Дэгиттэр талааннаах Анатолий Афанасьев

“Сунтаар спорда” диэн 2006 с. Москваҕа Валерий Фомич Уаровтыын таһаарбыт кинигэбититтэн.

Анатолий Иванович Афанасьев – Россия уонна Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ. Бэйэтэ дэгиттэр талааннаах киһи – учуутал, тренер, ырыаһыт, музыкант. Элгээйигэ боксаҕа тренердээбитэ, кэлин Сунтаарга киирэн оҕолору кикбоксиҥҥа дьарыктаан, дьоһуннаах ситиһиилэргэ тиэрдибитэ. Кини үөрэппит кыргыттара Оксана Васильева, Мария Кривошапкина уонна Лидия Андреева саха дьахталларыттан бастакы Россия спордун үтүөлээх маастардара, кикбоксиҥҥа уонна дьахталлар боксаларыгар Россия, Европа уонна аан дойду элбэх төгүллээх чемпионнара (Оксана быйыл саас профессиональнай боксаҕа WIBF версияҕа аан дойду чемпионката буолла), норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар Александр Сидоров Россия чемпиона, Европа үрүҥ көмүс призера уонна аан дойду боруонса призера (2003). Билигин Анатолий Иванович иитиллээччилэрэ Сунтаарга спорт caҥа олимпийскай көрүҥүн – таэквондону баһылаан, номнуо республика уонна “Азия оҕолоро” оонньуулар таһымнарыгар балысхан үрдүк ситиһиилэргэ тиийдилэр.

Афанасьев Анатолий Иванович – вольная борьба, тренер по кикбоксингу.

Родился 20 марта 1949 г. в с.Эльгяй Сунтарского района Якутской АССР.

Кандидат в мастера спорта СССР по вольной борьбе (1971).

В юности успешно занимался вольной борьбой и борьбой хапсагай под руководством Н.М.Давыдова и П.Е.Алексеева. Серебряный призер первенства РСФСР среди юношей (1968, Нальчик). Победитель первенства ЦС ДСО «Спартак» (Куйбышев, 1973). Чемпион I Спартакиады на призы В.Манчаары по борьбе хапсагай среди юношей (1968).

Окончил музыкальное отделение Якутского педагогического училища № 1 (1971). В 1975-1976 гг. выступал в составе широко известного ВИА «Чороон».

С 70-х гг. начал на общественных началах тренировать детей по кикбоксингу, с начала 2000-х гг. – по тхэквондо.

Из числа его воспитанников вышли Оксана Васильева – заслуженный мастер спорта РФ, двукратная чемпионка мира по профессиональному женскому боксу; шестикратная чемпионка мира, двукратная чемпионка Европы и шестикратная чемпионка России по кикбоксингу;  Лидия Андреева – заслуженный мастер спорта по кикбоксингу, шестикратная чемпионка мира, чемпионка Европы и шестикратная чемпионка России по кикбоксингу, бронзовый призер мира и трехкратная чемпионка России; Мария Кривошапкина – мастер спорта международного класса, четырехкратная чемпионка мира, трехкратная чемпионка Европы и трехкратная чемпионка России по кикбоксингу, призер мира и трехкратная чемпионка России по женскому боксу; Александр Сидоров – мастер спорта международного класса, бронзовый призер мира, чемпион Европы и чемпион России по кикбоксингу и многие другие. Вместе со своим сподвижником Е.Е.Петровым воспитал победителей и призеров МСИ «Дети Азии» по таэквондо: 2000 г. – Ефимову Кюннэй (чемпион), Филиппова Кешу и Загоруля Сашу (III призеры), 2004 г. – Мырееву Татьяну и Васильеву Стеллу и др.

Пятеро собственных детей А.И.Афанасьева являются кандидатами в мастера спорта по кикбоксингу, неоднократными победителями и призерами республиканских и всероссийских соревнований по этому виду единоборств.

Заслуженный тренер России (2003) и Республики Саха (Якутия) (2006). Награжден почетными знаками «За заслуги в развитии физической культуры и спорта в РС(Я)» и «За заслуги в развитии бокса РС(Я)» (2007). Почетный работник физической культуры и спорта РС(Я) (2011). Почетный гражданин Эльгяйского наслега Сунтарского улуса.

Скончался после тяжелой болезни 6 сентября 2012 г.

