дьону элбэх сылларынан, уһун үйэнэн күндүлүүбүн диир, Айбыппыт. Ол иһин да Эн тэтиэнэх, дьону-сэргэни кытта алтыһан, үлэлээн-хамнаан активнай, дьоллоох олоҕунан олороҕут.

Баҕарбыт баҕаҥ, санаабыт санааҥ барыта алгыстаах буоллун, туоллун. Чугас дьонуҥ бары доруобай, дьоллоох буоллуннар. Таҥара өрүү Эйигин араҥаччылыы сырыттын.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)