6.04.2018 с.
«Акимовы өйүүбүт!» — диэн тыллары бу күннэргэ Сунтаар улууһугар үгүстүк иһиттим. Буолумуна, аны нэдиэлэттэн ордугунан Ил Түмэҥҥэ «Биир ньыгыл Россия» партия барыллаан быыбардааһына буолаары турар. Онно Олоҥхо дойдутунан аатырар Сунтаарга бу партия испиэһэгинэн сенатор Александр Акимов уонна «Стерх» страховкалыыр хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Семен Березин, онтон биир мандааттаах уокурукка СР баайын-дуолун уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Никифоров уонна «Арктик-капитал» хампаанньалар бөлөхтөрүн генеральнай дириэктэрэ Андрей Николаев бэйэлэрин кандидатураларын туруордулар. Муус устар 15 күнүгэр партия праймериһын бастакы тургутуутун ааһан баран, кинилэр аны күһүн Ил Түмэн быыбарыгар киирсиэхтэрэ.
Бу буолаары турар быыбардартан сунтаардар тугу кэтэһиэхтэрин сөбүн хара маҥнайгыттан аһаҕастык этиэххэ наада. Биэс сыллааҕыта Ил Түмэн быыбарыгар киирсэн, А.Акимов кыайыылааҕынан тахсыбыта, онтон тутатына норуот депутаттара бэйэлэрин истэригэр туспа быыбар ыытан, Александр Константиновиһы Россия Государственнай Думатын Федерациятын Советыгар саха парламенын бэрэстэбиитэлинэн талбыттара, онно сенатор ФС сис кэмитиэтин бэрссэдээтэлин солбуйааччы быһыытынан, улуус эрэ буолбакка, бүттүүн республика туһатыгар үгүс өрүттээх үлэни оҥорон кэллэ, бэйэтин программатын чиэстээхтик толордо.
А.К.Акимов толорбут үлэтин отчуоттаан, праймеризка киирэр программатын билиһиннэрэ, бу нэдиэлэҕэ улуус нэһилиэктэригэр сылдьар. Кинини кытта тэҥҥэ С.М.Березин «Стерх» хампаанньатын регионнарга үлэтин салайар, Элгээйи-Хоро-Элгээн уокуруктарыгар Сунтаар улууһун мунньаҕын депутата Мария Васильевна Егорова сылдьар.
Мин Александр Константиновиһы өр кэм устата республиканы салайбытын чугастан көрө-билэ сылдьыбыт, кини саха спордун биир маанылаах төрүт көрүҥүн — мас тардыһыыны — аан дойду таһымыгар таһаарарга, Олимпиада программатыгар киллэрэргэ үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ ыыппыт сүҥкэннээхэй үлэтин ис өттүттэн билэр, итиннэ эмиэ хайа эрэ өттүттэн кыттыспыт буоламмын, бу көрсүһүүлэргэ сылдьыстым, биир дойдулаахтарбар тугу билэрбин кэпсээтим.
Муус устар 6 күнүгэр сенатор бэйэтин үлэтин күнүн улуус баһылыгын хоһугар саҕалыыр. Онтон салҕыы «Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» диэн бэстибээл күрэҕэр сылдьан, улуус биллэр уонна саҥа саҕалаан эрэр оһуохай тылын этээччилэрин, культура үлэһиттэрин кытта көрүстэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Олоҥхо дьиэтэ А.Акимов вице-президенинэн үлэлиир кэмигэр, Сунтаар улууһугар Саха сирин норуотун спортивнай оонньууларын уонна биһэхэ аан бастаан ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын ыытыллалларын көрсө тутуллубута. 2006 сыллаахха бу тэрээһиннэргэ анаан, Сунтаарга улахан хамсааһын, сэргэхсийии тахсыбыта, элбэх тутуу оҥоһуллубута, «Бүлүү» федеральнай суолу төгүрүк сылы быһа туһаныы саҕаламмыта. Олоҥхо дьиэтин салайааччыта М.А.Тараярова күндү ыалдьыкка С.А.Зверев ырыаларын-тойуктарын диискэлжрин хомуурунньуугун уонна Сунтаар олоҥхоһуттарын туһунан кинигэни бэлэх уунар.