Бэйэтин биэс оҕото спордунан утумнаахтык дьарыктаналлар. Кэргэнэ күн cириттэн суох буолан, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэтэ батыһыннара сылдьан спорка yhyйбута, үрдүк ситиһиилэргэ тиэрдибитэ. Улахан уола Дьулустаан кик-боксиҥҥа Бүтүн Россиятааҕы турнир кыайыылааҕа, эдэрдэргэ Россия призера, спорт маастарыгар кандидат. Ону таһынан, боксаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир призера, Латвия чемпиона, Дальнай Восток призера, республика хас да төгүллээх чемпиона уонна призера. Улахан кыыha Даша эмиэ кикбоксиҥҥа спорт маастарыгар кандидат, Азия чемпионката, Россия икки төгүллээх финалиһа, боксаҕа Россия дьахталларга чемпионатыгар төрдүс миэстэҕэ тахсыбыта. Кыра уола Ньургун эмиэ спорт маастарыгар кандидат, оскуола оҕолоругар Россия чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыттыылааҕа, Дальнай Восток призера, республикатааҕы турнирдар 7 төгүллээх кыайыылааҕа. Орто кыыс Мока республикатааҕы турнирдары биэстэ кыайбыта, норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа, 2002 с. республика уон бастыҥ спортсмен оҕолорун ахсааныгар киирбитэ. Кыра кыыha Паша (Пачита) республикатааҕы турнирдарга түөртэ бастаабыта.

Кикбоксинг сунтаардары аан дойдуга киэҥ сурахтаата

Кикбоксинг Сунтаар улууһугар 1992 с. Элгээйигэ спортивнай интернат базатыгар Анатолий Иванович Афанасьев көҕүлээһининэн, директор Н.С.Кириллин өйөөһүнүнэн үөдүйбүтэ.

Оройуоҥҥа кикбоксинг федерацията тэриллибитэ, салайааччынан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта А.Т.Назаров буолбута. Кылгас кэм иһигэр Анатолий Иванович иитиллээччилэрэ республика, онтон ону ааһан Россия, Европа уонна аан дойду таһымыгар тахсыбыттара, төрөөбүт Сунтаардарын, Саха сирин бүтүннүүтүн дорҕоонноохтук ааттаппыттара. А.Афанасьев бастакы хараҥаччылара – үс нарын-намчы Сунтаар кыргыттара уонна Кириэстээххэ төрөөбүт ньургун уол – билигин биһиги дьоммут-сэргэбит киэн тутта ааттыыр бастыҥ спортсменнарбыт. Сунтаар үс кэрэ куолара билигин Москваҕа олороллор, аан дойдуга сураҕырбыт үрдүк кылаастаах тренер Марк Мельцерга «КИТЭК» профессиональнай кулуупка 1997 сылтан дьарыктаналлар, ону тэҥинэн Москваттааҕы сервис университетыгар үөрэнэллэр.

Васильева Оксана Владимировна – аан дойду алта төгүллээх, Европа икки төгүллээх чемпиона, профессиональнай кикбоксиҥҥа сахалартан бастакы аан дойду чемпиона, caxа дьахталларыттан аан бастакы Россия спордун үтүөлээх маастара.

1997 с. – кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын фулл-контакка кыайыылаҕа.

1998 с. – кикбоксиҥҥа үөрэнээччилэр Бүтүн Россиятааҕы турнирдарын фулл-контакка кыайыылааҕа, Россия чемпионатын фулл-контакка иккис призера.

1999 с. – кикбоксиҥҥа ыччаттарга аан дойду чемпионатын фулл-контакка кыайыылааҕа, Россия чемпионатын фулл-контакка иккис призера, боксаҕа Россия чемпионатын кыайыылааҕа, «КИТЭК» ЛИГа чемпиона.

2000 с. – кикбоксиҥҥа ыччаттарга Россия уонна аан дойду чемпионаттарын, Россия чемпионатын фулл-контакка кыайыылааҕа, Европа чемпионатын фулл-контакка иккис призера, боксаҕа Россия уонна Европа чемпионаттарын кыайыылааҕа, «КИТЭК» лига чемпиона.

2001 с. – кикбоксиҥҥа Россия уонна аан дойду чемпионаттарын фулл-контакка кыайыылaaҕa, «КИТЭК» лига чемпиона.

2002 с. — кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын лайт-контакка, Европа чемпионатын фулл-контакка кыайыылааҕа, «КИТЭК» лига чемпиона.

2003 с. – кикбоксиҥҥа Россия уонна аан дойду чемпионаттарын кыайыылааҕа.

