Саха саарына Владимир Николаев төрөөбүтэ 75 сылыгар

Ахсынньы 12  күнүгэр, субуотаҕа, «Саха омук» холбоһук вице-президенэ Владимир Тимофеевич Николаев төрөөбүтэ 75 сыла туолбутунан сибээстээн, 90-с сылларга Саха сиригэр общественнай-политическай хамсааһын туһунан научнай-практическай конференция буолан ааста.

Конференция очнай көрүҥүнэн «Мин Россиям» музейга уонна уонна дистанционнай бэрээдэгинэн ZOOM площадкаҕа ыытылынна. Конференцияҕа 90-с сылларга үлэлээбит араас общественнэй түмсүүлэр чилиэннэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, историктар, журналистар кыттыыны ылллылар.

Владимир Николаев Ньурба оройуонугар 1945 сыллаахха кулун тутар 13 төрөөбүтэ. бэйэтин кэмин дэгиттэр сайдыылаах киһитэ этэ. Кини үөрэҕинэн тутааччы-инженер, иллэҥ кэмигэр спордунан үлүһүйэн дьарыктанан, хапсаҕайдаһан тустууга 1977 с. Манчаары VI Спартакиадатын кыайыылааҕа, боксаҕа 75 киилэҕэ Саха Сирин «Урожай» уопсастыбатын чөмпүйүөнэ буолбута, дуобат оонньууну кэрэхсээн, ССРС спордун маастарыгар кандидат буолбута. Кэлин чаҕылхай политик, талааннаах араатар уонна суруксут,  норуот истэр-сэргиир, батыһар политига буолбута. 1990-с сылларга саха норуотун сайдар тускулугар үлэлэһиигэ, республика судаарыстыбаннай суверенитетын олохтооһуҥҥа уонна ылыныыга, Саха Сирин экологиятын тирээн турар боппуруостарын быһаарсыыга бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.

80-с сс. ортолоруттан саха эдэр ыччата – студеннар, интеллигенция дойдуга буолбут уларыйыылары уруйдаан, Саха сиригэр көҥүл тыынын көҕүлээн, норуоттан тахсар хамсааһыннары тэрийбиттэрэ,  саҥа олох кэлэрин эрэнэ кэтэспиттэрэ. Владимир Николаев Ил Түмэн бастакы ыҥырыытыгар норуот депутатынан талыллан, Республика Палататын киһи быраабыгар, ис уонна тас политикаҕа, омуктар икки ардыларыгар сыһыаннарга, аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларыгар, общественнай холбоһуктар уонна политическай партиялар үлэлэригэр бастайааннай комиссия чилиэнэ буолан,  бу комиссия ыытар үгүс өрүттээх үлэтинэн муҥурдаммакка, 1991 с. «Саха омук» сойууһу тэрийэн, онно вице-президенинэн талыллан, идэтинэн эмиэ айымньылаахтык, дириҥник хорутан үлэлээбитэ. Бу тэриллии 1920-1928 сс. үлэлээбит бастакы “Саха омук” культурнай-сырдатар сойуус үлэтин салҕаабыта. Манна барытыгар Владимир Тимофеевич инники күөҥҥэ сылдьара. Кини ыараханнык ыалдьан, 2008 сыл кулун тутар 31 күнүгэр олохтон барбыта.

Хомойуох иһин, мин Владимир Тимофеевиһы сирэй билсибэтэҕим, ити кэпсиир кэмнэрбэр тыа сиригэр оҕо иитиитинэн дьарыктанар буолан, төгүрүк сылы быһа тулаайах оҕолору иитииигэ үлүһүйэн туран үлэлээн, үгүс общественнай хамсааһыннарга кыттыбатаҕым. Владимир Николаев үлэтин-хамнаһын туһунан хаһыаттан ааҕан, телевизорга көрөн эрэ билэрим. Онтон хойут, куоракка кэлэн спорт эйгэтигэр үлэлии сырыттахпына, Владимир Тимофеевич уолаттара аҕалара суруйан бэлэмнээбит саха норуотун хапсаҕай тустуутун  туһунан кинигэни бэчээкэ бэлэмниирбэр көрдөспүттэрэ. Онно кини бэйэтин норуотун историятыгар, саха үгэстэригэр олус дириҥ билиилээҕин, элбэх саха күүстээхтэрин олохторун сырдатан суруйбутун, саха тустуутун философиятын мындырдык ырытан, ис хоһоонун, техникатын уонна тактикатын сиһилии чинчийэн үөрэппитин сөҕө-махтайа санаабытым. Владимир Тимофеевич бэйэтэ саха биллиилээх тустууга Василий Стручковтуун-Абый Бааскалыын тустуу ньымаларын, албастарын көрдөрбүт хаартыскалара кинигэни толорон, ситэрэн биэрбиттэрэ. Бэрт кылгас кэм иһигэр бэлэмнээн, «Хапсаҕай былыргыта уонна бүгүҥҥүтэ» диэн кинигэни 2010 сыллаахха «Өбүгэлэрбит үгэстэрин салҕаан» сиэрийэ иһинэн таһаарбытым. Онтон салгыы Валентин Николаевтыын балайда чугастык билсэн, биир санаалаах дьон быһыытынан алтыһабыт, эдэр доҕорум эмиэ аҕатын курдук төрөөбүт норуотун дьылҕатыгар ыалдьарын, аныгы олох үгүс көстүүлэригэр бэйэтэ дириҥ толкуйдааҕын, онтун дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕастык тиэрдэр, бэйэтин санаатын туруулаһар дьоҕурдааҕын сэҥээрэ, астына саныыбын.