Эбиэт кэннинээҕи көрсүһүүлэр Кутанаҕа, Элгээйигэ уонна Хороҕо буолаллар. Онно айаннаан иһэн, А.К.Акимов Устье дьаһалтатын дьиэтигэр сылдьан, баһылык А.И.Поповтуун көрсөн кэпсэтэн ааһар. Уруккута Кэмпэндээйитээҕи геофизическэй экспедиция базаланан олорбут бөһүөлэгэ билигин Сунтаар сэлиэнньэтигэр киирэр аартык буолан турар, манна түөрт сүүсчэкэ киһи — сүнньүнэн пенсионердар уонна улуус киинигэр үлэлиир дьон — олорор. Ону тэҥэ манна В.Н.Ващенко диэн сытыы-хотуу урбаанньыт ылсан, Бүлүү уҥа кытылыгар, Кэмпэндээйи үрэҕэ кэлэн өрүскэ түһэр сиригэр «Тещин язык» диэн дьикти ааттаах рекреационнай — дьону сынньатар-аралдьытар — киини тэрийэн, бэрт ситиһиилээхтик үлэлэтэр. Александр Константинович нэһилиэк баһылыгын кытта кэккэ сылларга иитийэхтээн илдьэ сылдьар, үгүс бэлэмнэнии үлэни ирдиир инники былааннарын кэпсэтэллэр. Манна Бүлүү эҥэр биир кэскиллээх саҕалааһына ТОСЭР тэриллиэхтээх. Кэмпэндээйигэ үтүмэн араас сир баайа саһа сытар. Билиҥҥитэ манна эдэр, кэскиллээх хаһаайыстыбанньык П.М.Попов салайар «Сунтарцеолит» тэрилтэтэ цеолиты уонна таас чоҕу хостуур, ону тэҥэ Сунтаар промышленноска бастакы хараҥаччытын — туус собуотун А.Р.Игнатьев салайан үлэлэтэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу тэрилтэлэри аныгы олох ирдэбиллэригэр эппиэттиир гына сайыннаран, саҥа технологиялары киллэрэн аныгы тутуу матырыйаалларын оҥорон таһаарар, Кэмпэндээйи таас тууһун эмиэ араас эйгэҕэ туһанары тэрийэр сорук турар. Бу далааһыннаах хамсааһыҥҥа Устье бөһүөлэгэ промышленнай кластер логистикатын уонна хааччыйыытын киинэ буолар кэскиллээх.
Кутана бөһүөлэгэр күнүскү кэми аахсыбакка, биэс уонча киһи мустубут. Александр Константиновиһы манна олус бэркэ билэллэр, кини кэккэлэһэ турар Күүкэйгэ төрөөн, оҕо сааһа онно ааспыта, мантан кынаттанан улахан салайааччы буола үүммүтэ. Кутанаҕа улууска эрэ буолбакка, бүттүүн республикаҕа бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр, Сунтаар биир киэн туттар киһитэ В.М.Крыжановскай тэрийбит «Айан-суол» диэн аата да этэринэн суолу оҥорор тэрилтэ кииннэнэн үлэлиир. «Бүлүү» федеральнай суол Ньурбаттан Сунтаарга диэри учаастага «ыт баһа төкүнүйэр» дэхси, үчүгэй оҥоһуулааҕын манан айанныыр дьон бары бэркэ билэллэр. Сенатор биир дойдулаахтарын туруу үлэһит, түмсүүлээх майгылаахтарын, сорох сиргэ быыбар кэмигэр үөскүүр ханнык да атааннаһыы, арахсыы суоҕун киэн тутта, хайҕыы бэлиэтиир. Холобур быһыытынан, аҕа дойду сэриитин ыарахан кэмнэригэр маннык нэһилиэктэргэ олохтоохтор хардарыта көмөлөсүһэр, инникини өтө көрөр, мындыр салайааччылардаах буоланнар, аччыктааһын тахсыбатаҕын, байыаннай кэм сокуоннарын кырыктаах миэлиҥсэтигэр олохтоохтор түбэспэтэхтэрин санатар. Дойду Федеральнай Мунньаҕар Саха сирин парламенын бэрэстэбиитэлин быһыытынан үлэтин билиһиннэрэр.