Андреева Лидия – аан дойду түөрт төгүллээх чемпиона, Россия спордун үтүөлээх маастара.

1998 с. — кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын лайт-контакка кыайыылааҕа. 1999, 2000, 2001 сс. — кикбоксиҥҥа Россия бастыыр иһин күрэхтэһиилэрин фулл-контакка кыайыылааҕа.

2000    с. – кикбоксиҥҥа аан дойду бастыыр иһин күрэхтэһиитин фулл-контакка кыайыылааҕа.

2001    с. — киксбоксиҥҥа аан дойду Кубогын фулл-контакка кыайыылааҕа, WKA версиянан аан дойду чемпионатын лайт-контакка кыайыылааҕа.

2002    с. — боксаҕа Россия Кубогын кыайыылааҕа, аан дойду чемпионатын үhүc призера,Россия чемпионатын кыайыылааҕа. Кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын фулл-контакка кыайыылааҕа.

2003    с. — боксаҕа уонна кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын кыайыылааҕа, чемпионат бастыҥ боксера; кикбоксиҥҥа аан дойду чемпионатын кыайыылааҕа.

2004 с. – кикбоксиҥҥа Россия уонна аан дойду чемпионката, Европа үhyc призера, боксаҕа Россия чемпионатын иккис призера, «КИТЭК» лига чемпиона.

2005 с. — боксаҕа Россия чемпионатын үhүc призера уонна кикбоксиҥҥа фулл-контакка кыайыылааҕа; лайт-контакка аан дойду чемпионатыгар — бастакы миэстэ, фулл-контакка — иккис миэстэ.

Кривошапкина Мария Афанасьевна – аан дойду түөрт төгүллээх чемпиона, дьахталларга бастакы боксаҕа уонна кикбоксиҥҥa Европа чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы  кылаастаах спорт маастара.

1998 с. – кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын семи-контакка кыайыылааҕа, фулл-контакка иккис призера.

1999 с. — боксаҕа Европа чемпионатын, кикбоксиҥҥа аан дойду первенствотын фулл-контакка кыайыылааҕа, аан дойду чемпионатын лайт-контакка иккис призера.

2000 с. — кикбоксиҥҥа Россия уонна аан дойду первенстволарын, WKA версиянан аан дойду чемпионатын фулл-контакка кыайыылааҕа, Европа чемпионатын фулл-контакка үhүc призера.

2001 с. – кикбоксиҥҥа аан дойду Кубогын фулл-контакка иккис призера, WKА версиянан аан дойду чемпионатын фулл-контакка, боксаҕа Россия Кубогын кыайыылааҕа, Россия чемпионатын үhүc призера.

2002 с. — боксаҕа Россия Кубогын үhүc призера, Россия чемпионатын кыайыылааҕа, кикбоксиҥҥа Россия чемпионатын иккис призера, «КИТЭК» лига чемпиона.

2003 с. — боксаҕа уонна кикбоксиҥҥа Россия чемпионаттарын иккис призера, Московскай уобалас чемпиона, “КИТЭК” лига чемпиона.

2004 с. – боксаҕа Россия чемпионатын үhүc призера, кикбоксиҥҥа Европа чемпионатын лоу-ликка кыайыылааҕа.

Сидоров Александр Владимирович – Россия спордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара. Төрөөбүт Кириэстээҕэр оскуоланы бүтэрэн баран, Сунтаар училищетыгар алмаас кырыылааччы идэтигэр үөрэнэ сылдьан, А.И.Афанасьев секциятыгар дьарыктаммыта. Дьокуускайга физкультура уонна спорт институгар үөрэнэр кэмигэр Иннокентий Макаровка уонна Кирсан Колодезниковка салгыы эрчиллибитэ. Билигин үөрэммит кыһатыгар тренеринэн улэлиир.

2004 с. — Юрий Ступеньков кэриэһигэр «КИТЭК» Россия профессиональнай лигатын XII чемпионатын иккис призера, Россия чемпионатын фулл-контакка үhүc призера, лоу-киктаах фулл-контакка кыайыылааҕа.

Европа вице-чемпиона (2003 с., Италия, Джесоло), аан дойду боруонса призера (2003,Украина, Ялта). Европа чемпиона (2004 с., Сербия уонна Черногория).

Анатолий Иванович бэйэтин төрөппүт оҕолоро эмиэ спорка дьоһуннаах ситиһиилэрдээхтэр, аҕаларын утумнааннар бэйэлэрин тренер быһыытынан холонон көрөллөр:

Афанасьев Ньургун – Россия оҕолорго чемпиона, республика хас да төгүллээх чемпиона, Россия призера. Боксаҕа Дальнай Восток призера.