Бу тэрээһини биллэр общественнай диэйэтэл Иван Шамаев иилээн-саҕалаан ыытта, киирии тылынан арыйда. Конференцияҕа кыттыбыт, тыл эппит ол кэмнээҕи уоттаах харахтаах, төлөннөөх тыллаах дьоммут Андрей Борисов, Ульяна Винокурова, Иван Ушницкай, Николай Кириллин, Дмитрий Петров,  Олег Сидоров, Валерий Луковцев, Александр Жураковскай, Альберт Соров, Пантелеймон Петров, Владислав Доллонов, о.д.а. ким быһаччы кэлэн, ким куйаар ситимин нөҥүө Владимир Николаев туһунан ахтан аастылар, кини салайбыт “Саха омук” тэрилтэтэ биһиги республикабыт ол кэмнээҕи дьалхааннаах, ол да буоллар саҥаны саҕар үлэтигэр, бүттүүн Россияҕа, ону ааһан аан дойду таһымыгар тахсан – Хобоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэригэр тиийэ Саха сирин туһунан иһитиннэрбиттэрэ-биллэрбиттэрэ. Холобур, университет преподавателэ Дмитрий Петров 80-с сыллар бүтүүлэригэр Саха АССР союзнай статуһу ылан, бэйэтин аатыгар аан бастаан сахалыы “Саха” диэн ааттанар кыахтаммытыгар, Саха Республикатын Конституциятын оҥорууга, ону туруулаһыыга үгүс үлэни ыыппытын сэргии иһиттибит. Саха тылын уонна саха үгэстэрин утумнаахтын чинчийэр, сайыннарар учуонайдар Василий Илларионов уонна Лилия Винокурова (куйаар ситимигэр киэҥник тарҕаммыт, саха тыллаах сүҥкэн сэҥээриитин ылбыт саха тылын туһунан олус кэрэхсэбиллээх эссе автора) бэйэлэрин санааларын үллэһиниллэр. Маны тэҥэ конференция кыттыылаахтарын улахан болҕомтотун историческай наука кандидата, эдэр учуонай Степан Алексеевич Григорьев тарта. Иван Шамаев сыанабылынан, кини сонун тиэмэни – 90-с сылларга Саха сиригэр улахан үлэни ыыппыт общественнай  тэрилтэлэри үөрэппит биһиги республикабытыгар соҕотох  чинчийээччи, ол үлэтин түмүгүнэн  “ Этнические движения в эпоху перемен: общественные объединения коренных народов Сибири на рубеже веков” диэн монографияны суруйбут. 

Бу конференцияны Владимир Тимофеевич төрөппүт уолаттара Андриян уонна Валентин олус үчүгэйдик тэрийэн ыыттылар, сүрүн көҕүлээччинэн Саха конгреһын салайааччыта Иван Шамаев буолла. Кинилэргэ көмө буолан “Россия – мин историям” музей үлэһитэ Виктор Борисов бу көрсүһүүнү тэрийэргэ сүрүн үлэтин көрүстэ, бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Конференция түмүгүнэн туһааннаах резолюция ылылынна.

Манна кыттыбыт 50-тан тахса киһи улаханнык астынан, элбэҕи билэн, сонуну истэн дуоһуйан тарҕастыбыт.

Владислав КОРОТОВ.

Поделиться:

Оставить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Необходимые поля отмечены звездочкой (*)