Элгээйигэ улуус орто сүһүөх медицинскэй үлэһиттэрин күрэҕэ буола турар. А.Акимов маҥан халааттаах аанньаллары эҕэрдэлиир, урукку кэмҥэ норуот доруобуйатын харыстабылыгар үлэлээбит ытык дьону ахтан-санаан аһарар, ону тэҥэ бэйэтин кэргэнэ Розалия Иудовна эмиэ быраас идэлээҕин, өр сылларга бу эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбитин киэн тутта кэпсиир. Манна нэһилиэк баһылыга О.А.Поповы кытта культурнай комплекс дьиэтигэр үлэлиир олохтоох библиотека үлэтин билсэр, ааҕааччылары, үлэһиттэри кытта кэпсэтэр.
Хоро нэһилиэгэр кэнники сылларга сытыы-хотуу, дьонугар-сэргэтигэр улаханнык кыһаллар салайааччы В.П.Ефимов баһылыгынан талыллан үлэлиир. Манна оскуола дьиэтэ кырата, эргэрбитэ харахха быраҕыллар, ол гынан баран кичэллээхтик көрүллэрэ-хараллара эмиэ көстөр. Кулууп, атын даҕаны социальнай объектар бэйэлэин күүстэринэн өрөмүөннэммиттэр. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон А.К.Акимов уонна М.В.Егорова кэпсииллэрин сэргии иһиттилэр, нэһилиэк олохтоохторун долгутар элбэх боппуруостары биэрдилэр.Ол курдук, манна тутуу ыытыллыбатыттан, маассабай спорт сайдыбатыттан саҕалаан, интернет ситимэ бытаанын, суотабай сибээс мөлтөхтүк үлэлиирин ыйан туран, сөмөлүөтүнэн көтүү сыаната сиэрэ суох үрдүгүн, күһүн-саас электрическэй уот өрөмүөҥҥэ туһуланан уһун кэмҥэ арахсарын туһунан ыйытыктары биэрдилэр. А.К.Акимов ити уустук боппуруостарга эппиэт биэрэн, дойду уонна республика бу хайысхаҕа ыытар үлэлэрин сиһилии кэпсээтэ.
Александр Акимов: «Улуус атын нэһилиэктэрэ Аллыҥа баһылыга Николай Спиридоновтан уонна «Сунтарцеолит» салайааччыта Петр Поповтан холобур ылыахтаахтар»
7.04.2018 с.
Субуота күн депутакка кандидат, сенатор Александр Акимов Сунтаар сэлиэнньэтигэр кыһыны аттаарыы дьоро күнүгэр кыттыыны ылла. Улуус киинин олохтоохторун кытта сэһэргэстэ, онтон сэлиэнньэ баһылыга Эдуард Фиилпповтыын уонна улуус аҕа баһылыга Анатолий Григорьевтыын кыстык сыла этэҥҥэ түмүктэнэн, сандал саас кэлбитинэн биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээтилэр.
Онтон тута улуус урукку баһылыга Александр Петровтуун уонна «Сунтарцеолит» элбэх хайысхалаах тэрилтэ дириэктэрэ Петр Поповтыын Аллыҥа нэһилиэгэр айаннаатыбыт. П.М.Попов таарыйа Сунтаартан тахсыыга, 2006 сыллаахха СР IV Спортивнай оонньууларын кэмигэр арыллыбыт Хомустаах түөлбэтиттэн салҕыы саҥа микрооройуон тутуллуохтаах сиригэр саҕалаабыт үлэтин көрдөрөр. Манна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тус сыаллаах программатын чэрчитинэн 100 эдэр ыалга бары инфраструктурата оҥоһуллубут — электрическэй уот линията уонна водопровод тардыллыбыт, бэл олбуордаммыт — уһаайбалары бэлэмнииргэ «Сунтарцеолит» тэрилтэ үлэтин саҕалаабыт. Маннык бырайыагы олоххо киллэрэр кыах Саха сирин икки эрэ улууһугар — Намҥа уонна Сунтаарга — бэриллибит. Бу олус кэскиллээх саҕалааһын өссө инники өттүгэр сайдыыны ылыаҕын сөбүн сенатор А.Акимов бэлиэтээтэ — манна уопсайынан түөрт сүүсчэкэ ыал олохсуйуохтааҕынан, инникитин бу түөлбэҕэ оскуола, оҕо уһуйаана арыйарга туһуламмыт үлэни номнуо саҕалыы туруохха наада диэтэ.