Афанасьева Мотя (Мока) – норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа. Улуус, республика хас да төгүллээх чемпиона, призера. Россия чемпионката. Муай-тайга Россия призера. Үөрэнээччилэргэ Саха сиригэр бастыҥ спортсменнарын ахсааныгар киллэриллибитэ.

Афанасьева Паша (Пачита) – республика чемпионката, улуус аҕыс төгүллээх чемпионката. Россия призера.

Афанасьева Даша – Азия чемпионката, Россияҕа икки төгүл иккис миэстэлээх. Спорт маастарыгар кандидат.

Үгүc үөрэнээччилэрэ республикаҕа уонна дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсыбыттара, араас күрэхтэһилэргэ ситиһиилэммиттэрэ. Кинилэр истэригэр бааллар:

Иннокентьева Айта — Россия ыччаттарга чемпионатыгар үhүc миэстэ. Спорт маастарыгар кандидат.

Павлов Сергей – Москва куорат чемпиона, Азия кубогын иһин курэхтэһии кыайыылааҕа. Дальнай Восток, Россия призера.

Григорьев Сергей – Россия чемпионатыгар үhүc миэстэни ылбыта. Россия кубогар үhүc призер.

Уарова Маша – республика чемпионатыгар иккис миэстэ.

Сергеев Виталий – Азия кубогын иһин күрэхтэһиигэ үhүc миэстэ.

Евсеева Аня – спорт маастарыгар кандидат. Улахан дьоҥҥо Россия үhүc призера. Боксаҕа СГУ чемпионката.

Уаров Сергей – республика чемпионатыгар үhүс миэстэ.

Константинова Лиза – Россия чемпионатыгар улахан дьоҥҥо үhүc миэстэ. Спорт маастарыгар кандидат.

Исаева Зоя – Россия ыччаттарга чемпионатыгар үhүc миэстэ. Россия чемпионката, спорт маастара.

Ефимов Юра – Азия чемпиона, улуус, республика хас да төгүллээх чемпиона, призера.

Филиппов Эдик – Азия чемпиона, улуус, республика хас да төгүллээх чемпиона, призера.

Иванов Артем – улуус хас да төгүллээх призера, республика чемпиона. Норуоттар икки ардыларынааҕы турнир призера.

Евсеев Толя – Россия чемпионатын иккис призера. Республика чемпиона. Улуус хас да төгүллээх чемпиона, призера.

Маны тahынан, уонунан оҕо республикаҕа уонна Саха сирин тас өттүгэр бэйэлэрин дойдуларын атын чиэстээхтик көмүскээбиттэрэ.

Кикбоксины Сунтаарга өйөөбүттэрэ

Попов Александр Николаевич – «Лоҥкур» бааһынай хаһаайыстыбатын салайан олорор. Кинини кытары Иванов Алексей Константинович уонна Акимов Анатолий Николаевич диэн элбэх оҕолоох ыал аҕалара кыттыһан үлэлииллэр. «Лоҥкур» бааһынай хаһаайыстыбаҕа бары да спорду уонна физкультураны дириҥник өйдүүр, өйүүр дьон. Кинилэр эдэр сылдьан спорт сорох көрүҥнэринэн улууска тиийэ биллэ дьарыгырбыт буоланнар, кикбоксины улаханнык сэргии көрсүбүттэрэ. 1995 сылтан саҕалаан, сылын аайы кинилэр сайылыктарыгар тахсан, кикбоксинынан дьарыктанар оҕолор сынньаналлар. Бу чэбдигирдэр лааҕыры бааһынайдар шефтэһэн абырыыллар, астарын-үөллэрин таһан аһаталлар, оҕолору үүтүнэн, этинэн хааччыйаллар, сибиинньэтигэр тиийэ бэлэхтээн, оҕолор бэйэлэрэ астаан-үөллээн аһыыр усулобуйаларын оҥороллор.

Андреева Аграфена Ивановна Сунтаар улууһугар кикбоксинг спорт көрүҥүн быһыытынан сайдан барыытыгар, сүһүөҕэр туран республикаа, Россияҕа тиийэ тахсыытыгар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибит патриот буолар. Кини төрөппүттэр комитеттарын бэрэссэдээтэлин быһыытынан кик-боксинг сайдыытын киэҥник пропагандалыыр. Кини оҕото Лидия Андреева Россияҕа, аан дойдуга биллэр кик-боксер.

