Бу өрөбүллэргэ Дьокуускайга Сунтаартан төрүттээх биллэр бөҕөстөрбүтүгэр бэлиэ күннэр буоллулар. Биһиги оройуоммутуттан араас кэмҥэ Россия түөрт чемпиона иитиллэн тахсыбыта. Ол курдук, 1964 сыллаахха Алкивиад Иванов уонна Альберт Захаров Дьокуускайга ыытыллыбыт РСФСР чемпионатыгар тэҥнээхтэрин булбатахтара, онтон эһиилигэр Петр Попов Калининград куоракка бастаабыта. Кэнники көлүөнэ бөҕөстөртөн Николай Яковлев эмиэ Дьокуускайга 1991 сылга ыытыллыбыт чемпионакка пьедестал үрдүкү үктэлигэр тахсыбыта. 2002 сылтан кинилэр ааттарыгар Сунтаар улууһугар көҥүл тустууга оҕолорго республикатааҕы турнир ыытыллар.
Быйыл бу турниры иккис төгүлүн киин куоракка ыыттылар. Субуотаҕа “Дохсун” спорт комплексыгар 98 уолан мустан, бастыҥнары быһаарыстылар. Эдэр бөҕөстөрү Россия чемпионнара Альберт Захаров, Петр Попов, Николай Яковлев, олохтон барбыт медицинскэй наука доктора Алкивиад Иванов кэргэнэ Клавдия Алексеевна Иванова, биһиги биллиилээх тустуутарбытын бу дьарыкка уһуйбут Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Д.П.Коркины кытта өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит Николай Иванович Сафонов, Сунтаар улууһун аҕа баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Гаврил Михайлович Еремеев эҕэрдэлээтилэр, ситиһиилэри баҕардылар. Тустуу историятын Саха сиригэр саҕалаабыт ытык кырдьаҕастарбыт тыллара-өстөрө, кинилэр чэгиэн-чэбдик көрүҥнэрэ ыччат оҕолору кыайыыга кынаттаата.
Күрэхтэһии биир сүрүн “буруйдааҕа”, Россия спордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара, дойду 1991 сыллаах чемпиона, 1993 сыллаах боруонса призера Николай Григорьевич Яковлев кэпсиир:
— Күрэхтэһиибит олус үчүгэйдик, этэргэ дылы, үрдүк таһымнаахтык барда. Биир дойдулаахтарбыттан Кириллин Айсен диэн уолу бэлиэтиэм этэ, 42 киилэҕэ бастаата уонна күрэхтэһии бастыҥ бөҕөһүн аатын ылла. П.П.Пинигин турнирыгар кини 38 киилэҕэ чемпионнаабыта, онтон бу бүгүн үөһээ ыйааһыҥҥа тахсан эмиэ кыайыылааҕынан буолбута кэрэхсэбиллээх. Уонна Влад Ноговицыны эмиэ ааттыахха сөп.
Николай Григорьевич билигин оҕо тустуутугар өрүү инники күөҥҥэ сылдьар Валерий Петрович Керемясов аатынан Дьокуускай к. 3 №-дээх олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спорт оскуолатыгар кыра уолаттарга тренеринэн үлэлиир, онон кини сыанабыла үгүһү этиэн сөп. Быйыл кини 55 сааһын туолла, онон бу турнирга аҕа табаарыстара, биир идэлээхтэрэ, араас сылларга көбүөргэ бииргэ тустубут доҕотторо түмсэннэр, Николай Яковлевка тус олоҕор,дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну, тренердиир үлэтигэр өссө да үрдүк ситиһиилэри түстээтилэр.
Мин тус бэйэм бу кэнники сылларга тахсыылаахтык тустан эрэр Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Дима Федоровы сэҥээрэ көрөбүн. Кини Виталий Олегович Яковлевка эрчиллэр, бу турнирга 30 киилэҕэ бастаата, ол иннинэ олимпийскай чемпион П.П.Пинигин бирииһигэр эмиэ чемпионнаабыта. Быйыл саас, олунньу бүтүүтүгэр Дима Новосибирскай уобалас Бердскэй куоратыгар ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга чемпионнаан дьонун үөрдүбүтэ. Ол иннинэ Саха сирин тустуутун инники кэскилин тургутан көрөр “Боотурдар оонньуулара” диэн киэҥ хабааннаах тустуу фестивалыгар икки сыл субуруччу бастаабыта. Димаҕа эрэнэбин уонна өссө да ситиһиилэри баҕарабын.
Маны таһынан, Петр Николаевич Осипов эрчийэр, мин өр кэмҥэ үлэлээбит Тойбохойум оҕолоро тустууга эмиэ ситиһиилээх буолан эрэллэриттэн астынабын.
Онтон баскыһыанньаҕа саха тустуутун бастакы көлүөнэтин биир бастыҥ бэрэстэбиитэлэ, “кылбаҥнатан тустар” Петр Попов эмиэ биир кэрэ-бэлиэ түгэнин бэлиэтээтэ. Петр Егорович олоҕун аргыһа, түөрт оҕотун тапталлаах ийэлэрэ Любовь Иннокентьевналыын сүрэхтэрин холбообуттара оруобуна үйэ аҥаара ааһан, кыһыл көмүс сыбаайбалара буолла.
Ыраах 1969 сыл сааһыгар студеннар сыбаайбаларыгар үс олимпийскай чемпион – Александр Иваницкай, Александр Медведь уонна Роман Дмитриев, кинилэр биллиилээх наставниктара, ССРС үтүөлээх тренерэ Сергей Преображенскай ыалдьыттаабыттара. Ол уруу киэһэтин күндү ыалдьыттара – эдэр ыалга алгыс эппит Петр учуутала Николай Иванович Сафонов, кинини тустуу чыпчаалларыгар тиэрдибит уһуйааччыта, Россия уонна Саха АССР үтүөлээх тренерэ Николай Николаевич Волков үйэ аҥаара ааспытын кэннэ, эмиэ күндү ыалдьыт буоллулар. Бу баар – спорт олохтообут уонунан сылларга сибээстээбит доҕордоһуута, чөл олох туругуруута, кэм-кэрдии быстыспат ситимэ!
Владислав КОРОТОВ сурукка тистэ, хаартыскаҕа түһэрдэ.
Оставить комментарий