Аллыҥа Сунтаар улууһугар эрэ буолбакка, бүттүүн республика үрдүнэн кэнники сылларга балысханнык сайдыбыт, инникигэ эрэллээхтик хардыылаабыт кыра нэһилиэк буолар. Манна эдэр баһылык Николай Васильевич Спиридонов уонна үөһээ ахтыллар «Сунтарцеолит» эдэр салайааччыта Петр Михайлович Попов бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр кэнники сылларга оскуола, оҕо уһуйаанын, спортивнай саала, кулууп дьиэлэрэ дьэндьэстилэр, уулуссалар оҥоһулуннулар, уот ситимэ саҥардыллан, киэһээ өттүгэр бөһүөлэк бүтүннүү уотунан сандаарар. Олохтоохтор инникигэ эрэллэрэ туругурда, дьон-сэргэ үөрэ-көтө үлэлиир, саҥа олоҕу түстүүр. Быыбардааччылары кытта көрсүһүүгэ А.Акимов урукку кэмҥэ үгүс ыарахаттардаах Аллыҥа билигин улуус атын нэһилиэктэригэр үтүө холобур буоларын астына бэлиэтээтэ. Александр Константинович «Тойбохой» сопхуоска дириэктэрдиир кэмнэригэр бииргэ үлэлээбит табаарыстарын ахтан ааста, сенатор быһыытынан бэйэтин үлэтин түмүктэрин отчуоттаата, инникигэ былааннарын кэпсээтэ. Көрсүһүү кыттыылаахтара депутакка кандидакка кэккэ боппуруостары биэрдилэр, бэйэлэрин кыһалҕаларын кэпсээтилэр, бэркэ билэр, ытыктыыр бас-көс киһилэригэр быыбарга ситиһиилэри баҕардылар. Ол курдук, ыарыһах оҕолоох төрөппүт улуус балыыһатыгар оҕотугар ситэ болҕомто ууруллубатын, Дьокуускайга көрдөрө-эмтэнэ баралларыгар сөмөлүөтүнэн көтөр ороскуоттара төлөммөтүн, тыа сирин үгүс олохтооҕо үүт туттаран олороллорун, ол харчыларыттан бэтэринээрдэр өҥөлөрүгэр үтүмэн үп барарын, кэнники ыйдарга оҕо уһуйаанын үлэһиттэрин хамнастара хойутуур буолбутун эттилэр. Олохтоох уһуйаан педагогтара оҕо агрокомплекснай былаһааккатын бырайыагынан өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа бэлиэтэнэн, Чурапчы улууһун баһылыгын гранын ылбыттар, онтон салҕыы ити бырайыактарын олоххо киллэрэргэ үптэрэ тиийбэтэ мэһэй буолбут. Уһуйаан сэбиэдэссийэ саҥа технологическай тэриллэри тиэйэн аҕаларга улахан суумманы тус бэйэтин хармааныттан төлөөбүтэ кыайан төннүбэккэ сылдьар эбит. Дьон күннээҕи кыһалҕаларыгар сенатор толору хоруйдаата, итилэр быһаарыллалларыгар бэйэтэ көмө оҥоруох буолан тылын биэрдэ. Улуус бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Изабелла Иванова праймериз уонна күһүн балаҕан ыйыгар ыытыллыахтаах Ил Түмэн депутаттарын быыбара хайдах барыахтаахтарын билиһиннэрдэ. Көрсүһүү түмүктэниитигэр олохтоох автор Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ нэһилиэк дьаһалтатын көмөтүнэн икки кинигэтэ тахсыбытыгар махталын биллэрдэ, уонна А.К.Акимов төрөөбүт тылбыт чөл туруктаах буоларыгар улахан кылааты киллэрэрин бэлиэтээн туран, бэйэтин кинигэлэрин барыбытыгар бэлэх уунна.