Самойлов Владимир Иванович – атыы-эргиэн систиэмэтин үлэһитэ. Тренер Анатолий Афанасьев Сунтаар сэлиэнньэтигэр үлэлиэҕиттэн спорт ити көрүҥүн өйдүүр, бириэмэ үп-харчы өттүнэн өйүүр тэрилтэ салайааччыларыттан биир актыыбынай позицияҕа турааччылара.

Сидоров Александр Николаевич Сунтаар улууһун араас массыыналарынан, саппас чаастарынан хааччыйар предприниматель. Кикбоксинг сайдыытын бары өттүттэн өйүүр Сунтаар улууһун патриота буолар.

Маркова Розалия Алексеевна – биллэр норуот эмчитэ. Кэргэнэ Саввинов Валентин Васильевич Кундэйэҕэ кик-боксинг тренерэ. Инньэ гынан Розалия Алексеевна кикбоксиҥҥа сылдьар оҕолор доруобуйаларын кыһыннары-сайыннары кэтээн көрөр. Кикбоксинг кылаабынай тренерэ Афанасьев Анатолий Иванович хара бастаан үлэлиэҕиттэн Розалия Алексеевна кик-боксины тэрийсибит, төрүттэспит улуус патриотката буолар.

Уаров Петр Максимович бэртээхэй фотограф этэ. Кикбоксинг тренерэ А.И.Афанасьев ыытар күрэхтэһиилэрин, сайыҥҥы чэбдигирдэр «Лоҥкур» лааҕыр оҕолорун элбэхтэ хаартыскаҕа түһэрбитэ.

Иванов Роман Романович – чааһынай предприниматель. Сунтаар сэлиэнньэтигэр кик-боксинг күрэхтэһиитин сэргиир, өйүүр уонна интэриэһиргиир дьоннортон биирдэстэрэ буола. Кини ыытыллар күрэхтэһиилэри спонсордаан ыытыһар үтүө үгэстээх дьоннортон биир бастыҥнара.

Евсеев Александр Филиппович дьиэ кэргэттэрэ кикбоксинг тэрээһинэригэр бэйэлэрин чааһынай сылгыларын өлөрөн, бирииһи, бириэмийэни олохтоһоллор.

Улууска кикбоксинг күрэхтэһиитэ тэриллэн ыытыллыытын сэргээччи элбээн иһэр. Ол курдук, Петрова Валентина Григорьевна бэйэтин бас билэр сүөһүтүттэн өлөрөн, кыттааччылар бириэмийэлэрин аан бастакынан тэрийсэн көҕүлэспитэ. Итини таһынан биирдиилээн предпринимателлэр, тэрилтэлэр даҕаны бириэмэтигэр өйөбүл буолан үөрдэллэр.

Саввинов Валентин Васильевич – Кундэйэҕэ кикбоксинг тренерэ. Кини ити эрчийэр көрүҥүгэр сахалар ортолоруттан профессиональнай таһымнаах улахан күрэхтэһиилэргэ судьуйалаабыт дьоннортон биир бастакылара.

Попов Александр Андреевич Саха Республикатын кикбоксиҥҥа Федерациятын директорынан тэриллиэҕиттэн бастакынан үлэлээбитэ. Билигин кини бокс республикатааҕы Федерациятын толорооччу директора.

Он будет продолжать жить в своих учениках…

После продолжительной тяжелой болезни скончался заслуженный тренер России (2003) и Республики Саха (2006) по кикбоксингу Анатолий Иванович АФАНАСЬЕВ.

Анатолий родился 20 марта 1949 г. в с.Эльгяй Сунтарского района. Так как он с детства любил петь и умел играть на гармошке, сразу после восьмого класса поступил на музыкальное  отделение Якутского педучилища № 1. Эти умения ему пригодились впоследствии – одно время он был солистом в «Чорооне», культовом ВИА 70-х годов. И практически всю жизнь он был учителем – сначала преподавал музыку и пение, затем он постепенно и навсегда перешел в спорт.

