Бүгүн Наталья Михалева-Сайа саҥа тахсыбыт “Уйгур” диэн драма сэһэнин сүрэхтэниитэ буолла. Онтон хаартыскалары таһаарабын уонна кинигэни ааҕаат суруйбут санааларбын хаттаан кыбытабын.
Биир дойдулааҕым, биллиилээх поэт уонна суруйааччы, “Саха” НКИК биэриилэрин ыытааччы, редактор Наталья Михалева-Сайа саҥа таһаарбыт “Уйгур” диэн сэһэнин улаханнык сэҥээрэн туран биир тыынынан аахтым.
Уонна аҕыйах бэйэм санаабын суруйарга сананным. Мин кинини урут уран тыллаах поэт уонна кэрэхсэбиллээх тэлэбииһэр биэрээччитин быһыытынан билэр буоллахпына, бу сэһэнигэр кини сиппит-хоппут проза маастарын быһыытынан көһүннэ.
Сайа олох күннээҕи бытархай чаастарын киһи өйүгэр тутан хаалар курдук ымпыктаан-чымпыктаан, сороҕор соһуччу сонун өттүттэн көрөн суруйара киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр. Аҕала сатаан эридьиэстээһин, тылы кэрдиистээн кэккэлэтии буолбакка, барыта орун оннугар буолан, киһи үөйбэтэх өттүттэн күннээҕини кэрэхсии көрөн, “Кырдьык даҕаны!” диэн сөҕө-махтайа ааҕаҕын.
Саха дьонугар хос ааттар, биир бөһүөлэккэ араас алаастартан-сыһыылартан мустубут дьон уруурҕаһыылара, сороҕор атааннаһыылара, сэрии кыттыылаахтарын ыккардыларыгар уоттаах сэрии – Арҕаа фронт байыастара – дьоппуон сэриитин ветераннарын соччо ахсарбат быһыылара, сэрии кэмигэр аччыктаан өлөөһүн суоһар чахчылара, уол-кыыс симик тапталлара үөскүүрэ, таптал сороҕор олоҕу алларытар алдьархайга тиэрдэрэ – маны барытын долгуйа, итэҕэйэ ылынаҕын.
Сэриигэ барыы хартыынатыгар хааннаах кыргыһыы хонуутугар аттаныахтаах дьону хара маҥнайгыттан саба баттаан, тыыннарын кыаратан, кэргэннэрин кытта киһилии бырастыылаһанр кыах биэрбэккэ үүрэн-түрүйэн, уйан дууһалаах Уйбааны кэргэнин сабыдыалыгар киллэрэн, дэһэртиирдииргэ тиэрдэллэр.
Сэһэҥҥэ бэл Саһар үрэх, Күрүөйэх өрөҕөтө, Хорҕойор диэн сир ааттарыгар былыр даҕаны итинник саһа-куота сылдьыбыт дьон баар буола сылдьыбыттарын Сайа бэлиэтиир.
Ыгыатта үрэх баһыгар таас очуоска соһо кыраасканан уруһуйдаммыт түҥ былыргы ойуулар баалларын С.Зверев-Кыыл Уола кэпсээбитин мин уруккуттан истэрим. Ол ойууга илиитин өрө көтөҕөн турар киһи төбөтүн үрдүнэн үс сарыадах баарын Уйгур ол киһи ыллыы турарын дорҕоонноро диэн тойоннуура миэхэ сонун буолла.
Икки тапталлаахтэр Бүлүү өрүс икки өттүгэр көмүллүбүттэр – икки ардыларынан олох курдук тохтообокко аан бастаан кинилэри ыга баайбыт, холбообут өрүс устар.
Мин санаабар, Уйгур дьоллоох, дьоллоох бэйэтин тапталынан, кини олоҕун итинник харса суох уонна толоостук алдьаппыт Иэйэтин таптыырынан, ону олоҕун очурдарын устун илдьэ сылдьыбытынан. Ол иһин кини тапталын бэлиэтин сарыада сибэккини Сайаҕа биэрэр, бар дьоҥҥо кини тапталын кэпсээтин, тиэртин диэн.
Владислав КОРОТОВ.
Оставить комментарий