Онтон ыаллыы Уһун Күөл нэһилиэгэр тиийбиппитигэр, олох атын хартыына көһүннэ. Манна оскуола дьиэтэ тутуллан иһэн, бырайыагар уларыйыылар киирэннэр, атын кэккэ биричиинэлэринэн хаһыс да сылын ситэ бүппэккэ турар, инньэ гынан нэһилиэк олоҕор улахан ыарахаттар үөскээбиттэр. Кулууп дьиэтин бэйэлэрин күүстэринэн тутан иһэн, эмиэ үлэ ситэриллибэтэх. Бу туһунан олохтоохтор улаханнык хараастан туран депутакка кандидакка кэпсээтилэр.
Ол быыһыгар өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымыгар буола турар түгэннэргэ эмиэ ыйытыктары биэрдилэр: бастакы президент М.Е.Николаев доруобуйатын сурастылар, Магомедовтар тутуллубуттарын түмүгэр «ЯТЭК» дьылҕата хайдах буолуон сөбүн туоһуластылар, Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарын быыһыыр Түүкээн үрэххэ күргэ хаһан тутуллуон сөбүн ыйыттылар. Бэйэлэрин олохторугар баар ыарахаттары эмиэ умнубатылар. Ол курдук, бырабыыталыстыба бэрэссэдэээтэлин бастакы солбуйааччы П.Н.Алексеев кэлэ сылдьан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын соҕотох соҕотуопсук тутуохтаах диэбитэ төһө оруннааҕын, улууска биэс соҕотуопкалыыр тэрилтэ баар буолан, күрэстэһии үөскүүрүн, ол түмүгэр үүт харчыта кэмигэр төлөнөрүн бэлиэтээтилэр. Урут бу нэһилиэккэ оттуур ходуһаларга барар суоллар оҥоһуллан испиттэрин, онтон кэлин үп-харчы тиийбэтинэн, бу дьыаланан дьарыктанар тэрилтэлэр суохтарынан маннык үлэ тохтообутун, ону быһаарарга күүс-көмө буоларга көрдөстүлэр. Атын да нэһилиэктэргэ көрсүһүүлэргэ ахтыллыбытын курдук, уһун күөллэр эмиэ доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар үгүс ыарахаттар баалларын, эмчиттэр таһымнара намыһаҕын, балыыһаларын дьиэтэ эргэтин, өрөмүөннэммэтэҕэ ырааппытын эттилэр, нэһилиэккэ анализ ылар лаборатория үлэтэ сөргүтэллэрин туруорустулар. Инбэлииттэри быһаарар кэмииссийэ Ньурбаҕа көһөрүллүбүтэ бу ыарыһахтарга үгүс күчүмэҕэйдэри үөскэтэрин санаттылар. Олохтоохтор бары биир киһи курдук, «Сунтарцеолит» салайааччыта П.Поповтан оскуола дьиэтин тутуутун ситэрэр үлэни ылсарыгар көрдөстүлэр. Түмүккэ А.К.Акимов үлэтин үрдүктүк сыаналаан, салҕыы депутат буоларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.
Тыа сирин үлэһиттэрин, булчуттары кытта алтыһыы
8.04.2018 с.
Өрөбүл күн А.К.Акимов Туойдаах бөһүөлэгэр сырытта. Александр Константинович институту саҥа бүтэрэн кэлэн баран, түөрт уонча сыл анараа өттүгэр, «Сунтаар» сопхуоска управляющайынан, кылаабынай зоотехнигынан үлэлии сылдьыбыта. Оччотооҕу кэмҥэ бу кырыы учаастакка сырыы суох буолан, үксүн атынан эбэтэр туос сатыы сылдьаллара. Онтон билигин «Сунтарцеолит» тэрилтэ былырыын оҥорбут суолунан чаас аҥаарынан тиийэҕин.
Туойдаахха билигин үс сүүстэн тахса киһи олорор, эдэр ыччат элбэх, баһылык Владимир Федорович Анисимов этэринэн, олохтоохтор орто саастара 28 сыл. Тоҕус кылаастаах оскуола, ФАП, дьоҕус кулууп бааллар. Оскуола-уһуйаан бырайыага оҥоһулла сылдьар. Инникитин тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибн тэрийэн, сүөһүлэрин холбоон, кырдьаҕастарга, соҕотох дьоҥҥо көмө оҥорор санаалаахтар.