Хотя рос болезненным мальчиком, но с ранних лет начал заниматься спортом, где благодаря своей незаурядной силе воли и непреклонному характеру достиг неплохих результатов. Своими наставниками он считал Н.М.Давыдова, П.Е.Алексеева и А.С.Карапетяна, тренировался и выступал в одно время с талантливым борцом Николаем Захаровым-Сахаачча. Становился победителем первенства ЦС ДСО «Спартак» по вольной борьбе среди юношей. Выиграл II Спартакиаду на призы В.Манчаары по борьбе хапсагай в весе 60 кг среди взрослых. В 1971 г. выполнил норматив кандидата в мастера спорта СССР, однако увлекся боксом и оставил борьбу.

В 70-х гг. начал работать учителем музыки в Сунтарской средней школе № 1, где на общественных началах начал тренировать своих учащихся по вольной борьбе. С 90-х годов перешел на кикбоксинг, а затем и на таэквондо. В этих видах единоборств он снискал невиданные ранее в улусе и республике достижения. В содружестве с известным в республике фермером, главой КХ «Лонкур» Александром Поповым он открыл летний спортивный лагерь, где в сочетании с физическим трудом и экологически чистым питанием он ставил своим детям технику, упорство и волю. Помогали ему в этом новом деле его единомышленники и родители. И прославили Сунтар и Якутию прежде всего его девочки из этого лагеря: Оксана Васильева – заслуженный мастер спорта РФ, двукратная чемпионка мира по профессиональному женскому боксу; шестикратная чемпионка мира, двукратная чемпионка Европы и шестикратная чемпионка России по кикбоксингу;  Лидия Андреева – заслуженный мастер спорта по кикбоксингу, шестикратная чемпионка мира, чемпионка Европы и шестикратная чемпионка России по кикбоксингу, бронзовый призер мира и трехкратная чемпионка России; Мария Кривошапкина – мастер спорта международного класса, четырехкратная чемпионка мира, трехкратная чемпионка Европы и трехкратная чемпионка России по кикбоксингу, призер мира и трехкратная чемпионка России по женскому боксу; Зоя Исаева – двукратная обладательница  Кубка России по женскому боксу и многие другие. Также в секции Афанасьева занимался и Александр Сидоров – мастер спорта международного класса, бронзовый призер мира, чемпион Европы и чемпион России по кикбоксингу. В начале нового века совместно со своим сподвижником Егором Петровым начал обучать сунтарских ребятишек новому виду единоборства – таэквондо. И здесь результаты не замедлили сказаться – на Играх «Дети Азии» успешно выступали их воспитанники Таня Мыреева,  Стелла Васильева и другие.

Пятеро старших детей А.И.Афанасьева являются кандидатами в мастера спорта по кикбоксингу, неоднократными победителями и призерами республиканских и всероссийских соревнований по этому виду единоборств. Сегодня они уже состоявшиеся люди, которые подарили отцу десять внуков – девять девочек и единственного мальчика, унаследовавшего имя дедушки. Старший сын Дьулус – предприниматель, его брат Ньургун избран депутатом наслежного совета, Даша и Пачита – сотрудники полиции, младшая дочь Мока пошла по стопам отца и тренировала детей, однако последние годы она ухаживала за ним и потому вынуждена была оставить любимую работу. Мы надеемся, что она продолжит фамильное дело.

Хотя имя А.И.Афанасьева стало широко известно в мире единоборств во всей России и за ее рубежами, дома его долгое время не признавали. «Виной» этому был бескомпромиссный характер тренера, его стремление везде и всюду говорить открыто, называя вещи своими именами, потому не был он обласкан власть предержащими. Не все его принимали таким, каким он был всю жизнь – честным, ершистым, иной раз чрезмерно резким, выступающим всегда с открытым забралом… Тем не менее (а скорее всего именно поэтому), он пользовался огромным авторитетом среди своих учеников, за которых всегда искренне болел всей душой, поддерживал и направлял. Он был предан своему делу, беззаветно любил спорт, был настоящим тренером-педагогом, самоотверженным и требовательным, порой жестким, умеющим доводить дело до конца.

После мировых успехов воспитанниц он в 2003 году был удостоен звания заслуженного тренера России, заслуженного тренера Республики Саха дали ему только через три года, к юбилею якутского бокса. Тогда же он был награжден знаками «За заслуги в развитии физической культуры и спорта в РС(Я)» и «За заслуги в развитии бокса РС(Я)». Почетным гражданином назвали его жители родного Эльгяйского наслега.

В декабре 2011 г., когда Анатолий Иванович был уже прикован к постели и не мог  передвигаться, ему было присуждено заслуженное долгим трудом звание почетного работника физической культуры и спорта РС(Я). Эту награду привез уже на похороны старый друг Борис Прокопьевич Федоров… 

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)