Бэҕэһээ-бүгүн манна аҕалар күрэхтэһиилэрэ буола турар. Александр Акимов бу сааскы күнүнэн туойдаахтары эҕэрдэлээтэ, олохтоохтору кытта кэпсэттэ, үлэ бэтэрээнэ Афанасий Гаврильевич Бечеховы көрсөн, урукку кэмнэри ахтан-санаан аастылар. Быйыл кыһын бу эргин бөрө мэнээктээбит, сылгыны тардыбыттар, онно Сунтаартан булчуттар биригээдэлэрэ тахсан, адьырҕалары бултаабыттар, хапкаантан аҥаар атаҕын быһан барбыт тыһы бөрөнү эдэр булчут Герасим Ераскумов көмөтүнэн суох гыммыттар.
Сенатор салҕыы Сунтаар сэлиэнньэтигэр киирэн, уопуттаах булчут Валерий Прокопьевы кытта көрүстэ. Сорсуннаах сонордьут бэйэтин үлэтин туһунан кэпсээтэ, аар тайҕаҕа түөрт уонча сыл бултаан, сүүһүнэн бөрөнү сууһарбытын, булт кэмигэр араас мүччүргэннээх түгэннэргэ түбэспитин сэһэргээтэ.
Сарсын депутакка кандидат Элгээйигэ, Сунтаарга уонна Тойбохойго сылдьыаҕа.
А.Акимов: «Оҥоһуллубут, тутуллубут – сабыллыа суохтаах»
9.04.2018 с.
Бэнидиэнньик күнннээҕи көрсүһүүлэри сенатор А.К.Акимов Элгээйиттэн саҕалаата. Культура дьиэтигэр аҕыс уонча киһи мустубут. Ол иһигэр кулуупка бэрт сэргэх көрүҥнээх, 92 саастаах ытык кырдьаҕаспыт, оруобуна отут сыл аннараа өттүгэр оскуола үөрэнээччилэрин Элгээйиттэн Дьокуускайга диэри туос сатыы илдьибит Григорий Николаевич Павлов-Төгүрүк кэлбит. Нэһилиэк эдэр баһылыга Гаврил Леонидович Яковлев депутакка кандидакка тыл биэрэр. Бэйэтин үлэтин билиһиннэрэригэр Александр Константинович Федерация Сэбиэтин өҥөтүнэн быйылгаттан ыла электроэнергияны промышленноска, тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныы тарифтара икки төгүл кыччатыллыбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, онтон бюджекка 17 миллиард босхоломмутун экономика сайдыытыгар ыытыллар буолла. Уһук Илиннээҕи гектар туһунан сокуон ылылларыгар, Саха сириттэн киирбит этиилэргэ олоҕуран, элбэх көннөрүү, уларытыы оҥоһуллубут. Ол түмүгэр биһиги республикабыт территориятын 80%-на уһулуччу харыстанар айылҕа зоналара буолан эбэтэр олохтоохтор төрүт дьарыктарыгар анаммыт сирдэргэ киллэриллэн, гектар көрдөөччүлэргэ биэриллибэт буолла. Хаарбах дьиэҕэ олорооччулары көһөрүүгэ биһиги республикабытыгар сылын аайы 500-600 мөлүйүөн солкуобай федеральнай харчы кэлэр буолан, бу хайысхаҕа үгүс үлэ оҥоһуллар, холобур, Сунтаарга аан бастакы биэс этээстээх олорор дьиэ тутулунна.
Сенатор үлэтин түмүктэрин кытта билсэн баран, быыбардааччылар аныгы олох уустуктарыгар сыһыаннаах, сороҕор бэрт сытыы ис хоһоонноох элбэх ыйытыктары биэрдилэр. Урукку өттүгэр үчүгэй үлэтин иһин хаста да Норуот хаһаайстыбатын ситиһиилэрин Бүтүн Союзтааҕы быыстапкаларыгар кыттыбыт туруу үлэһит 15-17 тыһыынча биэнсийэлээх, нэһиилэ тиийинэн олорорун дойду салайааччылара ама билбэттэрэ буолуо дуо диэн курутуйар. Санаторийдарга-куруортарга, соҕуруу итии дойдуларга үйэлэригэр сынньана барбат ытык кырдьаҕастарга компенсация быһыытынан саатар дьиэлэрин өрөмүөннүүргэ эбэтэр тупсарыныы оҥосторго үп көрүллэрэ буоллар, тыа сиригэр олорор кырдьаҕастарга көмө оҥорорго туһуламмыт анал программа наада диэн үлэ бэтэрээнэ этии киллэрэр. Сенатор төрөөбүт дойдутугар Күүкэйгэ үгүс тутуу ыытыллар, онтон ыаллыы нэһилиэктэр онно тииспэттэр диэн хомолтотун биллэрэр ытык кырдьаҕас. Итиниэхэ хабааннаах аһаҕас, сытыы боппуруостарга А.К.Акимов толору хоруйдары биэрдэ. Ханнык да кыра нэһилиэккэ оскуола да, балыыһа да сабыллыбатын өрүү турууласпытын санатан туран, А.Акимов: «Оҥоһуллубут, тутуллубут — сабыллыа суохтаах» диэн бигэргэттэ.
Улуус мунньаҕар бу иннинэ Сунтаар сэлиэнньэтин Хомустаах түөлбэтиттэн депутатынан талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбит, үгүс өрүттээх дэгиттэр талааннаах культура салаатын эдэр началынньыга Мария Кобельянова төрөөбүт-улааппыт Элгээйитин нэһилиэгиттэн праймеризка кыттар санаалааҕын биллэрбитин, биир дойдулаахтара өйүүр санаалаахтар.
Онтон салҕыы А.К.Акимов улуус киинигэр киирэн, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар салайааччылары, депутааттары уонна түөлбэлэр актыбыыстарын кытта көрүстэ. Эдэр баһылык Эдуард Егорович Филиппов нэһилиэк сайдар кэскилин, инники былааннарын кэпсээтэ. Билигин улуус киинигэр хаһаайыстыбаннай кинигэнэн 11700, онтон ис дьиҥэр 13000 олохтоох баарын иһитиннэрдэ. Баһылык сүрүн болҕомтотун электрическэй уотунан уонна ыраас уунан хааччыйыыга, хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ уурарын этэр. Баар подстанциялар сөптөөх уот кыамтатын хааччыйбаттар, итиннэ «Росгидро» диэн тэрилтэни кытта үгүс үлэ ирдэнэр. «Бүлүү» федеральнай суол барыллаан бырайыагынан Уустуйаҕа кэлэн баран, өрүс уҥуорунан үөһээ диэки ааһан, Оборчолооҕунан муостанан Бүлүүнү туоруохтаах. Олохтоох дьаһалта бу кэскиллээх боппуруостарга былааннаахтык үлэлиирин бэлиэтээн туран, Александр Акимов ордук уустук боппуруостарга быһаччы көмөлөһүөх буолан эрэннэрдэ.Үс сүүсчэкэ ыал олорор Хомустаах уонна элбэх оҕолоох ыалларга анаан, «Саха АССР 100 сыла» саҥа оҥоһулла сылдьар микрооройуоҥҥа оскуола-саад тутуллара булгуччу наадалааҕын ыйда.
Онтон киэһээ биһиги Тойбохойго тахсабыт. Манна сенаторы кытта улуус үөрэҕин салаатын начаалынньыга Гаврил Михайлович Еремеев сылдьыста. Александр Акимов 80-с сыллар саҥаларыгар манна сопхуос дириэктэринэн үлэлээн, бэйэтин туһунан үгүс үтүө өйдөбүлү хаалларбыт. Биир дойдулаахтарынан ааҕынар тойбохойдор эмиэ элбэх ыйытыгы биэрдилэр. Үлэ бэтэрээнэ Афанасий Данилович Осипов сэрии кэмин оҕолорун тустарынан сокуон тоҕо үлэлээбэтин, Накыыҥҥа баахтанан үлэлиир биир дойдулаахтарбытыгар үлэ ыстааһа ааҕыллыбата бу дьон биэнсийэҕэ тахсалларыгар күчүмэҕэйдэри үөскэтиэн сөбүн, сэттэ уон сыл аннараа өттүгэр энтузиаст быраас Егоров Яков Петрович көҕүлээһининэн тутуллубут балыыһа улаханнык эргэрбитин, чугастааҕы түөрт-биэс нэһилиэги мэдиссиинэ өҥөтүнэн сөптөөхтүк хааччыйарга саҥа эмтиир тэрилтэ тутуллара наадалааҕын ыйда. Уһуйаан үлэһитэ Айталина Семенова ырыаҕа ылламмыт Тойбохойго үс оҕо саада бааллара үйэ аҥаарыттан ордук, түөрт уонча сыл аннараа өттүгэр тутуллубуттарын санатта, Хочо үрдүнэн манна эрэ аныгы оҕо уһуйаана суоҕун, онон саҥа таас тутууну инвестиционнай программаҕа киллэрэри туруоруста. Өр сылларга ыанньыксытынан үлэлээбит, билигин да 18 төбө сүөһүнү иитэр Леонтьева ыанньыктарын ахсаанын элбэтэргэ былааннаан, саҥа хотон туттарарыгар кыра бырыһыаннаах кирэдьиит ылар кыаҕа суоҕун туһунан кэпсээтэ. Быйыл кыһын үлэҕэ киирбит саҥа кулууп сэбиэдиссэйэ Надежда Павлова дьиэ үрүтэ хас да сиринэн тэстэрин ыйан туран, ону тутааччылар өрөмүөннээн биэрэллэрин туруоруста, ону тэҥэ бу кулууп тутулларыгар уонна быраата П.П.Уаров ыараханнык ыалдьыбытыгар көмө оҥорбут А.К.Акимовка бэйэтин махталын биллэрдэ. Ааспыт сайын үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит «Тойбохой» сопхуос урукку экэнэмииһэ Модест Антонович Петров А.К.Акимов бу сопхуоһу салайбыт кэмнэринээҕи ситиһиилэрин, таһаарыылаахтык бииргэ үлэлээбиттэрин ахтан ааста, Россия уонна республика таһымыгар баар итэҕэстэргэ тохтоото. Ол курдук, Саха сирэ федеральнай киинтэн толору дотацияҕа олорон, үлүгэрдээх государственнай иэстээҕин, аата-ахсаана биллибэт баайдаах нефтяниктар республика бюджетыгар киллэриэхтээх нолуоктарын тоҕо эрэ сотон кэбиспиттэрин туоһуласта, туох баар Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэргэ биир тэҥ быһыллыбыт хотугу надбаавканы төлүөххэ диэн этии киллэрдэ. Урукку оҕо дьиэтин солбуйбут муниципальнай Оҕо киинин дириэктэрэ Станислав Васильевич Егоров Тойбохой чугаһыгар Кириэстээх, Куокуну сирдэригэр «Сургутнефтегаз» киирэн үлэ бөҕөтүн ыытарын, бу иннинэ мантан чугас «Иркутскай нефтяной хампаанньа» үлэлээн, айылҕаҕа үгүс элбэх буортуну оҥорон баран, сүтэн хаалбытын, онон бу сиэрэ суох баай тэрилтэлэр көҥүл айбардыылларын тохтоторго, кинилэртэн экологияны алдьаппыттарын, оҥорбут хоромньуларын иһин анал төлөбүр төлүүллэрин уонна кэбилээбит сирдэрин чөлүгэр түһэрэллэригэр сокуон быһыытынан ирдэбил киллэрэргэ ыҥырда. Учуутал Таисия Трофимовна Жиркова Тойбохойго үлэлээн испит шлакоблок оҥорор сыаҕы сөргүтэргэ этии киллэрдэ уонна букатыннаахтык сабыллан эрэр оҕо дьиэтин дьылҕатын ыйыталаста. Кырдьаҕас педагог Клара Степановна Тихонова Г.Е.Бессонов олохтообут Ботаническай саада быйыл алта уон сылын туоларын, улуу педагог Социалистическай Үлэ Геройа буолбута лоп курдук биэс уон сыл буолбутун санатта. Александр Акимов бары ыйытыктарга, этиилэргэ толору хоруйдары биэрдэ.
Владислав Коротов.
Оставить комментарий